ААҔААЧЧЫ СУРУГА: Егор Борисов сырыытын кэннэ поликлиникабыт үлэтэ төһө тубуста?

14.08.2017
Бөлөххө киир:

Былырыын Дьоллоох Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр турар 1 №-дээх поликлиникабыт үрүҥ халааттаах аанньаллара ардыгар ыарыһахха мөлтөх сыһыаннаахтарыттан хомойон, «Эдэр саас» сайтка суруйан турардаахпын.

Аксинья ПРОТОПОПОВА, общественнай корреспондент.

Билигин искэн ыарыыта элбээбит кэмигэр сэрэтии үлэтэ толорута суох. Бэл диэтэр, ыарыһахтар туттарбыт анаалыстарын түмүгэ сүтэр түгэннэрэ эмиэ тахсар. Онтон дьон эрэйдэнэр, поликлиника үлэтигэр итэҕэл сүтэр.

Дьэ, ол кэнниттэн биһиги норуотунан талбыт Ил Дархаммыт Егор Борисов биир үтүө күн соһуччу 1 №-дээх поликлиниканы көрө-истэ кэлбитин эмтэнэ сылдьааччы дьон соһуйа, үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Үксүлэрэ санааларын сирэй көрсөн тиэрдибиттэриттэн астыммыттара, үчүгэй уларыйыы тахсыаҕар эрэнэ хаалбыттара.

Ил Дархан соһуччу сырыытын кэнниттэн, аны соторутааҕыта мин, пенсионерка, бэрэбиэркэлии тиийдим. Уларыйыы баар дуу, суох дуу?

Поликлиника аныгылыы тупсаҕайдык өрөмүөннэммит, ыарыһах уочаракка тура сатаабакка, электроннай уочаратынан туһанар буолбут. Ыарыһах чопчу ыйыллыбыт бириэмэтигэр кэлэр. Диспансеризацияҕа хабылыннаххына, туох баар чинчийиини барытын ааһыахха сөп. Эмчиттэр да ыарыһаҕы кытары сыһыан этикатын билсибит көрүҥнээхтэр. Тардыныы, сайдыы барбыта харахха быраҕыллар. Ол түмүгэр бэл ыарыһахтар да бэйэ-бэйэлэригэр тулуурдаахтык, холкутук сыһыаннаһаллар. Уруккулуу уочараты былдьаһан, быһа киирии-тахсыы, этиһии көстүбэт. Этэргэ дылы, кутургуйаны төрдүттэн ыллахха, киһи үтүөрэр.

Ил Дархаммыт бэйэтинэн суолта биэрэн, норуотун кыһалҕатын өйдөөн, поликлиника үлэтин төрдүттэн уларыппыта – үтүө дьыалалартан биирдэстэрэ.

Аксинья ПРОТОПОПОВА, медицина бэтэрээнэ, общественнай корреспондент. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0