«А он не пришёл!»
/Устудьуон кыыс кэпсээнинэн/
1975 сыл. Айыына кыыс Амурдааҕы комсомольскай куоракка устудьуоннуу сылдьан, күөмэйинэн улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирдэ. Кинини кытта аҕамсыйбыт нуучча дьахтара сытар. Айыына бастаан утаа, саастаах чүөчэттэн толлон, улаханнык кэпсэппэккэ, истиэнэ диэки хайыһан сытан кинигэ ааҕар.
Антонина Ивановна бу хайа омуга биллибэт кыысчааны көрөн олорон:» Такая юная, хорошенькая, какой, интересно, национальности?»- дии саныыр. Кыыс өндөйөн сыттыгын көннөрбүтүгэр: «Хорошая моя, откуда ты здесь, я вот не могу понять, какой ты национальности?»- диэн ыйытта.
— Я якутка, здесь учусь в институте, на первом курсе,- диэн Айыына кэпсэтэр тоҕоос түбэспитигэр үөрдэ.
— Да, совсем девочка, а уже студентка!
— Ну, я в шесть лет пошла в школу.
Нуучча чүөчэтэ, кыыс иҥнигэһэ суох нууччалыы саҥарбытыттан, өссө ордук соһуйда.
Дьэ ити курдук билистилэр ыраах Саха сирин тыатыттан үөрэххэ — сырдыкка тардыһа кэлбит Айыына Кынтоярова уонна эдэркээн сааһыттан Комсомольскай куорат 4 — с нүөмэрдээх тутар — монтажтыыр управлениеҕа үтүө суобастаахтык үлэлээбит нуучча омук дьахтара Голенева Антонина Ивановна. Айыына кинилиин бэркэ бодоруһан, араас тиэмэҕэ барытыгар кэпсэтэн, бириэмэни билбэккэ аһарар буоллулар.
Арай биир киэһэ балааталарын аанын тоҥсуйбуттарыгар, түргэн тыллаах Айыына:» Войдите!» — диэтэ. Аан аһыллыбытыгар көрбүтэ — уһун синньигэс уҥуохтаах, Антонина Ивановна курдук күп — күөх харахтаах, морской эпписиэр куормалаах эдэр киһи киирэн кэллэ.
«Здравствуй, мамочка!» — диэбитинэн Антонина Ивановнаны кууһан ылан, иэдэһиттэн «чоп» гына уураата. Уоллаах ийэ көрсүбэтэхтэрэ өр буолан, иккиэн наһаа долгуйдулар.
Ийэтэ барахсан уолун төбөтүн хам кууһан, балай да өр саҥата суох турда. Уол сиэбиттэн болотуогун ылан, ийэтин иэдэһин сэрэнэн сотор уонна:» Ну, мамочка, будет — будет,»- диэмэхтиир.
Айыына, кэпсэтэллэригэр мэһэйдээмээри, балаататтан тахсан көрүдүөргэ олордо.
Чаас курдук олорон ийэтин кытта кэпсэтэн — ипсэтэн баран, морской эпписиэр балаататтан таҕыста, ыскамыайкаҕа олорор Айыынаҕа супту хааман кэллэ плитка сакалааты туттаран баран: «Это тебе, Аина, за маму!»- диэтэ уонна тахсар аан диэки дыралдьыйа турда.
Айыына соһуйан, тугу да саҥарбакка хаалла.
Кыыс киэһэ утуйаары сытан:» У Вас, Антонина Ивановна, такой хороший, воспитанный сын!»- диэтэ.
— Да, он у меня такой, я не могу на него наглядеться! А хочешь, расскажу, какон у меня появился!
— Пожалуйста, расскажите.
Дьэ мантан аллараа Антонина Ивановна кэпсээнин сахалыы тылынан суруйабын.
» Мин төрөөбүт куоратым — Ленинград. 1937 сыллаахха 17 саастаахпар Амурдааҕы комсомольскай куорат тутуутугар үлэлии кэлбитим. 4- с нүөмэрдээх тутар — монтажтыыр управлениҕа штукатур — малярынан үлэбин саҕалаабытым. 20 саастаахпар маннааҕы олохтоох инженер уолга Виктор Голеневка кэргэн тахсыбытым. Уон сылы быһа кыайан оҕоломмотохпут. Быраастар: «Доруобайгын, оҕолонор кыахтааххын,»- дииллэрэ.
Биирдэ Витябынаан Амурга сөтүөлүү киирбиппит. Пляжка киһи тобус-толору ханна да олорор да, сытар да сир суох. Мин ууну ыраахха диэри кэһэн киирэн, ууттан быган сытар төгүрүк таас үрдүгэр олордум. Биэрэккэ оҕолор саҥалара чуопчаарар. Оҕо саҥатын иһиттэхпинэ, наар оҕото суохпуттан санаарҕыырым күүһүрэр этэ, хараҕым уута «субурус» гыммытын билбэккэ да хааларым. Арай ол олордохпуна, уу иһиттэн оҕонньор киһи курданарыгар диэри быкта уонна: «Туохтан санаарҕаатыҥ, кэрэмэс дьахтар?»- диэтэ. Мин соһуйан хааллым :» Оҕом суох, ол иһин ытыыбын!»- диэтим. Онуоха кини:» Аны биир ыйынан эн искэр оҕо баар буолуо. Ол гынан баран биири өйдөө — оҕоҥ уон алта сааһын туолар күнүгэр ханна эрэ бараары олус ыксыаҕа, ону бука диэн ыытаайаҕын!»- диэтэ уонна уу иһигэр тимирэн хаалла.
Мин өр баҕайы дөйбүт курдук олордум, Витям кэлэн илиитин санныбар уурбутугар, дьэ ханна баарбын өйдөөн кэллим.
Киэһэ утуйаары сытан, Витяҕа туох буолбутун кэпсээтим. Ол күнтэн ыла биһиги олохпут уларыйбыта: тугу эрэ дьиктини күүтэрбит, туох эрэ кистэлэҥнээх курдук буолбуппут.
Биир ый ааста, арай остолобуойга эбиэттии кэллим. Борщ сытын ылаат, сүрэҕим өлөхсүйэн, хотуолуохпун баҕардым, туалекка сүүрдүм. Кыргыттарым:
«Тоня эн, арааһа, хат буолбуккун!- дэһэллэр. Мин өйбөр:» Ама, били оҕонньор эппитэ кырдьык буолуо дуо?» — диэн санаа кылам гынан ааста. Дьэ ол кырдьык буолбута!
Тоҕус ыйынан ити кэлэн барбыт күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕобун Толикпын төрөппүтүм. Ол иһин билигин дьоҥҥо этэбин, ити уолбун миэхэ Амур — батюшка бэлэхтээбитэ диэн.
Күммүт Толикпытыттан эрэ тахсан дьоллоохтук олордубут. Уолбут уон алта сааһын туолуохтаах күнэ тиийэн кэллэ. Мин били оҕонньор эппит тылларын олох да умнан сылдьарым.
Оҕом төрөөбүт күнүнэн бэрэскибин оҥоро сырыттым. Арай уолум хоһугар тыас бөҕөтө буолла! Тиийэн ааны аспытым — Толигым ыксыы бөҕөтүн ыксаабыт: ыстаанын куопта курдук кэтэ сатыы турар эбит. Дьэ онуоха эрэ мин өйдүү биэрдим ол күн үүммүтүн! Телефон үрдүгэр түһэммин: «Витя кэлэ оҕус, ол күн кэлбит эбит!» — диэтим. Хата, аҕабыт үлэтэ чугас этэ, кэлэ оҕуста, уонна иккиэн көмөлөөн , ол күн ханна да таһаарбакка дьиэҕэ хаайан олордубут. Уолбут кыыһырыы бөҕөтө: «Мин барыахтаахпын, ыытыҥ!» — диэн хаһыытыыр. Ама да ааспытын иһин ыарахан күн этэ!
Сарсыныгар ыалбыт чүөчэттэн манныгы истибиппит: дьон бөҕөтө Амурга сөтүөлүү сылдьыбыт, арай эмискэ күүстээх тыал түспүт, кумах өрө ытыллан тахсыбыт. Дьон барыта кытылы былдьаспыт. Өрүс диэкиттэн уордаах хаһыы иһиллибит:»А он не пришёл!»
Ити курдук Амур — батюшка Голеневтарга бэлэхтээбит уолун төттөрү ыла сыспыт.
Елена Прокопьева