Саха сиригэр булт быраабыларын уонна туйахтаах кыылларга көҥүл биэрии бэрээдэгин туһунан санааларбын булчуттарга уонна тустаах уорганнарга тиэрдиэхпин баҕарабын.
КИИН УЛУУСТАРГА КУС-ХААС КӨҤҮЛҮН ТУҺУНАН
Сахалар былыргыттан саас дурдаҕа олорон кус бастакы кэлиитин кэтэһэллэр. Кэнники сылларга, күн-дьыл сылыйан, кус эрдэ кэлэр буолла.
Холобур. Нам улууһугар кэнники түөрт сылга кус көтөр түүннэрэ 5-6 чыыһылаларга буолар буолла. Урут умсаахтар ыам ыйын ортотуттан кэлэр эбит буоллахтарына, билигин 6-7 чыыһылаларга кэлэллэр. Кус хоту айаннаан 10-с чыыһыла кэнниттэн киин улуустарга лаппа аҕыйыыр. Булт көҥүллэммитин кэнниттэн дьон үксэ, өрүс эстиэр диэри улаханнык бултуйбат. Өрүс эһиннэҕинэ киин улуустарга төрүү кэлбит кустары бултааһын буолар. Уу кэлиэн иннинэ хочоҕо дурдаламмыттар уу ылбат сиригэр көһөргө күһэллэллэр. Онно кус түһүөн сөптөөх ууну кыайан булбакка, эрэй буолар. Уу кэллэҕинэ, дьон ууга түһэн суорума суолланар түбэлтэлэрэ сыл аайы тахсар.
Ууну кытта кэлбит кустары дэлби ытыалаан, сороҕун өлөрөн, үксүн хоту кыйдаан, киин улуустарга олох аҕыйах кус сымыыттыы хаалар. Кус аҕыйаабытын күһүҥҥү булчуттар бэркэ биллэхтэрэ буолуо.
Хаас күргүөмүнэн көтүүтэ киин улуустарга ыам 1-5 чыыһылаларыгар буолар. Хомойуох иһин, киин улуустар олохтоохторо ити кэмҥэ бултуур бырааптара суох. Хоту улуустар булчуттара куһу, хааһы, андыны ыталлара көҥүллээх буоллаҕына, киин улуустар булчуттарыгар ыам ыйын бастакы чыыһылаларыгар хааһы бултуур бобуллар. Арассыыйа атын субъектара хаас кустааҕар аҕыйах хонук эрдэ кэлэрин учуоттаан хааһы 10 хонукка бултааһын болдьоҕун кус көҥүллэниэн иннинэ олохтообуттар. Оттон Саха сирин киин улуустарын сонордьуттарын бырааптарын күөмчүлээн хааһы уонна куһу бултааһын болдьохторун араарбакка, барытын биир болдьох — ыам ыйын 11-20 күннэригэр оҥорбуттар. Ити РФ Төрүт Сокуона дьоҥҥо тэҥ быраабы биэрэр сокуонун кэһии буолар. Бу Арассыыйа сүрүн сокуонун кэһиини борокуратуура туох диирий?
Бу үөһээ этиилэрбэр олоҕуран, киин улуустар дьонноро-сэргэлэрэ хаастыылларыгар атын субъектар булчуттарын кытта тэҥ быраабы биэрэн, ууга былдьаныыны таһаарбат туһугар, сааскы хааһы бултааһыны ыам ыйын 1-10 күннэригэр, куһу – ыам ыйын 5-14 күннэригэр көҥүллээтэххэ дьон дуоһуйа ытыа этэ уонна кус төрүүрүгэр-ууһууругар кыах биэриэ этэ. Ити ыам ыйын 1 -10 күннэригэр өрөбүл күннэри олохтообуттара дьон бултууругар табыгастаах.
ТУЙАХТААХ КЫЫЛ АХСААНЫН ЭЛБЭТИИ ТУҺУНАН
Канада учуонайдара туйахтаах кыыл аҕыйааһына бултааһынтан буолбакка сиэмэх кыыл аһылыктара буолалларынан быһаарбыттар. Кинилэр биир эһэ сайын устата 45-кэ диэри тайах оҕотун сиирин дакаастаабыттар. Ити Канадаҕа тайахтара элбэх буолан биир эһэҕэ 45 тайах тиксэрэ буолуо. Оттон Саха сиригэр, холобура, биир улууска 20 эһэ 15-тии тайах оҕотун сиэтэҕинэ, сайын устата 300 тайаҕы суох оҥороллор. Интэриниэт «Охотник и рыбак» пуорумугар тохсунньу 19-гар фотоохотник Капустин суруйбут: «Очень много волков, медведей развелось, они молодняк давят, я по своей фотоловушке сужу, с весны регулярно приходят лосихи, изюбрихи с телятами. В июле уже приходят без телят. Это уже года три так. Также ловушка фиксирует приход медвежьих семеек и одиночных медведей». Ити курдук, Саха сиригэр эһэ, бөрө наһаа элбээн туйахтаах кыыллары аҕыйаталлар.
Кэнники сылларга эһэ элбээн дьоҥҥо кутталы үөскэттэ. Былырыын «Бүлүү» суолун 16 км оҕолоох эһэни көрбүттэр этэ. Дьоннор ыраах тыаҕа отоннуу, тэллэйдии барыахтарын
куттанар буолбуттар. Оттон тыатааҕылар төһө кулунчугу таппыттарын сылгыһыттартан истиэххэ сөп. Аар тайҕа хаһаайынын бултууру хааччахтааһын эһэни сонордоһор булчуттары лаппа аҕыйатта. Итиннэ тыатааҕыны бултуур кубуота аҕыйаҕа тиэртэ. Биир өттүнэн эһэни бултуур көҥүл сыаната олус ыарахан буолан орто хамнастаах киһи кыайан ылбат.
Туйахтаах кыылы аҕыйатааччы иккис сиэмэх кыылынан бөрө буолар. Урукку курдук дьаатынан уонна бөртөлүөтүнэн бултааһын суох буолан, кэнники сылларга адьырҕа наһаа элбээтэ. Былыр сахалар сүөһүлэрин харыстаан бөрөнү элбэппэт этилэр. Каадырабай булчуттар төрөөбүт бөрөнү оҕолорун кытта уйатыттан ылар этилэр. Ол иһин улаханнык үөскээбэт этэ.
Бөрө төрөөбүт хороонун буларга ыам ыйыгар квадрокоптердары туттуохха сөп. Билиҥҥи булт быраабылалара бөрөнү бултааһын болдьоҕун кулун тутар 31-гэр бүтэрэн, кини үөскүүрүн кыайан хааччахтаабат. Бөрө наһаа элбээн улахан хоромньуну таһаарар диэн федеральнай уорганнартан бөртөлүөтүнэн бултуурга харчы эбии көрдүөххэ наада. Ол кыаллыбат буоллаҕына, булт быраабылаларыгар уларытыы оҥорон бултааһыҥҥа маннык уларытыылары киллэрэри модьуйуохха наада: 1) бөрөнү сылы быһа бултуурга, 2) бултуурга дьааты туттарга.
Ханнык баҕарар кыыл наһаа элбээтэҕинэ, кинилэр истэригэр ыарыы үөскүүр. Кэнники сылларга трихиннелезтээх эһэ этин сиэн дьон өлүүтэ тахсан эрэр. Итини таһынан, эхиноккок ыарыы тэнийэр куттала баар. Эпидемия да үөскүөн сөп.
Резерват, заказник, заповедник да оҥордоххо, туйахтаах кыыллары сиэмэх кыыллар син биир аҕыйаталлар. Дьокуускай куорат уонна Хатас, Тулагы, Жатай олохтоохторо урут бултуур сирдэригэр аҕыйах сыллааҕыта заказник оҥорон кэбиспиттэрэ. Дьоннор бултуохпут диэн үүтээн туттубут эрэйдэрэ, ороскуоттара таах хаалан хомойбут түбэлтэрэ элбэх. Онон Дьокуускайтан 100 км иһинэн дьон бултуулларын көҥүллүөххэ наада.
Ити үөһээ этиилэрбэр олоҕуран, дьону уонна дьиэ кыылын сиэмэх кыыллартан харыстыыр, туйахтаах кыыллары элбэтэр туһуттан, Экология министиэристибэтигэр этии киллэрэбин: федеральнай министиэристибэҕэ сиэмэх кыыллар хоромньуларын ааҕан туран уонна нэһилиэнньэ туруорсар диэн, эһэни бултуурга кубуотаны балачча элбэтэргэ уонна көҥүл сыанатын икки бүк кыччатарга, бөрөнү сылы быһа бултууру, дьааты туттары көҥүллүүргэ көрдөһүү сурук киллэриэххэ наада. Маннык көрдөһүүнү ылыналларын курдук Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи булчуттар уонна балыксыттар уопсастыбалара эмиэ үлэлэһиэхтэрин наада. Булчуттар истэригэр социальнай ыйытык оҥорон, ол түмүгүн эмиэ тиэрдиэххэ сөп.
Кэнники сылларга киин улуустарга туртас элбээтэ дииллэр. Кэбиһиилээх оту аччык туртастар сиэн баран өлөн хаалаллар эбит. Халыҥ хаардаах тымныы кыһыны кыайан туораабакка, тоҥон хаалаллар эбит. Онон туртаһы бултуурга кубуотаны эмиэ элбэҕи көрдүөххэ наада.
ТУЙАХТААХ КЫЫЛЫ БУЛТУУРГА КӨҤҮЛ БИЭРИИ ТУҺУНАН
Экология министиэристибэтэ булт быраабылатын кэспит дьон туһунан айылҕаны харыстыыр уорганнарга үҥсүбүт киһиэхэ уочарата суох көҥүлү биэрэри былаанныыр. Ити саҥа булт быраабылатыгар суруллубут көҥүлү биэрии бэрээдэгин сыыһа өйдөөһүнтэн таҕыста дии саныыбын. Итинник түҥэтии сиэр-майгы быһыытынан олох сыыһа уонна дьоннор истэригэр иирсээни таһаарыан сөп.
Лимиттээх кыылларга электроннай уочарат олохтооһун бэрээдэгэ биир итэҕэстээх. Электроннай уочаракка бултуур-бултаабат, оҕолор-дьахталлар бары суруттараллар. Дьокуускай куоракка урукку сылларга уочаракка суруттара биир тыһыынча дьиҥнээх бултуохтарын баҕарар дьон кэлэр эбит буоллахтарына, билигин электроннай уочаракка уонча тыһыынча киһи суруттарар. Ол иһин тыыннаах уочараты олохтуохха наада. Сорох атын дойдулар уопуттарын туһанан булчуттар туйахтаах кыылга үс сыл иһигэр ылалларын
ситиһиэххэ наада. Ол туһугар туйахтаах кыылга көҥүл ылбыт дьон икки сылга уочараттан сотуллар, оччоҕо уочарат түргэнник сыҕарыйан уочаракка суруттарбыт киһи үһүс сылыгар көҥүлгэ тиксиэн сөп. Тайахха бултуур биригээдэҕэ 5-6 булчут баар буолар. Ол аата сыл аайы ким эрэ кинилэр истэриттэн көҥүлгэ тиксиэн сөп.
Бу мин суруйбут этиилэрбэр атын атын булчуттар бэйэҕит санааҕытын этэргитигэр көрдөһөбүн.
Георгий СЛЕПЦОВ, булчут.
Хаартыска: https://nedelya40.ru