Бүгүн Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр сарсын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕин кыттааччылара кэлэн регистрацияны ааһан эрэллэр. Улуустааҕы күрэхтэһиилэргэ кыайбыт хамаандалар сарсын бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэстэһиэхтэрэ.
17 хамаандаттан 10 хамаанда кэллэ. Ол курдук, Амма, Бүлүү, Нам, Ньурба, Уус Маайа, Хаҥалас Томпо, Горнай, Сунтаар улуустарын хамаандалара оскуола интэринээтигэр кэлэн түстүлэр. Ыалдьыттары көрсүүгэ эппиэттээх, Чурапчы улууһун дьаһалтатын социальнай коммуникация отделын дьиэ кэргэн дьыалатыгар кылаабынай исписэлииһэ Татьяна Бушкова иһитиннэрбитинэн, сылаҥнар 75 киһи түһэр, аһыыр сирин тэрийэн бэлэм олороллор.
Күрэхтэһии кылаабынай суудьуйатыттан Иван Лукинтан «тоҕо чуолаан Сылаҥ нэһилиэгэр бу суолталаах тэрээһин ыытылларый?» диэн туоһуласпыппар, маннык хоруйдаата:
— Былырыын Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги нэһилиэгэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕэр Сылаҥ олохтоохторо Семен Макаров уолунаан Владиславтыын кыайыылаахтарынан буолбуттара. Ол иһин үгэс быһыытынан кыайыылаахтар дойдуларыгар күрэх ыытыллар.
Тэрээһини тэрийээччилэри кытта кэпсэтэ туран, дьиэ кэргэҥҥэ ийэ уонна аҕа оруолун таарыйан ыллыбыт. Онно ким эрэ: «Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу тэрээһини «дьоруойдар» бэлэмнии сылдьабыт», — диэбиттэригэр ыйыппыттыы көрбүппэр, Татьяна Бушкова «кылаабынай суудьуйа Иван Лукин 12 оҕолоох, мин 11 оҕолоох Дьоруой ийэлэр оҕолоробут. Оттон былырыын Сылаҥҥа кыайыыны ситиһэн, быйыл төрөөбүт дойдутугар хамаандалары аҕалбыт Семен Макаров 13 оҕолоох Александра Макарова Дьоруой ийэ оҕото. Онон тула өттүттэн дьоруойдар оҕолоро сүүрэ-көтө сылдьабыт, — диэн кэпсээтилэр. Дьэ, кырдьык, бэлиэ түгэн эбит!
Хамаандалар сарсын Сылаҥҥа буолар Аҕа күрэҕэр кэлэ тураллар.
Елена ПОТОЦКАЯ. Чурапчы. Сылаҥ