Аҕаа, бырастыы (КЭПСЭЭН)

Ааптар:  Суор Уола
19.01.2017
Бөлөххө киир:

Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы “ «Кто там” диэн ыйыппытыгар:
— Мин. Тоойуом, мин кэллим ааҥҥын арый, — диэн улахан соҕустук саҥаран эппиэттээн баран, аттынааҕы турар ааннары көрүтэлээн
ылла. Улаханнык саҥаран дьоннору соһуппутум буолуо дии санаан. аан күлүүһүн тыаһа халыгыраан аһыллаатын кытта, иккитин эрэ ааспыт сиэнэ кыыс хостон сүүрэн кэлэн эһээтигэр илиитин ууммутунан көтөхтөрөөрү сарбаҥнаата.

— Оҕом сыыһа, эһээҥ таҥаһа тымныы. Саатар сыбыдахтаммытым кэннэ оҕобун көтөҕүүм, – диэн кыыһы төбөтүттэн сыллаан
ылла. Кыыс эһээтэ хаһан таҥаһын устан сыгынньахтанарын кэтэһэн күүтэн турда. Уйбаан сонун, ,атаҕын таҥаһын устан, дьэ сиэн кыыһын илиитигэр ылан сирэйиттэн быллаччы сыллаан ылла.

— Хайа, бу дьоҥҥут? – диэн сиэн уолуттан ыйытта.

— Мама на работе, отец таксует, – диэн баран уол , хоһун диэки баран истэҕинэ:

— Нохоо, ити туох диэтиҥ? – диэн Уйбаан сиэнин дьиибэлээн ыйытта.

— Ээ, диэн кэтэҕин тарбанан баран уол – Ийэм үлэтигэр, онтон аҕам таксиилыы сылдьар, – диэтэ уол мичээрдии-мичээрдии.

— Тоҕо киһи өйдөөбөт тылынан этэҕиний? Сахалыы саҥарар аата эһээҕин ууга-уокка түһэрэн, уолун сүүһүттэн сыллаан ылла.

— Эһээ, эн билэр аата тоҕо сымыйанан билбэт курдук туттаҕыный? Үнүр ити дядя Саня диэн соседкын кытта кимнээҕэр үчүгэйдик нууччалыы кэпсэтэ сылдьар этиҥ дии.

— Тоойуом, саха сахалыы кэпсэтиэхтээх бэйэтин дьиэтин иһигэр, ону хаһан да умнума.

— Сөп эһээ, умнуом суоҕа. Мин уруокпун үөрэтэбин, ити сиэҥҥин көр, миэхэ мэһэйдээн олох аахтарбат, диэн уол кыра кыыс диэки ыйда. Онно кыыс убайын диэки көрөн “ырдьыгынаан” тииһин көрдөрөн ылар.

— Хайа, бу оҕо кыыл буоллуҥ дуо? – диэн Уйбаан аны көтөҕөн турар кыра кыыска саҥарар.

— Эһээ… ити убаай Дэниис уучка бибэт дии… – диэн баран, кыыс убайын диэки ыйан көрдөрөр.

— Ээс, тоҕо биэриэҕэй? Кини үөрэхтээх киһи дии. Сотору эн да уруучукаланыаҥ турдаҕа. Хата баран “мультик” көрүөххэ. Оҕом мультигыҥ баар дуо?

— Баай, эппэх, – диэн баран, кыыс аан дьиэ диэки ыйан көрдөрөр.Уйбаан сиэнин Ульянаны таптаан “ «Лүүлүккэ» “ диэн ааттыыр. Аан дьиэҕэ киирэн сиэнин муостаҕа туруорбутугар , сиэнэ кыыс тиийэн тэлэбиисэргэ “Мультик” канаалын холбоон баран, дьыбааҥҥа олорон, эһээтин манна кэлэн олор диэн көрдөрдө.

Х х х

Роза бүгүҥҥү күнэ хара сарсыардаттан табыллыбата. Үлэлиир сиригэр отоплениелара тоҕо баран, сарсыарда эрдэттэн түбүк бөҕө көрсөн, сүүрүү-көтүү бөҕөтө. Ону таһынан , хантан билэ охсубуттара буолла, санэпидстанциялар кэлэ охсон , үлэлиир сирин сабаары айдаан бөҕөтүн тардыбыттара. Бу кини кондитерскай сыаҕа үлэлээбитэ бэһис сылыгар барда, инники маннык кыһалҕаны көрсө илик этэ. Бэйэтэ дьэ, атаҕар туран үлэлээн эрдэҕинэ, ити баар. Эппиккэ дылы, мүөккэ сахсырга кэлэрин курдук, эмээччилэр элбээн эрэллэр. Баһаарынайдар, уоттар, ол-бу араас көҥүл биэрээччилэр биирдэ баар буола түстэхтэрэ. Үлэлиэх да киһини сүгүн үлэлэтиэ суох курдуктар ардыгар. Ол гынан баран, дьиктитэ диэн, харчы ыллахтарына, топпут куоска курдук туттан симэлийэн хаалалларыттан кыһыйар. Сотору аччыктаатахтарына эмиэ кэлиэх сирэйдээх туттан бараллар ээ ол дьонноро.

Роза дьиэтигэр дэлби кыыһыран кэлбитэ. Аанын арыйан киирдэ киирээт, кыракый кыыһа Уля күлэн сыһыгырыырын иһиттэ. Аан дьиэни өҥөйөн көрбүтэ, кыыһа эһээтин ат оҥостон, күлэн-үөрэн көтө сылдьара. Күнү быһа табыллыбакка сылдьыбыт хотун дьахтар, ону көрөн өссө иэдэйэ түстэ. Күн кыһалҕата суох сылдьар дьоннор кинилэр, өссө күлэ-үөрэ сылдьаллар эбит дии санаан, кыыһыран
барда.

-Хотуй, бу оонньуурдаргын сибилигин түргэнник хомуйа тарт, – диэн кыыһын илиититтэн ылан, ыһылла сытар оонньуурдар диэки
үтүрүйдэ.

-Хайа бу, туох буолан кэллиҥ? –диэн Уйбаан кыыһын диэки өйдөөбөтөхтүү көрүтэлээтэ.
-Хайа бу диэбит баҕастаах. Эмиэ дьиэҕэ табахтаабыккын дуо? – диэн Роза аҕатыгар хаһыытаата.
-Дьиэҕэ табаахтаабатах курдук этим дии, ити болкуоҥҥа… – диэн Уйбаан болкуон диэки ыйан көрдөрдө.
-Олох манна табаахтаама диэн хаста сүүстэ эппиппиний? Тоҕо киһи тылын истибэккиний? Манна бэйэҥ дьиэҥ курдук санаама ээ.

Дьиэ иһэ барыта табаах сыта буолбут. Кыра кыыс ийэтэ кыыһыран кэлбитин сэрэйэн, ийэтин диэки уоран көрө-көрө оонньуурдарын хомуйбута буолан букунайан барда. Ол сылдьан тугу эрэ, саҥаран ботугуруур. Эһээтин диэки көрөн мичээрдээн ылаахтыыр. Хостон Денис тахсан аан дьиэни өҥөйөн көрөн баран, хоһугар төттөрү киирэн хаалла.– Бу тугу да гынара суох буолан тиийэн кэллиҥ дуо эмиэ? – диир Роза аҕатыгар.– Ол биэнсийэлээх оҕонньор тугу гынарым баарай? Оҕобун уонна сиэннэрбин аҕыннаҕым дии, – диэн баран Уйбаан кыракый сиэнигэр имнэнэн ылар.

— Ахтыбыт үһү кини… Аһылыга суох буолан, аһыы кэллиҥ ини.– Оо дьэ, бу да кыыс тыллаһан эрдэҕин, –диэн Уйбаан баһын быһа илгистэр.

Роза суунар сиргэ киирэн, бааннатыгар уу кутан, кулгааҕар наушник кэтэн сылаас ууга сытта. Уонна бу ааспыт күнүн киэр
кыйдаары, олорон ааспыт олоҕун эргитэ санаата…

******
Уйбаан саҥата суох тэлэбиисэр көрбүтэ буолан олоро сатаан баран, сиэнэ кыыһы илиитинэн ыҥыран, сирэйиттэн быллаччы сыллаан ылла. Онтон ойон туран эрчимнээхтик таҥнан, тыаһа суохтук ааны сабан тахсан барда. Кэнниттэн сиэнэ Лүүлүккэ
кыыс сайыспыттыы көрөн хаалла. Бу дьиэ лиибэ үлэлээбэт буолан, эмиэ суолун ортотугар сынньана-сынньана аа-дьуо түһэн таһырдьа таҕыста. Хата бу торуоската баар буолан абырыыр курдук. Тобуктара сороҕор отой да хаамтарбат гына ыалдьар буолбуттара ыраатта. Онно доҕотторо киниэхэ анаан, торуоска оҥорон бэлэхтээбиттэрэ бу туһалыы сылдьыбыта хаһыс да сылыгар
барда. Уйбаан табаах тардаары санаан баран, табааҕын кыыһын болкуонугар уурбутун өйдөөн кэлэн, сиргэ силлээтэ. Аны бачча киэһээ оптуобус сылдьара тохтоотоҕо. Баҕар, биир эмэ оптуобус кэлээрэй диэн кыратык күүтэ түһэн баран, сатыы барарга сананан, дьиэтэ баар сирин диэки оргууй хаама турда. Хараҥа уулусса устунан хааман иһэн, иннигэр эдэр уолаттар табаахтыы туралларын көрөн, табаахтыах санаата өссө күүһүрэн кэлэргэ дылы гынна.“Чэ, сиэтэхтэринэ, сиэтиннэр” – дии санаан баран, уолаттарга супту хааман тиийбитэ нуучча уолаттарыгар кэтиллэ түстэ.

— Извините, мне очень не приятно. Не дадите ли старику покурить? – диэн уолаттартан ыйытта.Уолаттар алларастыы-алларастыы күлэн киирэн бардылар. Онтон биир бөдөҥ соҕуһа, арааһа тойонноро буолуо, “Ша” диэн дьонноругар этэн баран Уйбааҥҥа чугаһаата. Атын уолаттара дьэ туох буолар эбит диэн тэйиччи көрөн турдулар.– Отец, опасно вечером ходить. Или куда идешь?– Да домой, а курево забыл. Так захотелось закурить, как-то так.– Вот же магазин, – диэн уол маҕаһыын диэки ыйан көрдөрөр.

– У меня денег нету… – диэн Уйбаан хараҕын кистии туттар. Уола уолаттарын диэкки көрөн баран:
-Вован, иди сюда, – диэн ыҥыран ылан сиэбиттэн биэс мөһөөхтөөх харчыны ылан уолга уунна. – Иди, купи старику, три пачки сигарет и сдачу сюда, диэбитигэр Вован диэбит уола маҕаһыыҥҥа сүүрэн баран үс пачка табаахтаах тиийэн кэлэн тойонугар
биэрдэ. Уол табаахтарын Уйбаан илиитигэр туттаран баран ыйытта:

— Куда Вам надо ехать?

– Даркылаах, — диэн Уйбаан соһуйбуттуу уол диэки көрөн ылан баран эппиэттээтэ. Уол суолтан массыына тохтотон, Уйбааны
массыынаҕа сиэтэн аҕалла.

— Отвезешь, туда где он скажет, – диэн суоппар киһиэхэ этэн баран, – Ну давай Отец, держись! – диэн баран, илиитин биэрэн ыга тутан ылла.
— Сынок у тебя теплые руки, ты добрый, хороший человек. Будь всегда таким! – диэн Уйбаан уол илиитин иккис ытыһынан таптайан ылла.

— Спасибо, — диэн нуучча уола мичээрдээн баран, массыына аанын сабан кэбистэ. Уйбаан айаннаан иһэн ити уол аатын ыйыппакка хаалбытын санаата. Дьэ кэм буолуо, буолар буолбутун кэннэ биирдэ толкуйдуур буоллаҕа. Табаах да ылларда, аны бу таксиига олордон дьиэтигэр илтэрэн иһэр. Саатар ити оҕо аатын ыйыппакка хаалаахтаабыт.

– Ити нуучча уола эн уолуҥ дуо? – диэн суоппар Уйбаантан ыйытта.– Суох, – диир Уйбаан.—Онтон эйигин “Отец” диирин иһин ыйытабын.
— Эс суох, ити эрэ билистибит, табааҕа суох буолан табаах көрдөөбүппэр үс паачыка табаах ылан биэрдэ уонна бу дьиэҕэр илдьиэ
диэн эйигин тохтотто дии, – диир Уйбаан бэйэтэ да соһуйан хаалан.

– Дьэ, кырдьык үтүө быһыы эбит, мин өссө куттана-куттана тохтоотум ээ. Сатаналар элбэхтэрэ да бэрт дии санаатым. Онтум баара ити аҕабын дьиэтигэр илдьэн биэр диэбититтэн соһуйан ыйыттым.—Бэйэм да соһуйан олоробун, –диэн баран Уйбаан бэйэтин кыыһын Розаны санаан, эмиэ хараастан ылла.

*******
Роза музыка истэ сытан ааспыт олоҕун санаан киирэн барда. Төрөппүт ийэтэ кинилэри   быраҕан, атын киһиэхэ иирэн барыаҕыттан
ыла аҕата отой кыра эрдэҕиттэн көрбүтэ. Кэлин төрөппүт ийэтэ кэлэн кинини бэйэтигэр ыла сатаабытын аҕата биэрбэтэҕэ. Кини ону барбах өйдүүр, мааны баҕайы таҥастаах дьахтар кэлэн “Розачка, маамаҕын кытта барсаҕын дуо?» – дии-дии киниэхэ илиитин уунан турарын бу баар курдук өйдүүр. Ийэтин кытта кэлсибит киһи кинилэр диэки сиилээбитии көрөн турарын көрөн, аҕатыгар куоппута уонна ийэтин көрөн баран, барсыбатын биллэрэн төбөтүн илгистэн ылбыта. Арааһа, ити билигин бэйэтин кыыһын сааһыгар быһыылаах этэ. Ол быһылааны, ол кэми билигин даҕаны бэҕэһээ буолбутун курдук өйдүүр. Аҕата муҥнаах кыыһым миигин быраҕан бараары гынна диэбиттии, ууланан хаалбыт хараҕын көрөн аҕатын наһаа да аһына санаабыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр аҕата кинини көмүскээн учууталларга саҥарбытын эмиэ өйдөөн кэллэ.

“ Мин оҕобун ийэтэ, көмүскэһэр киһитэ эрэ суох диэн атаҕастаамаҥ. Бэйэм көмүскүүр кыахтаах киһибин. Ол-бу диэн онон-манан кииримэҥ-тахсымаҥ”, – диэн эппитин эмиэ өйдүүр. Ону кини аҕатыгар дэлби хаһыытаан төһө эрэ хомотто? Роза аҕатыгар хаһыытаабытын санаан, бааннаттан тахсан, аҕатыттан көрдөһө тахсыбыта аҕата барбыта ырааппыт этэ. Дьиэтин иһигэр били эһээлэрэ баар эрдэҕинэ үөрүү-көтүү, күлсүү-салсыы иһиллэр буоллаҕына, билигин чаһы тыаһа иһиллэр чуумпута. Кыра кыыс кыыһырбыт баҕайы сирэйдээх кэлэн, хос диэки ааһан иһэн:

– Эһээ бабыт, – диэн баран, хоско киирэн оронугар умса түһэн сытынан кэбистэ. Кини кыракый төбөтүгэр туох-туох санаа үөскээбитэ эбитэ буолла, ону бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.

Роза таҥна охсоот, таһырдьа ойон тахсан аҕатын көрдүү барда. Бачча киэһэ оптуобус сырыыта бүттэҕэ дии. Кирилиэһинэн түһэн иһэн эригэр төлөпүөннээн ыйыталаспыта, хата киһитэ дьиэбэр чугаһаатым диэн биллэрдэ. Таһырдьа тахсан кыратык күүтэ түспүтүн кэннэ эрин масыыната бу тиийэн кэллэ. Киирээт, аҕатын көрдүү баралларын эттэ.

– Эмиэ туох буоллугут ол? – диэн эрэ ойоҕун билэр буолан ыйытта.

— Аҕабын алҕас өһүргэтэн, – диэн Роза ытаанкиирэн барда.– Кэм буолуоҥ! – диэн эрэ баһын быһа илгиһиннэ.– Кыыһырбыппын барытын аҕабар тоҕо сүөкээн кэбистэҕим, бу акаары дьахтара. Аҕам саҥата-иҥэтэ суох тахсан баран хаалаахтаабыт дии…

– Барымына, ыһыытаан-хаһыытаан дьэ сүрдээх киһигин.
– Аҕам муҥнааҕы, аһыы эрэ кэлтиҥ буолуо диэтэҕим үһү… Сатыы баран иһэрэ буолуо. Ханан-ханан барбыта буолуой?
– Бу эрэ суолунан сылдьар ини.
– Аны онно-манна түбэһэрэ буолуо, ол хаһан барбытай?
– Мин сууна сырыттахпына тахсан барбыт этэ. Чаас аҥаара эҥин ааста буолуо.
– Буолуо… Дьэ, сор киһигин.
– Табаахтаабыккын диэн кыыһырдаҕым үһү.
– Онтон табаахтаатын ээ, ол үйэтин тухары табаахтаабыт киһини билигин кэлэн бобоору гынаҕын. Дьон бары табаахтыырга дылы ити дьиэҕэ. Ол биһигиттэн ким да табаахтаабат диэн дьону барытын бобоору гынаҕын дуо?.

х х х

— Ханнык подьеһый? – диэн суоппар ыйытта.
– Ол бүтэһик – диэн Уйбаан ыйан көрдөрөр.
– Мэ, кырдьаҕас – диэн суоппар Уйбааҥҥа илиитигэр харчы ууран биэрдэ.
– Хайа, өйдөөбөтүм, – диэн Уйбаан киһитин диэки өйдөөбөтөхтүү көрөн ылла.

– Ити нуучча эрэ оҕолоро үтүөнү оҥоруохтара дуо, мин да босхо аҕаллаҕым дии. Чэ бары үчүгэйи кытта. Ыалдьыма, – диэн баран аанын сабан массыынатын гааһын үктээн кэбистэ. Уйбаан илиитигэр харчыны тутан туран хаалла, онтон тура түһэн баран дьиэтигэр киирдэ. Дьиэтигэр киирэн сыгынньахтанан, ити буолбут быһылааны эргитэ саныы олордоҕуна кыыһа Роза ытаабыт сирэйдээх-харахтаах киирэн кэлэн, аҕатын иннигэр тобуктуу олорунан кэбиһэн баран, ааттаһардыы көрдөстө.

– Аҕаа… Бырастыы!.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
3