Көҥүл тустууга аан дойду Кубогар киирии билиэт сыаната, миэстэтиттэн көрөн, 500-тэн 800 солкуобайга диэри халбаҥныаҕа. Бу туһунан тэрийээччилэр иһитиннэрдилэр.
Күрэхтэһии биир күнүгэр киин трибуналарга билиэт сыаната 800 солкуобайынан быһылынна, оттон кытыы сиргэ – 500. Билиэттэр атыыга тэрээһин буолуо биир ый иннинэ тахсыахтара.
Бу иннинэ спорт миниистирэ Иннокентий Григорьев күрэхтэһиигэ социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох ыаллар оҕолоро, тустуунан дьарыктанар спорт оскуолалар иитиллээччилэрэ, спорт бэтэрээннэрэ босхо сылдьыахтара диэн этэн турар.
Эрдэ иһитиннэриллибитин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев дойду спортивнай тустууга федерациятыгар быйылгы Кубогы Дьокуускайга ыытар туһунан этии көтөхпүтэ. Айсен Николаев көҕүлээһинин Тустуу холбоһуктаах эйгэтэ (UWW) 2018 сыл ахсынньы 26 күнүгэр ылыммыта.
Санатан эттэххэ, эр дьон ортотугар көҥүл тустууга аан дойду Кубога бу дьыл кулун тутар 15-17 күннэригэр Дьокуускайга, “Триумф” Спорт киинигэр буолуоҕа. Онно аҕыс дойду — Япония, Грузия, Куба, Турция, Монголия, Иран, АХШ уонна Арассыыйа хамаандалара күөн көрсүөхтэрэ.
Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн ылылынна