Аан дойду үрдүнэн коронавируска 24 мөлүйүөн киһи сутулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 27 күнүгэр аан дойдуга COVID-19 ыарыыга сутуллуу түбэлтэтэ 24 мөлүйүөн киһини аһарда.

edersaas.ru

Джонс Хопкинс университета мунньар көрдөрүүлэринэн, коронавирус дьаҥыттан саамай эмсэҕэлээбит дойдунан билигин даҕаны АХШ буолар. Бу дойдуга, бэҕэһээҥҥи көрдөрүүнэн, 5,8 мөлүйүөн тахса киһи ыарыыга хаптарбыт. Ыалдьыбыт дьон ахсаанынан Бразилия иккис миэстэҕэ (3,6 мөлүйүөн), Индия — үһүс (3,2 мөлүйүөн) тураллар.

Инфекцияттан сылтаан 822 тыһыынча киһи өлбүтэ туоһуламмыт.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0