Өссө аҕыс нэһилиэккэ арыгы атыытын боптулар

21.12.2017
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн дьокутааттара өссө 8 нэһилиэккэ арыгы атыытын бобор туһунан сокуон барылын бигэргэттилэр. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 161 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа арыгы атыыламмат.


Бу хайдах саҕаламмытай? 2014 сыл сэтинньитигэр Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэҕэ арыгы атыытыгар саҥа быраабылалары киллэрэр туһунан сокуон ылыммыта. Ол түмүгэр арыгыны анал маҕаһыыннарга, иккиттэн аҕыс чааска эрэ диэри  атыылыыр буолбуттара. Онтон 2015 сыл кулун тутар ыйыттан арыгы атыытыттан аккаастанар нэһилиэктэр баар буолбуттара, ол сокуон өттүттэн бигэргэнэн испитэ. Ил Түмэн дьокутааттара нэһилиэнньэ бэйэтин көҕүлээһинин өйүүр сыаллаахтар.

Сыл аайы арыгыттан аккаастанар, чөл олоҕу тутуһан үүнэр көлүөнэ ыччат доруобуйатын туһугар кыһаллар дьонноох нэһилиэк ахсаана эбиллэн иһэр. Бу сырыыга Таатта улууһун Кыйы, Боробул, Даккы, Үөһээ Бүлүү Быыракаан, Ньурба Өҥөлдьө, Үөдэй, Чурапчы 2-с Харбала уонна Кындал сэлиэнньэлэригэр арыгы атыыта бобулунна.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0