Аан дойду үрдүнэн 37,7 мөлүйүөн киһи короновируска хаптарбыт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) этэринэн, коронавирус тарҕаныыта араас. Сорох дойдуларга ыарыы эмискэ күүһүрбүтэ, сорох дойдуларга намтаабыта бэлиэтэнэр.

Бу туһунан ВОЗ эрэгийиэннэргэ ыксаллаах быһыыга-майгыга салалтатын дириэктэрэ Дорит Ницан эттэ. Ол эрээри, элбэх дойдуга ыарыы күүһүрбүтэ күннээҕи статистикаттан көстөр. Алтынньы 14 күнүгэр аан дойду үрдүнэн коронавирустаабыт дьон ахсаана 37,7 мөлүйүөнтэн тахсыбыт. Ыарыы саҕаланыаҕыттан 1,07 мөлүйүөн киһи тыына быстыбыт. 

Саамай элбэх ыалдьыбыт дьонноох дойду АХШ — 7,87 мөлүйүөн, иккиһинэн Индия турар — 7,23 мөлүйүөн, үһүскэ Бразилия — 5,1 мөлүйүөнтэн тахса киһи. Төрдүскэ Арассыыйа — 1,326 мөлүйүөн киһи, бэһискэ Колумбия, бу дойдуга 924 тыһыынчаттан тахса киһи ыалдьыбыта бэлиэтэммит. 

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0