Өлүөхүмэҕэ аахсыйаҕа 300-чэ киһи кытынна

06.02.2020
Бөлөххө киир:


Олунньу 4 күнүгэр Олүөхүмэ улууһун оройуоннааҕы киин балыыһатыгар нэһилиэнньэҕэ аһаҕас аан күннэрэ ыытылынна. Аһаҕас аан күннэрэ Искэни утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнүгэр ананна.

Аахсыйа кэмигэр УЗИ исписэлииһигэр – 25, гинеколокка -15, онколокка — 28, терапевка — 51, хирурга — 12, тиис бырааһыгар — 45 киһи сырытта. Тирии-венерология бырааһын кэбиниэтин өҥөтүнэн 3 киһи туһанна, ФЛГ-га — 41 киһи, ЭКГ-га 60 киһи бэрэбиэркэлэттэ. 12 киһиэхэ быстах кэмҥэ үлэлээбэтин туоһулуур больничнай лиис бэрилиннэ. Аахсыйаҕа барыта 300-чэ киһи кытынна.

“Маннык аахсыйа биһиги улууспут эмтиир тэрилтэлэригэр барыларыгар: балыыһаларга уонна биэлсэр-акушер пууннарыгар буолла. Бу дьаһалга элбэх киһи ис сүрэҕиттэн баҕаран туран кыттыбытыттан үөрэбит. Ордук искэн ыарыыларын сөпкө өйдүүллэрэ, билэллэрэ үөртэ”, — диэн Өлүөхүмэ куоратын поликлиникатын сэбиэдиссэйэ Анастасия Емельянова санаатын үллэһиннэ.

Кэлбит дьоҥҥо 125 буклеты түҥэттилэр, видеоролик көрдөрдүлэр. Оттон кэлбэтэх дьон да ытыс соттон хаалбатылар, бу ролик социальнай ситимнэринэн ыытыллан, элбэх киһи интэриэһиргээтэ.


Аахсыйа түмүктэнэн хаалбат. Анастасия Емельянова эппитинэн, онкомаркерга хаан анаалыһын туттарыан баҕалаахтар, ханнык баҕарар күн поликлиникаҕа кэлиэхтэрин сөп. Ыарыыны сэрэтэр кэбиниэт быраастара ыйытыыларга сүбэ-ама биэрэргэ бэлэмнэр.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0