БОРДОҤ ТААҺА БААРА ДУУ?
1968 сыл сайыныгар дипломнай үлэбин ситэрээри, пионерскай лааҕырдар үлэлэрин кытта билсэ сылдьыбытым. Ол сырыттахпына, Сардаҥа сэлиэнньэтин анныгар дьикти ойуулаах таас сытарын оҕолор көрдөрбүттэрэ.
Мин тааһы хаартыскаҕа түһэрэн ылбытым. Дьиктитэ диэн, ити көһөҥө тааска инчэҕэй хойуу былыыкка ат туйаҕын суола, өссө ол тааска ат туйаҕын суолун уҥа өттүгэр киһи уллуҥаҕын суола батары үктэммитин курдук ойуу баара.
Ол таас билигин баара буолуо дуо диэн саныыбын. Эбэтэр сааскы көмүөл мууһа көмөн кэбиспитэ дуу, оннуттан сыҕарыппыта дуу…
Мин санаабар, ол таас оннугар сытар буоллаҕына, сыыр үөһэ таһааран анал олоххо ууран, бар дьон көрүүтүгэр туруоруохха сөп этэ. Ити айылҕа сэдэх көстүүтэ. Ону көмүөл мууһа көмүөҕүнээҕэр эбэтэр илдьэн үөскэ киллэриэҕинээҕэр, дьон-сэргэ көрүүтүгэр уурар буоллар диэн баҕалаахпын. Билиҥҥи тиэхиньикэ үйэтигэр ол кыаллар буоллаҕа.
Сурукпар даҕатан эттэхпинэ, таас ханна сытарын биир кыыс ыйан биэрбитэ. Онно кинини тааһы кытта хаартыскаҕа түһэрбитим. Хомойуох иһин, ол кыыс аатын өйдөөбөппүн. Туох идэни ылбыта, тугу үлэлиирэ, ханна олороро буолла? Суругум таах хаалбатыгар эрэнэ хаалабын.
Иван ИВАНОВ, Түбэй Дьаархан, Сунтаар.
АРКТИКА СУЛУСТАРА
Эдьигээҥҥэ «Созвездия Арктики» диэн оройуоннааҕы I куонкурус-бэстибээл буолла. Тэрээһини ускуустуба оскуолата көҕүлээтэ.
Манна улуус бары нэһилиэктэриттэн уопсайа 384 оҕо кытынна. Куонкурустаһааччылар хоһоон аахтылар, үҥкүүлээтилэр, ыллаатылар, туойдулар, хомустаатылар. Ону сэргэ хаартыскаларынан, уруһуйдарынан бэртээхэй быыстапкалар тэрилиннилэр. Тэрийээччилэр Эдьигээннээҕи «Орончикан» уонна «Ёлочка» оҕо саадын иитиллээччилэрэ бары хайысхаҕа көхтөөхтүк кыттыбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Түмүккэ, 3-6, 7-10, 11-14, 15-17 саастаахтар ортолоругар лауреаттар, дипломаннар ааттанан үөрүү-көтүү көтөллөннүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ үтүөлээх артыыстара Матрена Корнилова, Александр Дьячковскай-Саарын, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара уонна улуус култуураҕа, үөрэххэ салаатын үлэһиттэрэ кытыннылар. Бары хайысхаларынан уонна бөлөхтөрүнэн 1, 2, 3 степеннээх лауреаттар, дипломаннар ааттаннылар, 12 номинация туттарылынна. Эдьигээн орто оскуолатын «Гилбэн» (сал.Н.Константинова) ансаамбыла Гран-при үрдүк аатын ылан үөрүү-көтүү өрөгөйдөннө.
Сардана МАТВЕЕВА, Эдьигээн.
МААСТАР ВАЛЕНТИНА ВАРЛАМОВА — БАСТЫҤ ПАРИКМАХЕР
Чурапчы сэлиэнньэтин «Айылгы» култуура киинигэр Илин Эҥэр улуустар урбаанньыттара түмүстүлэр. Тэрээһиҥҥэ СӨ инвестиция уонна предпринимательство сайдыытын миниистирэ Антон Сафронов кытынна.
Тэрээһин чэрчитинэн парикмахердар куонкурустара ыытылынна. Бу куонкуруһу сыаналыырга Санкт-Петербург куораттан кэлбит стилист-парикмахер Артур Флименко дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтэ. Ону таһынан кыттааччыларга, урбаанньыттарга маастар-кылаас ыытта. Болҕомтону тардар күрэскэ Таатта улууһуттан урбаанньыт Валентина Варламова кытынна.
Куонкурус үс түһүмэҕинэн ыытылынна. «Мужская креативная прическа», «Вечерняя прическа» көрүҥнэргэ киһи эрэ кэрэхсии, сэргии көрөр бүрүчүөскэлэрин оҥордулар. Куонкурус түмүгүнэн Валентина Варламова икки көрүҥҥэ бастаата итиэннэ уопсай түмүккэ Гран-при аатын ылары ситистэ. Кубогы Артур Флименко дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан Валентинаҕа туттарда.
Валентина 2013 сыллаахха урбаанньыт буолбута. Ытык Күөлгэ атыы-эргиэн киинигэр «Сэлфи-Таатта» диэн салону аспыта. 2014 сыллаахха «Ленские берега» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска миэстэлэспитэ. Бастыҥ парикмахер, урбаанньыт сыл аайы маастарыстыбатын, таһымын үрдэтэр куурустарга, семинардарга үөрэнэн маннык үрдүк ааты ылар чиэскэ тиксибитинэн дойдулаахтара киэн туттабыт, кини холобурун батыһаргытыгар ыҥырабыт.
Марианна МОСОРКИНА, предпринимательстоны өйүүр улуустааҕы киин салайааччыта, Таатта.