Муус устар бастакы баскыһыанньатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа күнэ ыытыллар. Быйыл Аҕа күнэ муус устар 3 күнүгэр түбэһэр, оттон Уол оҕо күнэ муус устар иккис баскыһыанньатыгар ыытыллар. Бу күннэр чэрчилэринэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕэ-2022” быйыл 22-с төгүлүн Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр ыытыллыаҕа. Күрэхтэһии Саха АССР 100 сылыгар уонна Ийэ сылыгар ананар.
Ааспыт өрөбүллэргэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар, куораттарыгар күрэхтэһии сүүмэрдиир түһүмэҕэ ыытыллыбыта. Быыппастар былчыҥнаах, хапсаҕай туттуулаах, мындыр толкуйдаах, барыга дьоҕурдаах аҕалар бастыҥнартан бастыҥнары кытары киирсэргэ бэлэмнэнэ, ох курдук оҥосто сылдьаллар, уолаттарын үөрэтэллэр-такайаллар.
Бу күрэхтэһии сыала-соруга, дьэ, ити баар: аҕа уолугар тугу сатыырын, билбитин-көрбүтүн, бэйэтин аҕатыттан-эһэтиттэн тугу ылыммытын, сатабылын, олох олорор үөрүйэхтэрин, дьиэ кэргэн сыаннастарын, норуот төрүт үгэстэрин тиэрдиэхтээх. Көлүөнэлэр утумнаһыыларын быспакка, ыччакка, оҕолорго тиэрдии – аныгы түргэн тэтимнээх олоххо тыын боппуруос буолар. Ону тэҥэ, уопсастыбаҕа аҕа, эр киһи оруолун үрдэтии эмиэ улахан суолталаах.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕин”, үгэс курдук, үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ тэрийэн ыытар. Физкультура, спорт министиэристибэтэ, үөрэх, наука министиэристибэтэ уонна Чурапчы улууһун дьаһалтата, “Аҕалар лигалара” уопсастыбаннай түмсүү тэрийсэллэр.
Сэттэ көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ улууска, куоракка кыайбыт хамаандалар кытта кэлэллэр. Хамаанда икки киһилээх: аҕа 14-16 саастаах уолун кытары. Икки күн устата хамаандалар сэттэ көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ: дьиэ кэргэни билиһиннэрэр айар түһүмэх; бэрэбинэни суоруу; маһы хайытыы; ойбону алларыы; остуолбаҕа тахсыы; кутаа оттон, чэй бэлэмнээһин.
Манна, дьэ, ким сылбырҕата, кыахтааҕа, күүстээҕэ көстүөҕэ. Ону тэҥэ, бу сорудахтар тыа сирин эр киһитин күннээҕи үлэтин, сатабылын көрдөрөллөр, онон ким үлэлии үөрэммит, түргэн туттуулаах, тобуллаҕас толкуйдаах кыайыы өрөгөйүн билиэҕэ.
Кыайыылаахтар — квадроциклы, 2-с миэстэни ылбыт хамаанда – матассыыкылы, 3-с миэстэни ылбыттар – Чурапчы улууһун баһылыгын анал бирииһин тутуохтара. Ону тэҥэ, тэрийээччилэртэн уонна спонсордартан бириистэр баар буолуохтара.
Туймаада туйгуннарын тургуттулар
Кулун тутар 27 күнүгэр Дьокуускайга Сайсары күөлгэ “Аҕа күрэҕэ-2022” талар түһүмэҕэ куорат 390 сылыгар ананан, бэһис төгүлүн ыытылынна.
Күрэхтэһиигэ Автодорожнай, Губинскай, Октябрьскай, Промышленнай, Сайсарскай, Строительнай, Киин уокуруктартан, Марха, Маҥан, Пригороднай, Табаҕа, Хатас, Тулагы-Киллэм сэлиэнньэлэртэн хамаандалар кытыннылар.
Киин куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев кыттааччылары эҕэрдэлээтэ:
—Хас биирдии киһи олоҕор дьиэ кэргэнэ улахан суолталаах. Кини Киһи буолан улаатан, ситэн-хотон тахсарыгар, олох устун куорсун анньынан көтөрүгэр дьиэ кэргэнэ оруоллаах. Онон маннык күрэхтэһиилэр дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр, аҕа уонна уол оҕо биир ньыгыл хамаанда буолалларын ситиһэр сыаллаах. Эр киһи айылҕатын быһыытынан, кыайар-хотор, күрэстэһэр, ситиһэр аналлаах. Сахалар былыр-былыргыттан күүстээхтэр күөн көрсүүлэрин, сымсалар киирсиилэрин биһириир этилэр. Онон бүгүҥҥү күрэхтэһиибит дириҥ суолталаах, киэҥ далааһыннаах, — диэн кини эттэ.
Урукку сылларга кыайыылаахтар спонсордар бириистэрин тутар эбит буоллахтарына, быйыл куорат дьаһалтата туруорбут бирииһин ыллылар. Кыайыылаахтар – 50 тыһыынча солкуобайы, 2-с миэстэҕэ – 30 тыһыынча солкуобайы, 3-с миэстэҕэ – 20 тыһыынча солкуобайы туттулар.
Евгений Григорьев саамай аҕа саастаах кыттааччыга – “Промышленнай уокуруктан кыттыбыт Александр Ноевка анал бирииһин туттарда. Бэлэмнэммит маһы барытын кыаммат ыалларга биэрдилэр.
Нерюнгригэ тыҥааһыннаах киирсиилэр
Нерюнгри оройуонугар “Аҕа күрэҕэ” Иенгра сэлиэнньэтигэр Табаһыт күнүн чэрчитинэн ыытылынна. Үгэс курдук, оройуон дьаһалтатын социальнай, ыччат бэлиитикэтигэр отдела аҕалар сэбиэттэрин, дьахталлар сэбиэттэрин кытары тэрийдэ. Нерюнгриттан, Беркакиттан, Чульмантан барыта 8 хамаанда кытынна. Сүрүннээн оскуолалар уонна гимназиялар, лиссиэйдэр бэйэлэрин хамаандаларын туруордулар.
Күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык барда. Көрөөччүлэр кыттааччылардааҕар ордук кимиилээх, хаһыылаах-ыһыылаах буолан биэрдилэр. Күрэхтэһии уратыта диэн, манна өй-билии тургутуга диэн буолла, ону тэҥэ, кыттааччылар хаарга тустубуттара дьону сэргэхситтэ.
Түмүгэр, Чульмантан Евгений уонна Сергей Дорожковтар кыайдылар, кинилэр салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ кыттар, оройуоннарын чиэһин көмүскүүр кыахтаннылар.
Сунтаарга кыттааччы элбиир
Кулун тутар 25 күнүгэр Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр Аҕа күнүгэр анаммыт декадаҕа “Аҕа күрэҕин” сүүмэрдиир түһүмэҕэ буолла. Күүкэй, Хордоҕой, Кириэстээх, Бордоҥ, Арыылаах, Маар Күөл, Сунтаар, Кэмпэндээйи, Кутана, Сиэйэ нэһилиэктэриттэн 12 хамаанда кытынна.
Үөрүүлээх арыллыыга улуус баһылыга Анатолий Григорьев күрэхтэһии далааһына кэҥээн, аҕа оруола үрдээн иһэрин бэлиэтээтэ.
1-кы миэстэни Күүкэй нэһилиэгин хамаандата кыайан, 50 тыһыынча солкуобай бирииһи уу харчынан тутта. 2-с миэстэни Арыылаах нэһилиэгин хамаандата ылла (30 тыһыынча солкуобай). 3-с миэстэни — Сунтаар нэһилиэгин хамаандата (20 тыһыынча солкуобай).
Чурапчылар ох курдук оҥостоллор
Чурапчыга П.Е. Барахсанов аатынан сынньалаҥ пааркатыгар улуустааҕы “Аҕа күрэҕэ” бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна. Уопсайа 12 хамаанда 6 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр.
Бэйэни билиһиннэрии эрдэ онлайн көрүҥүнэн ыытыллыбыта. Онно Чакыртан Егоровтар дьиэ кэргэн бастыҥынан ааттаммыттара. Ойбону алларыыга Болтоҥо нэһилиэгиттэн кыттыбыт Яков, Миша Кривошапкиннар 53 сөкүүндэни көрдөрөн, тэҥнээхтэрин булбатылар. Остуолбаҕа ыттыы дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Манна да Кривошапкиннар иккиэн остуолба чыпчаалыгар тиийэн, лаппа кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Чэйи оргутуу түһүмэҕэ бэрт тыҥааһыннаах буолла. Манна Чакыр иккис хамаандатын – Виктор Егоров уола Янныын чэйдэрэ бастакынан оргуйда.
Тоҥ маһы тоҕута сынньан, уйаны-хатаны быһаарар түһүмэххэ – бэрэбинэни суорууга Кытаанахтан кыттыбыт Ньургун, Петр Собакиннар кыайдылар. Бириэмэлэрин көрдөрүүтэ – 5 мүнүүтэ 28 сөкүүндэ. Бэрэбинэни эрбээһиҥҥэ, хайытыыга, дьаарыстааһыҥҥа 3 мүнүүтэ 23 сөкүүндэ көрдөрүүлээх Чурапчы нэһилиэгиттэн Владимир Филиппов уола Володялыын бастаатылар.
Хамаандалар бары да тэҥ соҕус баайыылаах буолан биэрдилэр. Сындааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн Чакыр нэһилиэгиттэн кыттыбыт Ян, Виктор Егоровтар кыайдылар. Оттон 2-с миэстэҕэ Болтоҥоттон Кривошапкиннар тигистилэр. Үсүһү Чурапчыттан кыттыбыт уоллаах аҕа Тимур, Ньургун Аммосовтар ыллылар.
Кыайыылаах Егоровтарга Чурапчы нэһилиэгин “Эркин” эр дьон түмсүүтэ олохтообут булт саатын сэртипикээтэ туттарылынна. «Биһиги дьиэ кэргэн биэс оҕолоохпут. Улахан уолбунуун бу бастакы кыттыыбыт. Бэйэм Чакырга оскуола-саадка уһуйаан саастаах оҕолор салааларыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлиибин. Икки уоллаахпын. Уолаттарбын кыра саастарыттан булка тэҥҥэ илдьэ сылдьабын. Олоххо бэлэмнээх буолалларын туһугар үлэ бары үөрүйэхтэригэр үөрэтэ сатыыбын», — диир ыал аҕата Виктор.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru, СИА.