Аһаабытым ээ…

Ааптар: 
10.02.2022
Бөлөххө киир:

— Ким кэллээ? (Эмээхсин аан тыаһыырын истэн ыйытар)

— Мин, эбээ…

— Ньургуҥҥун дуо?

— Мин, аһаа…

— Ээ, аһаабытым. Оҕом аһаа диэбитинэн киирдэ ээ, кыһаллаахтыыр буоллаҕа. Сыгынньахтанныҥ дуо? Хата, киирэн бэйэҥ аһаа, алаадьы буһарбытым.

— Сөп, аһаа.

— Аһаабытым диибин ээ, киинэ көрөбүн, бэйэҥ бэлэмнэнэн аһаа.

— Сөп, аһаа, эбээ.

— Туй сиэ, кэлиилии кэбэ турдаҕа үһү, аһаа-бы-тыым!

— Сөп аһаа, диибин ээ, эбээ.

— Бай! Ити дии! Кулгааҕар күнү быһа наушниктаах сылдьан, букатын дьүлэй буолаары гыммыт ээ. Нокоо, наушниккын уһул эрэ!

— Сөп, аһаа!

— Хайдах баҕайыный? (туран кухняҕа киирэр).

— Тоойуом, мин аһаабытым, аны хойутуу аһыам, билигин киинэ көрө олоробун.

— Эбээ, сөп аһаа. (Эмээхсин сиэнигэр чугаһаан кулгааҕын тутан көрөр, онтон төбөтүн тутар…)

— Тоойуом, төбөҥ ыалдьыбат дуо?

— Ыалдьыбат, аһаа.

— Мин тото аһаабытым ээ… (уол кулгааҕар сибигинэйэр)

— Эбээ, хайдах буоллуҥ? (ыгылыйар). Аһаама ээ, хайдах биири мээрилиигин?

— … О..о.. ооттон бэйэҥ “аһаа” дии-дии мээрилиигин ээ, мин үһү дуо?

— Сөп аһаа, мин да буолуум, бар киинэҕин көр! Сүгүн аһат.

— Бардыым-бардым, минньигэстик аһаа, тоойуом!

— Сөп аһаа!

Эмээхсин барыахча буолан атыллаан иһэн тохтуу түһэр…

— Ити баар… (ботугуруур) аһаа диир… эмиэ да киинэҕин көр диир… (турар).

— Чэ, аһыым даҕаны… (остуолга тиийэн, олоппоско олорор).

— Хайа эбээ, аһаары гынныҥ дуо?

— Оттон аһаа да аһаа диэҥҥин аһаабат да киһини аһатыах курдуккун дии…

— Мин дуо? (соһуйар). Аһаа дии иликпин…

— Бай! Аны мэлдьэһэн эрэр дуу? Маарыын ааны аһан киириэххиттэн “аһаа да аһаа” — диигин дии, аһаабытым диирим үрдүнэн.

— Эбээ, аһаа диэбэтэҕим ээ, эн аһыыргын аһаабаккын бэйэҥ билэр буоллаҕыҥ, хайаан ону мин дьаһайыахпыный?

— Чэ, оччоҕо, мин хайдах эрэ буолбуппун… сытыыһыкпын… (хос диэки хаамар).

— Сөп эбээ сыт, бастаан дабылыанньаҕын мээрэйдэн. Эбэм барахсан кырдьаары гыммыт дуу?

edersaas.ru саайтка анаан Наталья МОРДОВСКАЯ – Уйан Кут.

Хартыына: detsad12.yaguo.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0