Францияҕа бэҕэһээ коронавирустан 833 өлбүтэ бэлиэтэммит. Бу коронавирус дьаҥыттан өлүү саамай үрдүк көрдөрүүтэ.
Ыаллыы Италияттан эмиэ куһаҕан сонуннар кэлбиттэр. Онно ыарыы кэнники кэмҥэ намтаабыта. Соторутааҕыта эрэ былаастар ыарыыттан өлүү аҕыйаата диэн дакылааттаабыттара иһиллибитэ. Ол эрээри, бэнидиэнньиккэ кэнники биир суукка иһигэр 636 киһи бу ыарыыттан өлбүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Бу ааспыттааҕы көрдөрүүттэн олус элбэх.
АХШ-га коронавирустан өлбүт дьон ахсаана 10 тыһыынчаттан тахса. Италия уонна Испания кэнниттэн аан дойдуга үһүс көрдөрүү. Америкаҕа бу дьаҥҥа хайыы-үйэ 350 тыһ. тахса киһи сутуллубута бэлиэтэммит.
АХШ доруобуйҕа харыстабылын сулууспатын баһылыга Джером Адамс “Дойдубут Перл-Харборга тэҥнэһэр үлүгэргэ бэлэмнэниэхтээх. Олус элбэх өлүү буолуо диэн сэрэхэдийэбин”, — диэбит.
Иэдээн саамай тыҥааһыннах сирэ — Нью-Йорк штата. Манна коронавирустан 4,7 тыһ. тахса киһи өлбүт.
Британияҕа 349 саҥа өлүү бэлиэтэммит. Ыарыы манна лаппа намтаабыт курдук. Ол эрээри, королевство дьыалатын дойду премьер-миниистирэ Борис Джонсон күүскэ ыалдьан сытара уустугурдар. Джонсон бэнидиэнньик киэһээ реанимацияҕа киирбит.
Хаартыска — Getty Images