Ааҕааччы суруга: Сэбээҥҥэ Сунтаар улууһуттан төрүттээх кырдьаҕастары көрсүбүтүм…

Ааптар: 
10.02.2021
Бөлөххө киир:

Урут  Сэбээн, Сиэгэн сирдэригэр   21000 табаҕа тиийэ иитэллэрэ да буолар. Төһө даҕаны туспа совхоз буолбуттарын иһин, үлэ-хамнас туһунан мунньахтарга биһиги үгүстүк түмсэрбит. Онон мин үгүс киһини ити кэмҥэ билсибитим. 

Бу дойдуга  аҕа ууһунан олорон, кэлин түмсэн Сэбээҥҥэ улахан бөһүөлэги төрүттээбиттэр. Манна сүрүннээн Кривошапкиннар, Кейметиновтар түһүлгэни баһылаан олорбуттар диэххэ сөп. Дьэ манна олорор дьоннортон мин үгүс киһини билсибиппиттэн Анастасия Васильевна Кривошапкина, Николай Степанович Ефимов, оччотооҕуга оскуолаҕа үлэлиир, кэлин табаһыт буолан аатырбыт Кейметинов о.д.а. бааллара. Оттон үөлээннээхтэрбиттэн Андрей Кривошапкины, Михаил Степановы, Афанасий Кривошапкины, Игорь Захаровы, Клим Протопоповы, Никифор Кривошапкины, Костя Потаповы, о.д.а. үгүс ыччаттары билсибитим. Күн-дьыл барыыта умуннарара диэн баар эбит, ону хайыаххыный?

Урут  Сангаартан Сэбээҥҥэ быһа көтөллөрө. Манна соҕотох үрдүк кылаастаах лүөччүк Владимир Заболоцкай көтөрө. Олохтоох Саха сирин уола, биһиги киэн туттуубут. Биһиги  биирдэ “Кэбээйи” совхоз делегацията Өктөөп бырааһынньыгын саҕана үлэ түмүктэрин, инники соруктары билиһиннэрэ кэнсиэрдээх бардыбыт. Айан суола аһаҕас, көтүҥ диэн биллэрдилэр. Көттүбүт даҕаны тус хоту түһүнэн кэбистибит. Уонча мүнүүтэ буолан баран халлааны өрө харбаһан иһэн түннүгүнэн көрбүтүм, бэрт кылгас сэппэрээктэри, талахтары үрдүнэн, хайдах эрэ авиапортка түһэн иһэрдии сөмөлүөтүм көтөн иһэр эбит. Өйдөөн көрбүтүм, дьэ били аатырар таас Дьааҥым оройунан  бэрт намыһаҕынан иһэр эбиппит. Онтон дьэ итинник чаас кэриҥэ көтөн баран, эмискэ көтөр аалбыт иҥнэҥнииргэ дылы гынан баран, хайа уһун хаспаҕар киирэн иһэрдии хайысхатын тутта, биһигини икки өттүбүтүттэн хайалар үрдүк иэдэстэрэ арыаллаатылар.

Бөһүөлэккэ дьиэлэр оһохторун буруота бэрт хойуутук, хайа да диэки охсуллубакка, бэрт наҕыллык үөһэ тахсар. Онно үөһэ бэрт ыраах хайалар төбөлөрө хаарынан өрө ытыллара, сорох сиринэн халыҥ хаар сыстан сытара көстөр, оттон манна аллара хаар бэрт чараас эбит. Саҥа иккилии квартиралаах буочука оһохтоох дьиэлэр тутуллубуттар. Онно ол гынан баран олорботтор эбит. Ону ыйыттахха, саас олоруохтара, билигин отуннахха чаана бэрт, үөл мас буолан сымалата итийэн сыта бэрт диэннэр, ыстаадаттан киирбит дьоннор тордохторугар олороллор. Ол сөп буоллаҕа, үйэлээх саастарыгар буруо диэҥҥэ ыыһамматах, тордох бэйэтэ тардар күүһүнэн ыраастанар чэбдик салгынынан тыынан ыстаадаҕа үөскээбит дьоҥҥо.

Мин манна билэр дьонум, инники эппитим курдук, төһө да урут сылдьыбатаҕым иһин, үгүс эбит. Ол иһигэр сопхуос биир бастыҥ үлэлээх 10-с ыстаада биригэдьиирэ, обкомол пленумун чилиэнэ, оройуон киэн туттар ыччата, мин табаарыһым, киһи да быһыытынан олус сэмэй, холку доҕорум, эбээн чулуу уола Никифор Кривошапкин, саҥа дьиэ туттан эдэр ыал буолан олороллоругар түстүм. Дьонум өссө үөрүүлээҕэ саҥа уол оҕоломмуттар.

Биһиги кэлбит дьон сынньана түһэн баран, киэһэ 8 чаастан нэһилиэнньэ иннигэр кэлбит үлэбит былаанынан икки сопхуос “Кэбээйи” уонна “Кировскай” үлэҕэ-хамнаска хайдах сылы түмүктээн иһэллэрин туһунан сопхуос дириэктэрдэрэ Сивцев И.Д., Стручков К.И., оттон  мин ыччат үлэтин сырдаттыбыт.

Түүн лаппа хойут, ыалдьыттары аһылыкка ыҥырдылар. Мин Ньикииппэрбэр чэйдэһэ тахсыбатым, олохтоох уолаттары кытта биэчэр оонньуутун тэрийсэ хааллым. Дьон наһаа тарҕаспатын диэн, һээдьэни ким этэрин буллардым. Өр өтөр буолбата биир эдэрчи кыыс таһаарбытынан барда. Көхтөрө-нэмнэрэ сүрдээх эбит, көрөн олорооччу аҕыйах буолла, бары кэриэтэ эргииргэ киирэн түһүлгэ туола түстэ, балайда өр таһаарда. Онтон мин оһуохай таһаарабын, эһиги көмөлөһүҥ диэтим да, эппитинэн бардым. Балайда этэ түһэн баран ойутууга киллэрэн, дьоммун улам сылатан баран тохтоотум. Саҥа олорон уоскуйан истэхпинэ олохтоох эдэр уол Ефимов Коля (кини Сангаарга үөрэнэр буолан миигин билэр, аҕатын Николай Степановиһы үчүгэйдик билэбин) кэлэн арай эттэ: ”Эн өссө оһуохайдыаҥ дуо? Билигин биһиги төрүччүлэрбитин ыҥыран илдьэ кэлиэхпит”,— диэтэ. Ону истэн Костя Потапов: “Чэ кытаат, кырдьык этээр эрэ”,- диэт даҕаны Афоня Кривошапкины ыҥыран, таһырдьа мэлис гыннылар. Мин бэйэм да соһуйан, эмискэччититтэн даҕаны, төрүччү диэн тылы туттубат да буолан, ситэ өйдөөбөккө хааллым. Өр өтөр буолбата, ааны тэлэччи аһаннар, уолаттарым өссө элбээбиттэр, икки кырдьаҕас баҕайы эмээхсини көбүөр суорҕаҥҥа суулаан көтөҕөн киллэрэн, кэккэлэһиннэри олордуталаан кэбистилэр. Обургулар түргэннэрэ-тарҕаннара, хамсаналлара-имсэнэллэрэ эчи түргэнэ, чэпчэкилэрэ сүрдээх уолаттар диэтэҕиҥ. Эмээхситтэри көрөөт, тугу эппиттэрин дьэ өйдөөн эрдэхпинэ, түһүлгэни түмэ, тэрийэ оҕустулар да, чэ эт диэтилэр. Эттим. Сири-дойдуну, сааһы, алаастары, ыһыаҕы… хоһуйбута буоллум, төһө кыайарбынан, бүтүүтүгэр сөп соҕустук ойуттум. Бүттүбүт.

Дьэ өйбүн-төйбүн булан, соругу толорон уоскуйан, олорор эмээхситтэргэ тиийдим, илии тутуһан дорооболостум. Кырдьаҕастарым үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сүрдээх, саҥалара чаҕааран олорор. Махтаннылар. “Чэ кэпсээҥ, бу түүннэри оҕолоргут тоҕо утуппакка аҕаллылар? Төрүччүлэрбит диэн кэпсииллэр дии, наҕылыччы олорон сэһэргэһиэҕиҥ, үөрбүккүт-көппүккүт сүрдээх дии”, — диэтим. Кырдьаҕастарым саҥалара олохтоохтор саҥаларыттан уратыта суох. Хата чуолкайдык, былыргыттан саҕалаан кэпсээтилэр. Сөп-сөп кэпсииллэрин ситимнииллэригэр, кэмиттэн кэмигэр салайан биэрдим.

Онно эмээхситтэрим кэпсээннэрэ маннык өйдөбүлү, санааны биэрдэ. Дьэ истиэҕиҥ эрэ…

Биһиги билигин 90-ча сааспытын ааһан эрэбит. Бу кыыс миигиттэн сылтан ордук балыс. Дьэ биһиги ити эн дьуохаргын истэн олус үөрдүбүт. Былыр 16-х -17-х кыргыттар ол өрдөөҕүтэ дойдубутугар ыһыахха истибиппит. Оо, ол саҕана дьон-сэргэ бөҕө мустан, үөрүү өрөгөйө буолара. Сайын ахсын ыһыахха киһи-сүөһү мустан күннэри-түүннэри дьуохардаан ахан биэрэллэрэ. Эчи үчүгэйин! Алаас, сыһыы аайы сүөһү бөҕө туолан, от-мас силигилии ситэн, аны санаатахха олус да көрүөхтэн кэрэ буолара… Биһиги буор эҥэртэн адьас оҕо саастаах дьон буллахпыт дии бу дойдуну. Биһиги дьоммут сүөһү-ас өттүнэн баай, кыанар дьон этилэр. Оттон биһигини кэпсэтэ эмиэ ыһыах кэмигэр бу дойду дьоно тиийбиттэрэ, онно хас да хоммуттара. Биһиги оҕолор ону көрөр этибит, элбэхтэрэ. Икки хас саастаах дьоннордоохторо. Ол дьон, аны санаатахха, бу таас эҥэртэн бу биһигини уолаттарыгар кэргэн кэпсэтэ, эһиил ыһыах саҕана кэлэн күүлэйдээн баран ылан барарга биһиги төрөппүттэрбитин кытта былыргынан илии охсуһан барбыттар эбит. Бу биһигини ол кэнниттэн таҥас-сап өттүнэн бэлэмниир буоллахтара дии, ону биһиги оннук диэн өйдөөбөт буоллахпыт. Эдэрбит да бэрт, мааныга далбарга иитиллибит буолан, күннээҕи олох ааһарынан саныырбыт. Дьоммут син сэрэтии, үөрэтии аҥардаах “улааттыгыт, кыргыттар, дьиэ кэргэн дьоно буолуоххут” диэн ис хоһоонноох такайыы буолар быһыылааҕа. Дьэ сыл буолаат, ыһыах саҕана, эмиэ били дьоммут кэллилэр. Икки өттүттэн көрсүһүү, үөрүү-көтүү буолла, чэ улаханнык уруу диэн өйдөөбөппүн. Ыһыахтан саҕалаан окко киириэххэ диэри буолла. Биһиэхэ  уолаттары сыһыардылар диэххэ дуу… Ол курдук тэриллэн, атаарыллан биһиги дойдубутуттан Бүлүү эбэбитин букатыннаахтык туораан, бэрт уһуннук аар тайҕаны ааһыталаан, Өлүөнэ өрүһү туораан, күнү-ыйы күлүктүүр таас хайалары быыстарынан бу дойдуну булбуппут, дьэ уонна бу олордохпут. Бу олорор сирбитигэр киһи-сүөһү аҕыйах этэ, табаттан атын дьиэ сүөһүтэ суоҕа. Дойдубутун маҥнайгы кэмнэргэ, оҕолонон-урууланан тэнийэ иликпитинэ, ахтан бөҕө буоллаҕа дии. Онон бу дойду дьонун-сэргэтин барыларын тэнитэн үөскэтэн, барыларын төрүттэрэ биһиги дэнэбит. Бу Кривошапкиннар, Кейметиновтар, о.д.а. аҕа уустара буолан, мустан олордохпут дии.

Дьэ ити, бу оҕолорбут, ыччаттарбыт эмискэ ойутан туруортаан аҕалан, былыр үйэҕэ истибит үөрүү түһүлгэтин санаттылар, — диэн билигин да аһаҕас, чаҕаархай куоластарын адьас сүтэрбэтэх, бу дойду төрүччүлэрэ аатыран олорор, ытыктанар далбар хотуттары, Сунтаар улууһуттан төрүттээх кырдьаҕастары көрсүбүт, кэпсэппит дьоллоохпун. Бириэмэтэ ыгыма, анаан сыал-сорук оҥостубатах уонна эмискэччитэ да бэрдэ, бэлиэтэнэр, сурунар кэлиэ баара дуо? Оннук түгэн көстүбэтэҕэ, арай балтыбын диэччи иккитэ хаста Элгээйи диэн сир аатын эппитин өйдөөн хаалбыппын. Бэйэм да Сунтаары билбэтим бэрт буоллаҕа…

Билигин санаан көрдөхпүнэ, бу ытык кырдьаҕастар уончалыы оҕолоохпут диэбиттэрэ. Дьэ оччоҕо кинилэр 1877-1880 с.с. Сунтаар улууһугар төрөөбүт буоллахтара. Сэбээҥҥэ 1895 сыллар эргин кэллэхтэрэ. Удьуордара-аймахтара Сэбээн сиригэр-уотугар уонна Сунтаар улууһугар тэнийэн-тарҕанан олордохторо. Бу суругу суруйарга миэхэ өй-санаа киирбитэ ыраатта, ол эрээри күнэ-ыйа туоллаҕа, дьэ сурулунна. Бу манна хас даҕаны түһүмэх дьон олоҕо, удьуора, аймаҕа хабыллар, ону тэҥэ тус-туспа киэҥ сири кэрэһэлиир. Итини таһынан сир-дойду суола-ииһэ ыараханыттан, дьон-сэргэ омугун элбэҕиттэн-аҕыйаҕыттан, олоҕун дьарыга арааһыттан, тыла-өһө, саҥата-иҥэтэ атыныттан тутулуга суох, удьуору ууһатыы-тэнитии туһунан икки атах дьулуура улаханыттан сөҕөрбүттэн. Санаан көрүҥ, таас Дьааҥы быыһыттан эбээн омук бэртэрэ сири-уоту, суолу-ииһи булан, икки улуу өрүһү туораан хаан-уруу тэнитэ бардахтара бэрдин! Бу сыралаах уһун айан тоҕо эрэ сайын буолара, сирэ ырааҕа, хайалара, хаспахтара, үрэхтэрэ, силээннэрэ, алыылара, хайа уонна Өлүөнэни, Бүлүүнү туораан таба көлө кыаҕынан Сунтаары булуу, чахчы сыал-сорук оҥостон тиийии икки атах кыахтааҕын, олоххо тардыһыылааҕын, дьулуурдааҕын көрдөрөр.

Дьэ эрэ, бу көҥүл кэмҥэ, сибээс-тайма дэлэйигэр, суол-иис баарыгар кытаатыҥ эрэ сибээстэһиҥ, күүлэйдэһиҥ, ыалдьыттаһыҥ, булсуҥ дьоҥҥутун-сэргэҕитин, уруугутун-аймаххытын! Үөрэтиҥ эрэ, ол оччотооҕу Дьааҥы хайаларын быыһын эбээннэрэ, кэскил кэҥиирин туһугар тэлбит ыллык суолларын! Эһиэхэ бары үчүгэйи баҕаран туран эрэнэбин үөрэтиэхтэрэ, билиэхтэрэ, билсиэхтэрэ диэммин.

Дмитрий Иванович Николаев, улуус бочуоттаах олохтооҕо, үөрэхтээһин, экономическай сайдыы бэлиэлэр хаһаайыннара, судаарыстыбаннай үлэ бэтэрээнэ, Дабаан хаһыат корреспондена.

Арыктаах. 07.01.2021 с.

Хаартыска: http://yakutmovie.ru/?p=591

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0