Аһыҥа уонна бүтэй…

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл төһө да арыый ардахтаах сайын буолбутун үрдүнэн ордук Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан уонна Ньурба улуустарын ходуһаларын аһыҥа обургу буулаата. 

Саха сиринээҕи Россельхозкиин дааннайынан, быйыл сайын ити үөһэ этиллибит улуустарга 2600 кэриҥэ гектардаах оттонуллар ходуһалары аһыҥаттан эмтээбиттэр. Ол эрээри, хомойуох иһин, үгүс  ходуһалар күрүөлэрэ суох буолан, тустаах тэрилтэ күүстээх эми туһанартан туттуммут. Ол курдук, аһыҥаны суох оҥорор дьааты  ыспыт кэнниттэн ходуһаҕа биир нэдиэлэ  устата хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх үктэниэ суохтаах. Онон быйыл от үлэтэ үмүрүтүллүбүтүн кэнниттэн тустаах улуустар бүтэйи тутар туһунан толкуйдууһулар. Эһиил сайын аһыҥалар баалларын эмиэ биллэриэхтэрэ буоллаҕа.

Хаартыска — СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0