Кэрэ буолуу ураты күүс дии саныыбын. Аан дойду үрдүнэн бастыҥ кыраһаабыссаны талаары араас куонкурус ыыталлар. Саха сирин кэрэ куолара онтон туора турбаттар. Олортон биирдэстэрэ Олеся Кондакова-Захарова. Кинини “Мисс Якутия — 2011” куонкурус кыайыылааҕа буолуоҕуттан ыла билэбит. Олеся бу күннэргэ Кытайтан кэллэ. Кини онно “Мисс модель мира – 2016 ” Аан дойдутааҕы кэрэ куолар куонкурустарыгар кыттан «ТОП-30» иһигэр киирдэ. Мин Олесяны нуччалыы эрэ саҥарар диэн нууччалыы ыйыппыппар, сахалыы бэрт ыраастык “Сахалыы суруйаҕын дуо?” диэн соһутта.
— Олеся, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр эрэ.
— Мин Дьокуускайга төрөөбүтүм. Эһэм Уус-Алдан, эбэм Бүлүү улууһуттан төрүттээхтэр. Уус-Алдаҥҥа эһэм дойдутугар сылдьыбытым. Оттон Бүлүүгэ бара иликпин. Тохсус кылааска диэри Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатыгар үөрэммитим. Онус кылаастан ыла 2-с оскуолаҕа көспүтүм. Оскуолабын бүтэрээт ХИФУ горнай институтугар туттарсан киирбитим. 2012 сыллаахха бүтэрбитим. Билигин “Азия оҕолоро” дириэксийэтин спортка салаатын исписэлииһэбин.
— Бачча кэрэ, намчы кыыс тоҕо эр киһи эрэ кыайыан сөптөөх идэтин таллыҥ? Ыарырҕаппатаҕыҥ дуо?
— Биллэн турар, ыарырҕатарым. Оҕо эрдэхпиттэн туруоруммут сыалбын тиһэҕэр тиэрдэрбин сөбүлүүбүн. Ол көмөтүнэн үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрбитим. Оскуолаҕа сылдьан гуманитарнай хайысхалаах этим. Онтон техническэй үөрэххэ, буолаары буолан хайа инженерин идэтигэр киирбиппиттэн бэйэм даҕаны соһуйбутум. Үөрэнэр бөлөхпөр соҕотох кыыс этим. Учууталларым даҕаны кыайыаҥ суоҕа диэн этэллэрэ. Ол да буоллар санаабын түһэрбэккэ көхтөөхтүк устудьуоннаабытым. Бары тэрээһиннэргэ көмлөһөрүм, сүүрэрим-көтөрүм, устудьуоннар идэлээх сойуустарыгар киирбитим. Үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан “Мисс Якутияҕа” кыттыбытым.
— Кытайга ыытыллыбыт куонкурус туһунан кэпсээ эрэ.
— Куонкурус алтынньы 16 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри Кытай судаарыстыбатын Шэньчжэнь куоратыгар ыытылынна. Аан дойду араас муннугуттан уопсайа 62 кыыс кыттыбыта. Бастаан Кытай Гонконг куоратыгар тиийбиппит. Биһигини икки нэдиэлэ устата сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри куонкуруска бэлэмнээбиттэрэ, национальнай таҥаспытынан хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ. Ол кэнниттэн Шэньчжэнь куоракка тиийбиппит. Куонкурус маҥнайгы түһүмэҕин кэнниттэн 30 кыыс хаалбыта. Мин хомуска оонньообутум, дизайнер Марфа Шарина тикпит “Кыталык” таҥаһын кэппитим. 30 иһигэр киирбиппиттэн олус үөрбүтүм. Бу түһүмэххэ киирбит кыргыттар бука бары «Viсtoria,s secret» коллекционнай купальнигын кэтэн сыанаҕа тахсыбыппыт. Оттон үһүс түһүмэххэ 5 кыттааччы эрэ киирбитэ. Түмүккэ Финляндия кыыһа кыайбыта.
— Кэрэ буолуу диэн эн санааҕар хайдаҕый?
— Кистээбэккэ эттэххэ ыарахан. Кыраһаабыссабын дэммэппин. Холобура өйдөөх киһи мин өйдөөхпүн, муударайбын дэнэн хаһан даҕаны бэйэтин хайҕана сылдьыбат. Ол курдук, кэрэ кыргыттар эмиэ хаһан даҕаны бэйэлэрин хайҕамматтар. Эн кэрэҕин дьон туораттан көрөн сыаналыыр.
— Маныаха хабааннаах куонкуруска маҥнайгы холонууҥ хаһан буолбутай?
— Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатын иһинэн ыытыллыбыт “Мисс школы” куонкуруска онус кылааска үөрэнэ сылдьан кыттыбыппын бу баардыы өйдүүбүн. Миэхэ “Мисс дружба” ааты иҥэрбиттэрэ. Бу аат ураты улахан суолталаах. Тоҕо диэтэр, эйиигин көрөөччүлэр, дьүүллүүр сүбэ буолбакка, утарсааччыларыҥ талаллар. Кинилэр утарсааччылартан саамай истиҥ, чугас, бастыҥ киһилэрин ааттыыллар. Ол кэмтэн ыла араас күрэхтэһиилэргэ кытынным. “Мисс виртуальная Якутия” кыттаары гынан баран тохтообутум. Дьиҥинэн хаартыскабын ыытан баран, атын утарсааччылары көрөн толло быһыытыйан аккаастаммытым. Устудьуоннуу сылдьан “Мисс и Мисстер СВФУ” кыттан “Мисс зрительских симпатий” аатын ылбытым. Саамай улахан ситиһиим — 2011 сыллаахха ыытыллыбыт “Мисс Якутия” куонкуруска кыайыым. Онтон “Мисс России-2012” куонкуруска Саха сирин аатыттан кыттан «ТОП-15» иһигэр киирбитим.
— Кэрэ буолуу кистэлэҥҥин арый эрэ.
— Миигиттэн бу ыйытыыны үгүс киһи ыйытар. Миэхэ кэрэ буолуу кистэлэҥин быраабылата диэн суох. Быһыыбын-таһаабын оҥостоору диетанан үлүһүйбэппин. Утарабын. Төттөрүтүн элбэҕи аһыыбын. Аспын туттуммаппын. Быһыым-таһаам айылҕаттан маннык бэриллибитигэр төрөппүттэрбэр махтал. Оҕо сылдьан убайдарбын, бырааттарбын кытары улааппытым. Онон кэрэ буолуу кистэлэҥин хомойуох иһин этэр кыаҕым суох. Хас биирдии кыыс бэйэтэ туспа кэрэ буолар.
— Таптыыр киһилээххин дуо? Маннык куонкурустарга кыттаргын утарсыбат?
— Таптыыр киһилээхпин. Суох, кини миигин өрүү өйүүр, өйдүүр. Кини сүбэтинэн Кытайга баран кыттан кэллим.
— Олоххо сыалыҥ.
— Мин хаһан даҕаны былаан оҥостубаппын. Билиҥҥи, буола турар кэминэн олоробун. Арай үрдүк үөрэхпин бүтэриэм иннинэ ханна үлэлии барабын диэн толкуйдуурум. Онтон 2011 сылтан волонтер хамсааһынын күүскэ сайыннаран барбыппыт. Сыыйа “Волонтердары кытары үлэлэһэр киин” диэн төрүттэммитэ. Билигин Анастасия Габышева бэрэссэдээтэллии сылдьар. Биһиги бастаан саҕалыырбытыгар дьон-сэргэ волонтер диэн тылы “бөх ыраастыыр киһи” дии саныыра. Онтон 2012 сыллаахха ыытыллыбыт “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууга волонтердаабыппыт. Онно волонтер диэн кимин дьоҥҥо сырдаппыппыт. Үөрэхпин бүтэрбиппин кэнниттэн миигин “Азия оҕолоро” дириэксийэҕэ үлэҕэ ыҥырбыта. Билигин 2018 сылга Сахалиҥҥа ыытыллыахтаах “Азия оҕолоро” маҥнайгы кыһыҥҥы оонньууларыгар, онтон 2020 сылга Монголияҕа ыытыллыахтаах 7-с “Азия оҕолоро” оонньууга волонтердуу барар сыал-сорук туруоруннум.
Станислав ИОВЛЕВ кэпсэттэ.