Аҕыс ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники хонукка аҕыс ойуур баһаара умуруорулунна.

Кэнники хонукка Бүлүү, Мииринэй, Уус Маайа, Эдьигээн, Муома, Алдан оройуоннарыгар аҕыс ойуур баһаарын (уопсай иэнэ 3951 га) умуллардылар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Нерюнгригэ, Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Мииринэйгэ уопсайа уон биир ойуур баһаара (уопсай иэнэ 536 га) булулунна.
Барыта 57 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 40 328 га) бэлиэтэнэр: 24 — Алдан оройуонугар, 12 — Нерюнгри оройуонугар, 10 — Уус Маайа оройуонугар, иккилии — Өймөкөөн, Мииринэй, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар, биирдии  — Бүлүү, Өлөөн, Дьааҥы, Эдьигээн, Орто Халыма оройуоннарыгар. Маны таһынан, Өймөкөөн оройуонугар икки ландшафтнай баһаар (уопсай иэнэ 775 га) бэлиэтэнэр. Былырыын бу кэмҥэ 203 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 465 095,1 га) баара ыйыллыбыт.
Бүлүү, Өймөкөөн, Үөһээ Бүлүү, Нерюнгри, Уус Маайа оройуоннарыгар сэттэ ойуур баһаарын (уопсай иэнэ 4516 га) умуруорууга үлэ ыытыллар. Итини таһынан, Өймөкөөн оройуонугар  икки ойуур баһаара атын категориялаах сирдэргэ (уопсай иэнэ 775 га) умулларыллар. Итилэртэн икки ойуур баһаара (уопсай иэнэ 49 га) Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар бохсуллубут.
Ойуур баһаардарын умуруорууга 396 киһи, итинтэн 305 баһаарынай сулууспа парашютнай-десантнай сулууспатын үлэһиттэрэ, 53 ойуур баһаарын умуруорууга үлэлиир сулууспа сотрудниктара, 18 ГПС үлэһиттэрэ үлэлииллэр, 20 киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөһөллөр. Сүүрбэ тиэхиньикэ баар.
Салгын аала эмиэ туһаныллар. Ол курдук, баһаары умуруорууга Ми-8 түөрт бөртөлүөт, ботурууллааһыҥҥа — 12 салгын аала.
Сааскы кэм саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 381 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 175 003,7 га) бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ 1 154 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 2 325 599,67 га) бэлиэтэнэн турар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0