Аҕа оруолун үрдүктүк тутан

22.02.2019
Бөлөххө киир:

Эр киһи оруолун уопсастыбаҕа үрдэтэр сыаллаах тэрээһиннэр далааһыннаннылар. Манна даҕаттахха, өрөспүүбүлүкэҕэ муус устар маҥнайгы өрөбүлүгэр Аҕа күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан 1999 сыллаахха олохтоммута. 2017 сыллаахха Ил Дархан Егор Борисов Уол оҕо күнүн олохтуур туһунан уурааҕа тахсыбыта. Итини сэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕалар лигалара” уопсастыбаннай түмсүү, аҕалар си­йиэстэрэ, күрэхтэһиилэр, о.д.а. ааттаталыахха сөп.


2018 сылтан “Аҥаардас аҕалар” кэмиэрчэскэйэ суох түмсүү тэриллэн, үлэтин кимиилээхтик саҕалаабыта. Салайааччы Иннокентий Спиридонов өссө 2017 сыллаахха аҕалар өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэстэригэр дэлэгээтинэн талыллан сылдьыытыгар, аҥаардас аҕаларга түмсүү оҥорор туһунан тыл көтөхпүтэ улахан болҕомтону тардыбыта.

— Олоххо араас бары буолар. Ол иһин этэр буоллахтара, «Олох олоруу — остуол ньуурун курдук көнө буолбатах» диэн. Бастакы кэргэммин кытары арахсыбыппыт. Онтон ыла оҕолорбун бэйэм көрөн-истэн, үтүө дьон оҥорорго кыһаллыбытым, туох баар болҕомтобун уурбутум. Ийэлээх аҕабар аҥаардас аҕабын диэн суламматаҕым, найыыламматаҕым, оҕолорбор көмөлөһүҥ диэбэтэҕим. Аҥаардас аҕалар кыһалҕаларын быһааран уонна инникитин кинилэргэ туһулаан туох үлэни ыытар, тэрийэр баҕалаахпын  РФ бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа суруйбутум. Ол суругум таах хаалбатаҕа, болҕомтоҕо ылыллыбыта. Билигин Хатаска төрөппүттэрбиттэн чугас сир ылан дьиэ-уот туттан быр бааччы олоробут. Кэргэннэммитим. Аттыбар мэлдьи өйдүүр, өйөһөр, оҕолорбор истиҥник сыһыаннаһар доҕордоохпуттан үөрэбин.

Эппитим курдук, тылбар туран, билигин аҥаардас аҕалары түмэбит. Бэйэм ыал буоллум диэн онтон туораабаппын. Тоҕо диэтэххэ, кыһалҕаларын билэбин, өйдүүбүн. Билигин икки солбуйааччылаахпын, көхтөөхтүк кыттар, санааларын этэр, үллэстэр, сонун этиилэри киллэрэр дьонноохпут. Кырдьык, эр киһи айылҕатын быһыытынан хаһан да кыһалҕатын мээнэ кэпсии-ипсии, үҥсэргии сылдьыбат. Туох баарын тус бэйэтэ быһаара сатыыр. Араас ыарахаттары көрсөр. Онно, «Көмөлөөтөххө  көмүөл мууһа кыайтарар» диэн өс хоһоонугар этиллэрин курдук, барытын түмсэммит көмөлөөн быһаарыахпыт, кыайыахпыт этэ диэн бигэ эрэллээхпин.

— Онно хайдах сүүмэрдээн ылаҕытый?

— Оҕолорун чахчы бэйэлэрэ көрө-истэ, атахтарыгар туруорарга сыралаһа сылдьар эбэтэр атахтарыгар туруорбут аҕалары ылабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиэхэ учуоппутугар улуустары холбоон, барыта 800 курдук аҕа баар. Ол эрээри, бу сыыппара хамсыы турар. Бары иккилииттэн биэстиигэ тиийэ оҕолоохтор.

— Үлэбитигэр дьэ күүскэ ылсан эрэбит диигин. Бастатан туран, болҕомтоҕутун туохха уурууттан саҕалаатыгыт?

— Итиннэ үгүс толкуй да, санаа үллэстиитэ да баар. Бастатан туран, ханна да дьиэ-уот боппуруоһа ордук сытыытык турар. Барытын биирдэ саба тутар хайдах да кыаллыбат. Онуоха испииһэги улуустарынан, куоратынан чопчулааһын, ким дьиэлээҕин, дьиэтэ суоҕун чуолкайдааһын үлэтэ тиһиктээхтик ыытылла турар. Холобур, куоракка олорооччулар сүрүн кыһалҕалара, биллэн турар, дьиэ боппуруоһа. Дьокуускайга үксүлэрэ куортамнаан олороллор. Ол аата, кинилэр ыйы быһа үлэлээн ылбыт хамнастарыттан 25-35 тыһыынча солкуобайдара ол куортамнарыгар барар. Оттон аҕалар итини сэргэ, оҕолорун аһатыахтарын, таҥыннарыахтарын, ол-бу наадалаахтарын атыылаһыахтарын наада.

Аны туран, бырапыыската суох оҕону оскуолаҕа ылбаттар. Дьэ, ити баар өссө биир улахан кыһалҕа. Ол иһин, элбэх кэпсэтии кэнниттэн, бастатан туран итилэри быһаарар соруктаах үлэлэһэ сылдьабыт.

Ол инниттэн, аан бастакытынан, аҥаардас аҕаларга бас билэр учаастактаналларын, онно дьиэлэнэллэрин туруорсан сүүрэбит-көтөбүт. Итиннэ аҕаларга субсидия дуу, кыра бырыһыаннаах кирэдьиит дуу көрүллэрэ буоллар диэн кэпсэтиини эмиэ ыыппыппыт. Бу боппу­руос быһаарыллара буоллар, агро-бөһүөлэк да тутуохпут этэ диэн баҕалаахпыт. Онно сыыйа ас-үөл атыылыыр маҕаһыыннаан, оҕо саадын тутан, оонньуур, сынньанар былаһааккалаан иһиэхпитин баҕарабыт. Манна даҕатан эттэхпинэ, мин тутуунан дьарыктаммытым отучча сыл буолла. Биригээдэлэрдээхпин, бэриниилээхтик үлэлиир дьонноохпун. Аҕам эмиэ биһиэхэ үлэлиир, сүбэ-­ама буолар.  Тутуу маһын хантан, хайдах аҕалары барытын билэбит. Онон сөп диэн көҥүллүүллэрэ эрэ буоллар, барытын быһаарыахпыт, сөбүгэр сыаналаах дьиэлэри тутуохпут этэ диэн былааннаахпыт.

— Итилэри сэргэ туох үлэни ыытаҕыт?

— Аҥаардас аҕалар санааларын көтөҕөргө, бөҕөргөтөргө үлэ арааһын бары ыытарга кыһаллабыт. Түмэн «төгүрүк остуоллары» оҥоробут, көрсүһүүлэри тэрийэн санаа атастаһабыт. Холобур, култуура уонна сынньалаҥ пааркатын кытта дуогабардаахпыт. Былырыын онно аҕалар оҕолорбутун илдьэ кэлэн субуотунньуктаабыппыт, паарканы өрө тардыбыппыт. Кэлэр өттүгэр манна мастары олордуохпутун, аҥаардас аҕаларга сквер туруо­руохпутун баҕарабыт.

Биллэн турар, оҕоҕо ийэ, аҕа баар буолуохтаах. Онон биһиэхэ киирдиҥ да, бу курдук соҕотоҕун сылдьыахтааххын диэн буолбатах. Ыал буоллуннар диэммит, дьиэлэнэл­лэригэр-уоттаналларыгар көмөлөһүөхпүтүн баҕарабыт. Оттон дьиэлээх-уоттаах буоллахтарына, оҕолор да оскуолаҕа киириилэрэ быһаарыллан иһиэ этэ.

Үлэбитин итинник сыыйа кэҥэтэн иһиэхпит. Эппитим курдук, куоратынан, улуустарынан чопчулааһын үлэтэ тиһиктээхтик ыытылла турар. Улуустарга баһылыктары кытары сибээһи тутуохпут, туһааннаах тэрилтэлэринэн үлэлэһиэхпит.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0