Аҕыс уоннарыгар айар-тутар, сэттэ уоннарыгар сүүрэр-көтөр солобуодалар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, «Мозаика» бальнай үҥкүү народнай кэлэктиибин уус-уран салайааччыта  Михаил  Захарович Сивцев бырайыагынан, 2012 сылтан Амма улууһун Амма нэһилиэгэр  бальнай үҥкүүнү үҥкүүлүөн баҕалаах сааһырбыт дьон мустаммыт, «Үҥкүүлүүр Солобуода» диэн ааттанан, бальнай үҥкүүгэ дьарыкпытын саҕалаабыппыт.


Биһигини  А.А.Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын хореограф учууталлара Луиза Афанасьевна Яковлева уонна Сахаяр Аярович Дорофеев дьаныһан, тулуйан үөрэтэллэр.Үҥкүү диэни өр сылларга умнубут дьоҥҥо маҥнай ыарахаттардаах этэ. Мэйии эргийиитэ, сылайыы-элэйии, аҕылааһын да баара. 2012 сыл сааһыгар, ый курдук дьарыктанаат, Ытык-Күөлгэ Таатта улууһугар республиканскай күрэскэ биэс паара үҥкүүһүт кыттыбыппыт. Онно үҥкүү курэһигэр туох да билиитэ, өйдөбүлэ суох дьон баран кыттаммыт, араас анал аат ылан, кыһыл, үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаланан үөрэн-көтөн, кынаттанан кэлбиппит. Онтон ыла үлүһүйэн алтыс сылбытын үҥкүүлүү сылдьабыт. Үҥкүүлүү сылдьан ыалдьан, доруобуйалара мөлтөөн  элбэх  киһи тохтоото. Баҕалаах, көхтөөх дьон эбии киирэн дьарыктаналлар, үөрэнэллэр. Манна үлэлии сылдьар уонна үлэлээбэт пенсионердар, билигин сэттэ паара куруук көтүппэккэ үҥкүүлүүр. Сыл аайы үстэ-түөртэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күөн күрэстэргэ кыттабыт. Элбэх ситиһиилэрдэннибит.

Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күөн күрэстэр араас темалаахтар:» Кыайыы вальса», «Таатта үрэх үрдүгэр. Улуус 100 сылынан»,»Кыһыҥҥы мозаика баала»,»Үҥкүүгэ ыҥырабын», «Кустук -2014», «Былыргы бальнай үҥкүү», «Үҥкүүлүүр, Солобуода!» (биһиги оройуоҥҥа үстэ), «Отечественнай бальнай үҥкүү» уо.д.а. Дьэ, маннык куонкурустарга араас саастаахтар, 70-80 саастарын ааспыт пааралар үҥкүүлүүллэр. Амматтан оҕолорбут кытыннахтарына, 4 категорияҕа үҥкүүлүүбүт. Онон 7 паара үҥкүүһүт биир дьиэ кэргэн курдук сылдьабыт. Өрөгөйдөөх үөрүүнү да, ыарахан, курус  түгэннэри да тэҥҥэ үллэстэбит. 

Үҥкүүнэн үлүһүйэн, кэрэ абылҥҥа куустаран биһиги эдэрдии эрчимирэбит, санаабыт көтөҕүллэр, үөрэбит-көтөбүт, аралдьыйабыт, бэл,  дьүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын тупсарга дылы гынабыт дэһэбит. Оннук буоларга дьулуһабыт даҕаны.

Манна сылдьыахпытыттан элбэх үҥкүүнү үөрэттибит. Ол курдук: фигурнай вальс, падеграс, краковяк, тустеп, «Иэйии» вальса , вальс Гавот, сударушка, падеспань, ансамбль вальса, «Синий платочек», уо.д.а. Нэһилиэктэри көҕүлээн хаста да маастар-кылаас ыыппыппытын наһаа кэрэхсээбиттэрэ, сөбүлээбиттэрэ. Элбэх гастролларга сылдьабыт, онно биир санаалаахтарбытын көрсөбүт, үлэбит үөрүйэҕин атастаһабыт, санааларбытын үллэстэбит. Республика таһымнаах күрэстэргэ: Таатта Ытык Күөлүгэр, Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр — иккитэ, Майаҕа Аллараа Бэстээххэ, Уус Алдан Өлтөҕөр, Намҥа, Аммаҕа, Дьокуускай куоракка хаста даҕаны кыттаммыт, бэйэбит тугу сатыырбытын көрдөрбүппүт, атыттартан элбэххэ үөрэннибит даҕаны. Онтубут биһиги үлэбитин сайыннарарбытыгар, кэҥэтэрбитигэр улахан көмөлөөх. Арай, бальнай үҥкүүгэ эр киһи үҥкүүһүт кэмчитэ сонньутар. Ол иһин, эр дьону бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран таах олорумаҥ, аралдьыйыҥ, сынньаныҥ диэн куруук ыҥырабыт. Биһиэхэ кэргэнниилэр  үҥкүүлүүллэрин уруйунан-айхалынан көрсөбүт, үөрэбит, хайгыыбыт. Маныаха дьиэ кэргэнинэн үҥкүүлүүр икки пааралаахпыт диэн үөрэн, киэн туттан этэбит.  Итинник паараларбыт элбиэхтэрин олус баҕарабыт.

Уопсайынан, үҥкүүгэ киһи хамсанар буолан, туһунан сэрээккэ кэриэтэ. Эрчимирэҕин, өйүҥ-санааҥ чэбдигирэр, настарыанньаланаҕын. Онон бар дьоммутун үҥкүүнү таптааҥ, кэлиҥ, биһиэхэ кыттыһыҥ, кэрэнэн арыалланан олоруҥ диэн ыҥырабын. Итиэннэ Михаил Захарович Сивцевкэ, биһигини үөрэтэр, уһуйар учууталларбытыгар Луиза Афанасьевна Яковлеваҕа, Сахаяр Аярович Дорофеевка, оҕо искусствотын оскуолатын директорыгар Любовь  Васильевна Заварзинаҕа  куруук өйүүллэрин, үөрэ-көтө, истиҥник, сылаастык көрсөллөрүн бэлиэтээн тураммыт, улахан махталбытын тиэрдэбит. 

Анна ВАСИЛЬЕВА, үлэ, сцена ветерана. Амма 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0