Ааҕааччы ыйытар: Хаһан холбонуой?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мин быйыл күһүн “Саха сирэ” хаһыат атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи нүөмэригэр “Хаһан көстүөҕэй?” диэн ыйытыым бэчээттэммитэ. Онно тута “Сыыппараҕа киирии быһаарыллыаҕа» диэн тустаах министиэристибэ хоруйугар эрэгийиэннээҕи цифровой мультиплекстартан туспа кнопканы (ханаалы ) биэрэр туһунан Кремль пресс-сулууспатын суругар олоҕуран эппитэ. Онно этиллибитинэн, бэрэсидьиэн бырабыыталыстыбаҕа сыыппараҕа эрэгийиэн телеханаалларын киллэрэргэ диэбит.

«Бу туһунан анал дакылаат быйыл алтынньы 1 күнүгэр судаарыстыба баһылыгар киириэҕэ”, — диэбит этэ Кремль пресс-сулууспата. Ол да буоллар, “Саха НКИХ” босхо 20 ханаалга хаһан холбонорун күүтэрбит кыайан быһаарыллыбата быһыылаах. Аҕыйах хонуктааҕыта ОТР ханаалга “Саха – 24” диэни сарсыарда 6 — 9 чааска диэри, киэһэ 17 — 19 чааска диэри нууччалыы аҕыйаҕы көрдөрөллөр. “Саха НКИХ” толору сахалыы бырагыраамата хаһан холбонуой? Киин улуустарга көстүбэт, ким быһаарара биллибэт. Дойду бэрэсидьиэнэ дьаһайбыт, оттон толорооччута кимий?

КОНСТАНТИН ЕРЕМЕЕВ –ТИЛИН,
Нам улууһа

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0