Аһы-үөлү тиэммит 400 богуон кэлиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы суолу баттаһа тимир суолунан аһы-үөлү тиэммит 400 богуон кэлиэҕэ.

Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров иһитиннэрдэ. Маныаха өрөспүүбүлүкэ ыраах улуустарыгар аһы-үөлү тиэрдэр кыах баар буолуоҕун бэлиэтээтэ.

Билиҥҥи туругунан «Арассыыйа тимир суоллара» ААУо ситиминэн 1524 богуон айаннаан иһэр. Итинтэн Аллараа Бэстээххэ 772 богуон кэлиэхтээх, ол иһигэр түөрт сүүһэ аһы-үөлү тиэммит.

СӨ сыанаҕа бэтииликэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥү күн туругунан аска-үөлгэ сыана бигэтийбит, «суһал линияҕа» төлөпүөннээһин ахсаана эмиэ аҕыйаабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0