Ыччат бэстибээлэ: «Якутия, молодцы!»…

Ааптар: 
21.10.2017
Бөлөххө киир:

Аан дойдутааҕы ыччат уонна устудьуон бэстибээлэ  алтынньы 15 күнүттэн 22-гэр диэри ыытыллар.

edersaas.ru

Тэрээһиҥҥэ уопсайа 185 дойдуттан 23 734 ыччат уонна устудьуон дьон кыттыыны ыла кэлбит, ол иһигэр тас дойдулартан 11 891 киһи, ону таһынан, 5000 волонтер. Бэстибээл Адлер диэн Сочи аэропордун таһыгар баар олимпийскай пааркаҕа  хас да спорт комплексынан тэҥинэн буолла. Ыалдьыты көрсө үөрүйэх сир диэх курдук, үлэлииргэ да, сынньанарга да бары усуолуобуйа тэриллибит.


Бастакы бэстибээл 1947 сыллаахха Прагаҕа ыытыллыбыт, онтон ыла 70 сыл ааспыт. Биһиги дойдубут бэстибээл историятын усталаах-туоратыгар уопсайа үһүс төгүлүн хаһаайын быһыытынан көрсөр эбит, 1957 уонна  1985 сыллардаахха. Быйыл бэстибээл 19 төгүлүн ыытыллар.
Тэрээһин сүрүн сыалынан аан дойду ыччатын сомоҕолооһун, эдэр дьону сайдыылаахтык уонна эйэлээхтик олоруу идеятыгар туһаайыы, норуоттар икки ардыларыгар бигэ ситими олохтооһун, историяны кырдьыктаахтык сыаналааһын уонна Арассыыйаҕа дьон интэриэһин көбүтүү буолар. Маныаха араас хабааннаах алтыһыы уонна үлэ түмүгэр, аан дойду үрдүнэн ыччат коммерческайа суох тэрилтэлэрин ситимэ олохтонуохтаах, Арассыыйаҕа олоҕурбут  тас дойдуга тэнитэр, олохтуур бөлөхтөр төрүттэниэхтээхтэр, норуоттар икки ардыларынааҕы устудьуоннар холбоһуктарын сөргүтүү үлэтэ саҕаланыахтаах уонна бары ыччаттар бодоруһарга, хардарыта дьайсарга аһаҕас буолалларын ситиһии соруга турар.
Бэстибээлгэ үөрэхтээһин былаһаакката түөрт хайысханан үлэлиир: култуура уонна глобализация, глобальнай экономика, уопсастыбаннай үнүстүтүүттэрин сайыннарыы, бэлиитикэ уонна норуоттар икки ардыларыгар куттал суох буолуута. Маны таһынан, бэстибээл чэрчитинэн быыстапкалар, айар мастарыскыайдар, спортивнай уонна култуурунай бырагыраамалар, атын дойдулары уонна регионнары кытта билсиһии былаһааккалара кыайа-хото тэриллибиттэр. Кыттааччы бэйэтин интэриэһигэр сөптөөх анал бырагыраама оҥостор, үлэҕэ кыттыһар. Бэстибээл үлэтин-хаамыытын, ситиһиитин пресс-киин сүрүннүүр. Оттон мунаахсыйбыкка, көмөҕө наадыйбыкка анаан волонтерскай киин баар. Үчүгэйэ диэн, хас биирдии регионтан, дойдуттан волонтердар да, суруналыыстар да кэлбиттэр. Кинилэр бары бу кииннэргэ тута кыттыһан үлэлээн бардылар.

Бэстибээлгэ биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн уопсайа 150 киһилээх халыҥ делегация кыттыыны ыла кэллэ. Маны таһынан, Саха сириттэн 40 волонтер талыллан үлэлии сылдьар. Атын регионнарга холоотоххо, биһиги ахсааммыт лаппа элбэх эбит. Бу түгэн өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа үрдүнэн бары араҥаҕа үрдүк көрдөрүүлээҕин, суолталанарын туоһута буолар. Холобур, Тыва Өрөспүүбүлүкэтиттэн — 15, Забайкальскай кыраайтан — 15, оттон Еврейскэй автономнай уобаластан 5 киһи кытта сылдьар.
«Биһиги, Саха сирин делегацията, бу тэрээһиҥҥэ аҥардастыы кыттааччы эрэ буолбакка, ордук тэрийээччи, көрсөөччү дойду быһыытынан кыттыһабыт. Ол ордук эппиэтинэһи уонна тэрээһиннээх буолууну эрэйэр», — диэн кэпсиир Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегациятын салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат дьыалатын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирин бастакы солбуйааччы Василина Лукина.
Өрөспүүбүлүкэ делегациятыгар ыччат бэлиитикэтин бары хайысхатыгар ситиһиилээх, үрдүк көрдөрүүлээх 18-тан 35 диэри саастаах эдэр дьон киирбит. Бэстибээл балаһыанньатыгар ыйыллыбытын курдук, уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара, эдэр суруналыыстар, айар эйгэ ыччаттара (музыканнар, худуоһунньуктар, суруйааччылар, режиссердар), спортсменнар, инженер-конструктордар, бэлитиичэскэй баартыйа уонна устудьуоннар уопсастыбаларын салайааччылара, үрдүк үөрэх кыһатын уһуйааччылара, эдэр учуонайдар, урбаанньыттар хабыллыбыттар. Маныаха, өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллэр квота элбииригэр, Саха сиригэр Ыччат сыла биллэриллибитэ уонна министиэристибэ бириэмэтигэр сөптөөх дьаһалы ылбыта улахан оруолу оонньообута.
Холобур, бэстибээл спортивнай бырагырааматын чэрчитинэн, мас тардыһыы түһүлгэтэ тэрилиннэ. Бу үгүс омук сэҥээриитин ылбыт кэскиллээх национальнай спорт көрүҥүн тэрийэр бөлөх эмиэ сэҥээрбит, тута бырагыраамаҕа киллэрбит. Киһи үөрэрэ диэн, мас тардыһыы түһүлгэтин үөрүүлээх аһыллыытыгар Арассыыйа спордун миниистирэ Павел Колобков  ыалдьыттаата. Маны таһынан, мас тардыһыытыгар бэдэрээссийэлээх тас дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын эттилэр. Дьон болҕомтотун тардар уонна саха норуотун култууратын билиһиннэрэр соруктаах, алтынньы 16 күнүгэр мас тардыһыы буолар сиригэр оһуохай тэрилиннэ, олоҥхо этилиннэ уонна тойук туойулунна.
Бэстибээлгэ кэлбит дьон кэрэхсэбилин ордук Саха сирин билиһиннэрэр быыстапка ылла. Регион уратытын, олоҕун-дьаһаҕын, ситиһиитин билиһиннэрэр павильон үс хайысхалаах. Бастакы хайысха хаартыскаҕа түһэр сир. Манна өрөспүүбүлүкэбит  истиэндэтин ортотугар мамонт уонна ирбэт тоҥ муус оҥоһуллубут. Дьону истиэндэҕэ ыраахтан ыҥырар суолталаах хаартыскаҕа түһэр сир күҥҥэ ортотутан 4-түү тыһыынча дьону түмтэ. Иккис хайысха — норуот култууратын, төрүт дьарыгын билиһиннэрэр хартыыналар, хомус эскпозицията, истиэндэлэр. Оттон үһүс хайысха өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи ситиһиитин, бырайыактарын, ыччат бэлиитикэтигэр ыытыллар үлэ-хамнас туһунан сэһэргиир. Сахалыы таҥастаах кыргыттар ыйытыктарга эппиэттээн быыстапка силигин ситэрэн биэрэллэр.
19 төгүлүн ыытыллар ыччат уонна устудьуон фестивалын үөрүүлээх арыллыыта «Большой» диэн Муус дыбарыаска буолла. Тэрээһин үөрүүлээх чааһын биллэр композитор, продюсер Игорь Крутой уонна Арассыыйатааҕы киинэ академиятын чилиэнэ Алексей Сеченев бэлэмнээбиттэр. Киһини сөхтөрөр уонна хойукка диэри өйгө-санааҕа хатанан хаалар уоттаах-күөстээх тэрээһини кэлбит эрэ барыта астынна, саалаҕа киирбит эрэ сөхтө. Тэрээһин ис хоһоонун уонна истиҥ иэйиитин аан дойдуга аатырбыт эдэр учуонайдар, холобур буолар хорсун санаалаах, балысхан бырайыактаах эдэр дьон, Арассыыйа эдэр чаҕылхай сулустара биэрдилэр. Түмүккэ аан дойдуга аатырбыт «One republic» айар бөлөх ыалдьыттаата, ырыаларын бэлэхтээтэ.
Күүтүүлээх уонна долгутуулаах түгэнинэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тыл этиитэ буолла. Владимир Владимирович бэстибээлгэ бары континентан 180-тан тахса дойду кыттарын бэлиэтээтэ, маны таһынан, Калининградтан Владивостокка диэри тайаан сытар бары регион кэллэ диэн иһитиннэрдэ.
«Араас итэҕэллээх, араас омук ыччатын, эһигини — эдэр дьону барыгытын- биир санаа, иэйии уонна сыал-сорук сомоҕолуур. Хас биирдии ыччат көҥүллүк сайдыан, дьоллоох уонна эйэлээх олоххо олоруон, хорсуннук айыан-тутуон, элбэҕи оҥоруон баҕарар. Онуоха, биһиги көлүөнэ эһиги ситиһиилээх буоларгытыгар кыһаллыахпыт. Ыччат чаҕылхай талаана, эрчимнээх санаата ураты күүстээх. Эдэр көлүөнэ дьон саҥаны тобулар, эксперименнээн көрөр үгэстээх, хотоойутук уонна аһаҕастык санаатын этэр, баары уларытар, тупсарар туһунан толкуйдуур. Кытаатыҥ! Кэскили түстээҥ, олоххутун тупсара, киэргэтэ сатааҥ. Оннук кыах барыгытыгар баар! Дьоһуннаахтык инникигит диэки хардыылааҥ!», — диэн алгыс тылларынан дойду аҕа баһылыга этиитин түмүктээтэ.
Маны таһынан, бэстибээл кыттыылаахтарын Аан дойдутааҕы демократическэй ыччат бэдэрээссийэтин бэрэсидьиэнэ Никос Пападимитриу эҕэрдэлээтэ. Бастатан туран, кини бэстибээли Арассыыйаҕа үрдүк таһымҥа тэрийбиттэрин иһин дойду бэрэсэдьиэнигэр Владимир Путиҥҥа уонна Арассыыйа олохтоохторугар махтал тылларын тириэртэ. «Биһигини фашизмы кыайбыт геройдар дойдуларыгар көрүстүлэр. Аан дойдутааҕы ыччат фестивала норуоттар доҕордоһууларыгар сүгүрүйэр. Аан дойду ыччата, эйэ уонна дьол туһугар сомоҕолоһуох!», — диэн ыҥырда.
Хас күн аайы үөрэх былаһааккалара, доҕордоһуу түһүлгэлэрэ быыстала суох ыытыллаллар. Аан дойдуга уонна Арассыыйаҕа биллиилээх дьон, холобур, Арассыыйа тас дьыалаларга миниистирэ Сергей Лавров, мотивационнай араатар Ник Вуйчич, биллэр ырыаһыттар, артыыстар, спортсменнар, бэлиитиктэр маастар-кылаас ыыталлар, сытыы боппуруостарга кэпсэтиилэргэ кытталлар. Өрөспүүбүлүкэ делегацията биир да чааһы халтай ыыппакка, бары былаһааккаларга көхтөөхтүк кыттар. Үгүс дьон биһиги оҕолорбутун, бырайыактарбытын, этиилэрбитин хайгыы көрөр, «Якутия, молодцы!» диэн тыл элбэхтэ иһиллэр. Үлэ салҕанар…

Мин тус бэйэм «Гражданскай институттары сайыннарыы» диэн былаһааккаҕа үлэлиибин. Бырайыагы суруйуу уонна сүрүннээһин технологияларыгар үөрэнэбин. Маны таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын өйөбүлүнэн үлэлиир «Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһынын аатыттан «Забайкальскай кыраай кэскилин өрөспүүбүлүкэтэ» диэн региональнай оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн кытта бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥ түһэристибит. Атын регионнары кытта уопут атастаһабыт, хардарыта бырайыактарбытыгар кыттабыт.

XIX аан дойдутааҕы ыччат уонна устудьуон
бэстибээлин делегата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын өйөбүлүнэн үлэлиир «Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ,
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Геннадий ОХЛОПКОВ.
(Сочи, Адлер, Олимпийскай парк)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0