Хас да саастаах буол эн, алыптаах Саҥа Дьылы, син-биир, хайдах эрэ, эрэнэ, долгуйа күүтэҕин… Арааһа ол оҕо сааскыттан өйгөр-сүрэххэр иҥэн хаалбыт быһыылаах.
Аныгы оҕолор өйдөөхтөр, икки-үс саастарыттан бэйэлэрин хайыы-үйэҕэ өйдүүллэр… Оттон мин, 50-60-с сыллардааҕы оҕо, “бу мин”, “миигин кытта ситимнээх түгэннэр” диэн, арааһа, түөрпүттэн-биэспиттэн эрэ үчүгэйдик өйдүүр курдукпун.
Саҥа Дьыл бырааһынньыгын аан бастаан элбэх киһилээх, киэҥ, уопсастыбаннай сиргэ, дойдубар, Чурапчы Дириҥэр ылбыппыт. Ийэм Акулина Петровна үс кыыһыгар – Маринаҕа, Настяҕа уонна миэхэ саҥа былааччыйа тикпитэ. Быраатым Афоня оччолорго балтараатын ааспыт этэ.
Дьэ, Саҥа Дьыл күн, киэргэнэн-симэнэн, учуутал аҕабыт Афанасий Михайлович үлэлиир детдомугар Дьуолка бырааһынньыгар бардыбыт. Таҕыстыбыт диир ордук сөп буолуо — Дириҥ детдома дьиэбититтэн суол нөҥүө турар. Оччолорго үгүс ыал дьукаахтаһан олороро, ону ким да муодарҕаабат этэ. Биһиги, Фоминнар ыал Мындаҕаайыттан көһөн киирэн баран, Максимовтар диэн олус үчүгэй ыалга дьукаах олорбуппут. Аҕалара, үтүөлээх учуутал Алексей Еремеевич Максимов, оройуоҥҥа ытыктанар киһи, сэрии бэтэрээнэ. Ийэлэрэ Маайа сахалыы олус сайаҕас, наһаа үтүө санаалаах киһи этэ. Икки уол, икки кыыс оҕолоохторо. Сааспытынан араа-бараа буолан, Ираны уонна Ваняны ордук өйдүүбүн. Оттон детдом иитиллээччилэрэ барахсаттар, сэрии сылларын уонна сэрии кэннинээҕи оҕолор, саха-нуучча кыргыттара-уолаттара, мин саныырбар, олус түмсүүлээх, эйэлээх этилэрэ. Кинилэр Саҥа Дьылга бэртээхэй кэнсиэр көрдөрбүттэрэ. Харыйа тула ырыа-үҥкүү бөҕөтө буолбута. Оттон Моруос оҕонньор бадаарага үчүгэйиин, минньигэһиин! Ол мөһөөөччүккэ араас кэмпиэт-бирээнньик быыһыгар баар биир кып-кыһыл дьаабылыка дыргыйбыт сыта билигин да баар курдук ээ!
Дьэ, бары бадаарак тутан, үөрэн-көтөн, арыый нам-нум буолааппытын кытта, аны, “ким өссө кэмпиэт ылыан баҕарар?”, диэн буолла. Оҕолор бука бары, сатыыр-сатаабат буол, ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан, үҥкүүлээн, кэмпиэт бөҕөтүн ыллылар. Эдьиийдэрбинээн, биһиги да хаалсыбатыбыт быһыылаах. Онтон дьэ, биир түгэҥҥэ кыратык чуумпуруу буолбутугар өйдөөн истибитим, хайа эрэ оҕо “Дьээ-һээ-Буо-һуо…” — “Дьээ-һиэ-Буо-һуо!” – диэн олоҥхолуур. Моруос Оҕонньор оҕону хайгыыра иһиллэр. Тиийэн көрбүтүм – быраатым Афоня харыйа аттыгар олорор, атаҕын халаачыктыы уурбут, сыҥаах баттаммыт, төбөтүн уҥа-хаҥас хамсатар – уонна… олоҥхолуур! Оттон Моруос Оҕонньор, ол аайы быраатым кыракый ытыһыгар бодууска кэмпиэттэри ууран иһэр… Ити, учуутал Алексей Еремеевич “тэрээһинэ” эбит – Афоняны көтөхпүтүнэн, киэргэммит харыйаны тула хааман кэлэ-кэлэ, олордон, олоҥхолотон иһэр! Уолбут кэмпиэт бөҕөтүн ылла. Биһиги көмөлөһөөччү буолабыт. Аны барыбыт ытыспытыгар баппат буолтун кэннэ, детдом куукунатыттан хайа эрэ эйэҕэс түөтэ миискэ аҕалан биэрдэ. Онон, икки тутаахтаах миискэни тобус толору бодууска кэмпиэттээх буоллубут ээ!
Мин бу, 60-с сылларга Дириҥ детдомугар буолбут Саҥа Дьылы хаһан даҕаны умнубаппын. Үйэ-саас тухары өйдүү сылдьар гына – бу, оҕоҕо төһөлөөх үөрүү буолуой?! Киһи тылынан кыайан эппэт.
Кэлин, түспэтийэ түһэн баран саныыбын ээ – бу Дириҥ дьоно-сэргэтэ биһиги ыалы ылынан, бу курдук өйүүрүн бэлиэтин көрдөрбүт эбит, диэн. Ол иһин куруутун махтана ахтабын-саныыбын.
Аҕабыт детдомҥа уонна “Эрилик Эристиин” сопхуос парткомугар бэркэ үлэлээн-хамсаан, дьон ытыктабылын ылыан ылбыта. Дириҥи олус сөбүлээбиппит, ол эрэн, аҕабын оройуон киинигэр үлэҕэ ыҥыраннар, Чурапчы сэлиэнньэтигэр көһөр буолбуппут. Манна балтыларым Наташа уонна Лина төрөөбүттэрэ. Онон, биһиги өссө элбээн, улахан дьиэ кэргэн буолан, ньиргийэ түспүппүт… Оттон манна Саҥа Дьыллааҕы харыйа бырааһынньыга, эмиэ аҕабыт үлэтигэр — “Саҥа олох” эрэдээксийэтигэр буолар! Оройуон киинэ диэх курдук. Харыйалара улаханыын, кэрэтиин! Хайдах курдук чаҕылхайдык Саҥа Дьылы бэлиэтииллэрэй?! Судургутук эттэхпинэ – “эрэдээксийэ” диэн тылы “Саҥа Дьыл харыйата” диэн өйдөбүлү кытта мин тэбис-тэҥҥэ тутар буолбутум… Баҕар ол, улаатан баран суруналыыс, хаһыаччыт идэтин талыыбар сабыдыаллаабыта да буолуо диэн эмиэ саныыбын.
Тоҕо бүгүн бу түгэннэри аҕынным? Саҥа Дьыл үүнэр күнэ тиийэн кэллэ. Оттон Саҥа Дьыл харыйатын мин аҕабын кытта ситимниибин уонна ийэлээх-аҕабар, биһиэхэ, алта оҕолоругар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрин иһин олус махтанабын.
Тапталлаах аҕабыт, буойун-учуутал, салайааччы Афанасий Михайлович Фомин быйыл, Улуу Кыайыы 75 сылыгар, бу ахсынньы ыйга төрөөбүтэ 100 сылын туолла.
Сүрүн хаартыскаҕа: Фоминнар дьиэ кэргэттэрэ. 1963 с.
Татьяна МАРКОВА-ФОМИНА,
суруналыыс.
Ыспыраапка
ФОМИН Афанасий Михайлович
(1920-1978)
Буойун-учуутал Афанасий Михайлович Фомин 1920 сыллаахха Чурапчы оройуонун Хадаар нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Кыhыл Армияҕа 1943 сыл от ыйыттан 1945 сыл ахсынньытыгар диэри Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалаабыта. Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа. Забайкальскай фронт 64-с стрелковай дивизиятын 336-с полкатын сержана. «Японияны кыайыы», «Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларыгар килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Икки бииргэ төрөөбүт убайдара Василий уонна Петр Арҕаа фроҥҥа хорсуннук сэриилэhэн, бойобуой наҕараадалардаах, бааhыран, сэрии инбэлиитэ буолан кэлбиттэрэ, сэрии кэнниттэн элбэх оҕоломмуттара-урууламмыттара. Афанасий Михайлович 1941 сыллаахха Чурапчытааҕы педучилищены, 1950 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрбитэ. Сэрии иннинэ, сэрии кэнниттэн учууталынан, оскуола дириэктэринэн, улуус хаһыатыгар отдел сэбиэдиссэйинэн, Райисполком солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, Рабочком бэрэссэдээтэлинэн, Лесопуун начаалынньыгынан Чурапчы, Булуҥ, Нам оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Таһаарыылаах үлэтин иһин Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамотатынан, онтон да атын үгүс биһирэбиллэринэн наҕараадаламмыта. Сэбиэскэй, партийнай, профсоюзнай, хаһаайыстыбаннай үлэһит, салайааччы, сэрии уонна тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Кэргэнэ, сэрии, тыыл, үлэ фронун уонна үлэ бэтэрээнэ, «Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларыгар килбиэннээх үлэтин иhин», «Ийэ албан аата» 2-с истиэпэннээх мэтээллэрдээх, СӨ «Гражданскай килбиэн» Бочуоттаах бэлиэтэ, онтон да атын наҕараадалардаах Акулина Петровна Фоминалыын (1930-2012) алта оҕону төрөтөн, иитэн, барыларын үрдүк үөрэхтээх, үтүө үлэһит, ыал оҥорбуттара. Кинилэр олохторо оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанар.