Тохсунньу 27 күнүгэр Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) иһитиннэрбитинэн, аан дойду үрдүнэн 352,7 мөл. киһи коронавируһунан сутуллубута бэлиэтэммит. Олортон 5,6 мөл. киһи өрүттүбэтэх.
Ыарыы ордук тарҕаммыт дойдутунан АХШ буолар — 71 мөл. тахса киһи. Иккискэ Индия турар (40 мөл. тахса), үһүскэ Бразилия (24 мөл.), төрдүскэ Франция (16,8 мөл. тахса), бэһис — Великобритания, бу дойдуга 16 мөл. кэриҥэ киһи сутуллубута ыйыллар.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска sakha.gov.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1