Ааҕар дьиэни ааһымаҥ

Ааптар: 
27.05.2021
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Бибилэтиэкэ күнүнэн Уус Алдан улууһуттан Полина-Победа бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр хоһоон анаата. 

ААҔАР БАЛАҔАН

(бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр)

Ааҕар дьиэни ааһымаҥ
Билии төрдө онно баар,
Саамай саҥа айымньы
Тута киирэр киниэхэ.

Ааҕар дьиэттэн саҕыллан
Ааҕар кэмнэр бааллара,
Көлүөнэни иитиспит
Сүдү дьоммут бэлэҕэ.

«Сааскы кэммит», «Төлкөбүт»
Илдьирийиэр диэритин
Саха ыалын кэрийэн
Былдьаһыкка сылдьара.

Кэрэ баарын кэпсээччи,
Сүдү билии бэрсээччи
Буолар ааҕар балаҕан —
Ааһа түһэр буолумаҥ!

                                                     Полина-Победа
                                                                        Уус-Алдан

Хаартыска: eksmo.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0