Аҕа хапытаалын туһунан сокуон ыам ыйыттан үлэлиэҕэ

Бөлөххө киир:

Ийэ хапытаалын үбүн аҕалар эмиэ туһаныахтарын сөбүн туһунан сокуон үһүс ааҕыытыгар ылылынна. Онон, Федерация Сэбиэтигэр көрүллүбүтүн уонна бэрэсидьиэн илии баттаабытын кэнниттэн, ыам ыйын 1 күнүттэн үлэлээн барыаҕа.

Аҕа хапытаала диэн тугуй? Ийэ хапытаалын аҕалар уонна оҕону иитэ ылбыт эр дьон ылар кыахтанан, судаарыстыба биэрэр көмөтө маннык ааттанар. Билигин Ийэ хапытаалын сүрүннээн ийэлэр эрэ ылар кыахтаахтар. Олох аҕыйах түгэҥҥэ аҕа ылыан сөп. Эр киһи оҕоҕо соҕотох иитээччи, төрөппүт буоллаҕына, сэртипикээт тута кини аатыгар оҥоһуллар. Сороҕор сэртипикээт ийэ аатыгар оҥоһуллубут эрээри, төрөппүт бырааба быһыллыбыт, эбэтэр, өлбүт буоллаҕына, хапытаалы оҕо аҕата ылыан сөп этэ.

Оттон билигин ыам ыйыттан сокуоҥҥа эбии уларыйыылар киирэннэр, оҕо аҕата, эбэтэр, иитэ ылбыт эр киһи хапытаалы туһанар бырааптанар:

-өскөтүн Арассыыйаҕа гражданствота суох ийэ өлбүт, эбэтэр, өлбүтүнэн ааҕыллыбыт буоллаҕына;

— ийэ оҕотун төрүүр дьиэҕэ хаалларбыт уонна иитэ ылалларыгар сөбүлэҥин биэрбит буоллаҕына. Маннык түгэҥҥэ эр киһи суррогатнай ийэттэн төрөөбүт оҕоҕо хапытаалы ылыан сөп буолар. Билигин Арассыыйаҕа сыллата маннык ийэттэн 22 тыһыынча кэриҥэ оҕо төрүүр;

Бу сокуон саҥа дьайыыларын олоххо киллэрэргэ бүддьүөттэн 10 миллиард солкуобай көрүллүбүт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: объясняем.рф

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0