Аныгы кибер-сайдыы, сыыппара технологията, интэриниэт, батсаап үйэтигэр тэлгэһэҕиттэн, түөлбэҕиттэн тэйбэккэ, дойду, аан дойду үрдүнэн сонуну-сураҕы, ханна туох буола турарын тутатына истэ-көрө, билэ олороҕун. Дэлэҕэ, хоту дойду хоһууна, тымныы оройо Өймөкөөн удьуор сылгыһыт ыччата Дугуйдан Винокуров саха боруода атынан айаннатан сиксилитэн дойду тэбэр сүрэҕэр — Москубаҕа этэҥҥэ тиийбитин бэркэ билэ, тэҥҥэ айаннаһа олоробут буолбаат!
Оттон ааспыт үйэҕэ, 1977 сыллаахха, Нам хомсомуол ыччаттара киэн туттар биир дойдулаахтара Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 80 сылын бэлиэтээн, үлэлээбит, салайбыт сирдэринэн — Казахстанынан, Киргизиянан “Урал” матасыыкылларынан мотопробег оҥорбуттарын, миэстэтигэр Максим Аммосовы билэр, өйдүүр дьоннору көрсөн ахтыыларын ылан, судаарыстыбаннай, бартыыйынай архыыптарга киирэн матырыйааллары, докумуоннары хомуйбуттарын, араас көрсүһүүлэри тэрийэн Сахаларын сирин ааттатан бэрт айымньылаахтык үлэлээн, айан-сырыы эриирин-мускуурун тулуйан этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрин, туһугар хорсун быһыыны оҥорбуттарын намнартан ураты өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо билбэккэ да хаалбыттара. Салалта, бэчээт, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр суолта биэрэн болҕомтоҕо ылбатахтара, сыаналаабатахтара өйдөммөт.
45 сыл буолан баран, уһулуччулаах судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл М.К. Аммосов‑Чаҕылхай Максим төрөөбүтэ 125 сылыгар, биир дойдулаах ыччаттара оччотооҕу чаҕылхай сырыыларын-тэрээһиннэрин туһунан сырдата түһэргэ быһаарынныбыт.
Кинилэр кимнээхтэрий?
Эҥсиэли хочотун эр санаалаах 6 ыччата этилэр. 4 ыарахан “Урал” матасыыкылынан мээнэ киһи санаммат, сири-сибиири уҥуордуур, дойдуну курдаттыыр кый ыраах айаҥҥа туруммуттара. Мотопробег хамандыыра, оройуоннааҕы ДОСААФ тэрилтэтин салайааччыта Юрий Осетров, этэрээт хамыһаара, М. Аммосов аатынан сопхуос хомсомуолун тэрилтэтин сэкирэтээрэ Иннокентий Осипов, мотопробег кылаабынай мэхээнньигэ, оройуоннааҕы ПМК биригэдьиирэ Альберт Павлов, баһаарынньык-иниспиэктэр Афанасий Новгородов, хаһаайыстыбаннай чааска эппиэттээх, хаартыскаҕа түһэрэр эбээһинэстээх, оройуоннааҕы мусукаалынай училище учуутала Григорий Егоров, мотопробег мэхээнньигин солбуйааччы, ОПТУ производственнай үөрэхтээһиҥҥэ маастара Иннокентий Захаров. Хомойуох иһин, кинилэртэн күн бүгүн Иннокентий Осипов уонна Афанасий Новгородов иккиэйэх эрэ ордон хааллылар.
Хайдах саҕаламмытай?
— Максим Аммосов төрөөбүтэ 80 сылыгар хомсомуоллар бэлиэ хаалларар ураты дьаһалы олохтуоххайыҥ диэн идиэйэбитин, этиибитин баартыйа Нам оройуоннааҕы кэмитиэтэ өйөөбүтэ. Райком пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйэ Иннокентий Захарович Кривошапкин Максим Аммосов олорбут, үлэлээбит сирдэригэр Казахстаҥҥа, Киргизияҕа тиийэн кинилиин алтыспыт, бииргэ үлэлээбит дьоннуун көрсөн ахтыыларын ылыахха, архыып докумуоннарын, бэчээт суруйууларын хомуйуохха диэн быһаччы этии киллэрбитэ, — диэн бэйэтин ахтыытын саҕалыыр оччолорго хомсомуол Нам оройуоннааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Гаврил Гаврильевич Местников. — Боппуруос райком пленумугар көтөҕүллэн, бюро уурааҕынан оройуоннааҕы ДОСААФ тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ, райкомол чилиэнэ Осетров Юрий Сергеевич мотопробегы тэрийэргэ, 4 “Урал” матасыыкыл айаныгар төһө уматык-оҕунуох ороскуоттаныахтааҕын, саппаас чаас наадатын, аһылыкка, айан тэрилигэр уопсайа төһө-хачча үп-харчы наада буоларын ааҕан-суоттаан симиэтэ докумуон оҥороругар сорудахтаммытын, өр гымматаҕа. Онон мотопробегы тэрийии хорсун идиэйэтин өйүүргэ оройуон хомсомуолларыгар уоттаах-төлөннөөх ыҥырыы таһаарбыппыт.
ДОСААФ, В. Е. Алексеев дириэктэрдээх оройуоннааҕы ойуур хаһаайыстыбата, М. Аммосов аатынан сопхуос (дириэктэр Михаил Иннокентьевич Терютин, партком сэкирэтээрэ Николай Федотович Бугаев) матасыыкылларынан хааччыйбыттара. Мотопробег чилиэннэрин састаабын райкомол бюротугар бигэргэппиппит. Тиэхиньикэни билэллэринэн, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чиҥ, эрэллээх уолаттар. М. К. Аммосов төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах түһүлгэтиттэн дьон- сэргэ хорсун уолаттарын уруйдаан-айхаллаан, этэҥҥэ сылдьан эргиллэн кэлэллэригэр алҕаан ыраах айаҥҥа атаарбыта. Баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Василий Егорович Холмогоров, Максим Аммосов улахан кыыһа Аэлита Максимовна Аммосова, сиэнэ Максим, сопхуос дириэктэрэ Михаил Иннокентьевич Терютин эппиэттээх соруктарын толорон этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕа санааларын тириэрдибиттэрэ, сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Ити курдук, 1977 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр Нам Хатырыгыттан “Саха сирэ — Сибиир — Казахстан — Киргизия — Москва — Саха сирэ” маршрутунан Хатырык хамначчытын уола, саха ыччата, Чаҕылхай Максим чаҕылхай олоҕун суолунан матасыыкылынан айан саҕаламмыта.
Уолаттар барахсаттар, өрүкүйэн: “Этэҥҥэ эргиллиэхпит, кэтэһээриҥ!” — диэн далбаатаһа-далбаатаһа айаннаан дьигиһитэ турбуттара. Хомсомуол оройуоннааҕы кэмитиэтэ, ДОСААФ илиинньэтинэн уолаттар сырыыларын билсэн, хонтуруолга туппуппут. Тиийиэхтээх сирдэринэн эрдэттэн сибээстэһэн, сэрэтэн көмө, өйөбүл, сынньаналларыгар, сыалларын-соруктарын толороллоругар сөптөөх усулуобуйа тэриллэрэ. Мотопробег хамыһаара Иннокентий Осипов кэмиттэн-кэмигэр сибээскэ тахсан хайдах айаннаан иһэллэрин туһунан отчуоттуура. Инньэ гынан, кыһалҕа тирээтэҕинэ, боппуруоһу быһаччы быһаарса олорбуппут.
— Этэҥҥэ эргиллиҥ, дьоллоох айаны баҕарабыт! — диир хас эмэ сүүһүнэн куолас биир кэм кэннибитигэр күөдьүйэ хаалбыта. Ити курдук хаһан да сылдьыбатах, харахтаан көрбөтөх сирдэрбитинэн уһун унньуктаах айан суолугар туруммуппут. Биһигини биир суол — чаҕылхай олох суола, М. К. Аммосов олорбут, үлэлээбит олоҕун суола ыҥырара. Кини чаҕылхай олоҕо биһигини ханнык да ыарахаттартан саллыбакка-толлубакка иннибит диэки барарбытыгар кынаттаабыта, — мотопробег хамыһаара Иннокентий Васильевич Осипов, саллар сааһыгар хомсомуол, хомуньуус баартыйа саллаата, сэкирэтээр, биригэдьиир, дьаһалта баһылыга, бастакы бэрэсидьиэн М. Е. Николаев сэҥээриитин ылбыт сылгы иитиитинэн дьарыктаммыт бааһынай хаһаайыстыба баһылыга билигин, сааһыран олорон, оччотооҕу эрчимнээх эдэр сааһын күүрээннээх кэмнэрин ахтан ылар. Мантан салгыы Иннокентий Осипов сири-сибиири тэлбит холооно суох хорсун айаннарыттан “Чаҕылхай олох суолунан” диэн суоллааҕы бэлиэтээһиннэриттэн быһа тардан билиһиннэрэбит.
Маҥнайгы тыһыынча
Бэс ыйын 27 күнүгэр Элиэнэ эбэбитин туораатыбыт. Өрөспүүбүлүкэбит хорук тымырыгар — Невердиир суолга тахсабыт. Мантан 1200 км аастыбыт да, Улахан Невергэ тиийиэхтээхпит. Невер трассатыгар айан ыарахаттарыгар бастакы сүрэхтэниибит буолбута. Сорох күн үстүү эрэ биэрэстэни барабыт. Ол курдук күннэтэ бытархай да, өрөмүөнү эрэйэр алдьаныыларбыт мэһэй буолаллар. Ол эрээри бу суол инники ыарахаттары туоруурбутугар эт-хаан да, моральнай да өттүнэн биһигини бэлэмнээбитэ. Биһиги баҕа санаабыт — тиэхиньикэбит моһуогурбатар эрэ диэн. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, сууккаҕа 16–18 чаас айанныыбыт. Аара дойду баараҕай тутуутун, эдэр саас тутуутун, БАМ үлэтин сөҕө-астына көрбүппүт. Сыыйыллар ыстаал ыллык Беркакикка чугаһаан эрэрэ. Невертэн Сковородино ыстаансыйаҕа тиийэбит. Мантан ыла суол суох. Онон Чита куорат таһыгар диэри буойаһынан барыллар. Табаарынай буойас сүрдээх бытаан. Тыһыынча биэрэстэ кэриҥнээх сири үс хонукка аастыбыт.
Сибиир устун
Корымскай ыстаансыйаҕа кэлэн сүөкэннибит. Чита мантан 100‑чэкэ биэрэстэ. Читаҕа икки хонон, көрүнэн-оҥостон аастыбыт. Адмирал Колчак былааһын саҕана Максим Аммосов бу куоратынан хаста да сылдьыбыт сирэ. Ол эрээри киниэхэ сыһыаннаах матырыйаалы булбатыбыт.
Салгыы Улан-Удэни ааһан, Сибиир кырдьаҕас куораттарыттан биирдэстэригэр Иркутскайга кэлэбит. Манна М. К. Аммосов ааһан иһэн да буоллар, олорбут уонна үлэлээбит сирэ. Колчак былааһын саҕана кини Платон Ойуунускайдыын Иркутскайга сыылкаҕа сылдьыбыттара. 1918 сыл бүтэһигэр атын киһи аатынан Томскайга тиийэн Ново‑Кусково дэриэбинэҕэ икки ый кэриҥэ учууталлаабыта. Кини ханна да сырыттар, революционнай үлэтин тохтоппотоҕо. Комсомолу тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурбута. Ол курдук Омскайга, Иркутскайга, Красноярскайга комсомольскай тэрилтэлэри төрүттээһиҥҥэ биллэр үлэни ыыппыта. Оччолорго Максим Кирович 23 саастааҕа, ол эрээри бартыыйынай үлэҕэ уопуттаах киһи быһыытынан биллибитэ. Сибревком боломуочунайынан буолбута. Сахатын сиригэр партийнай, сэбиэскэй, хаһаайыстыбаннай үлэҕэ 300‑чэ хомуньууһу, комсомолеһы, баартыйата суох өрөбөлүүссүйэ саллааттарын сүүмэрдээн ыыппыта. Ити патриот-бассабыыктар Саха сиригэр сэбиэскэй былаас уорганнарыгар, бартыыйынай тэрилтэлэргэ бары дьоҕурдарын ууран үлэлээбиттэрэ. Иркутскайга икки хоноот, салгыы Красноярскай диэки ардах аннынан айаннаатыбыт. Итинтэн салгыы Арҕаа Сибиир сиригэр-уотугар үктэнэбит. Бу куоракка биэс хоннубут. Эргэ матасыыкылбытын өссө өрөмүөннээтибит. Мантан Алтайскай кыраайынан Казахстан сиригэр киирэбит. Дойдубутуттан тэйдэхпит аайы, дьон-сэргэ интэриэһэ улаатан испитэ. Сорохтор итэҕэйбэт курдук тутталлар. Үгүстэр төһө кыалларынан көмөлөһөллөр. Ордук улахан куораттартан тахсыы боппуруоһа уустук. Тутуһуохтаах туһааннаах суолбут төрдүн булбакка эрэйдэнэбит. Итинник түбэлтэлэргэ олохтоохтор көмөлөрүнэн мэлдьи туһанабыт. Биһиэхэ, ыраах айан дьонугар, үгүс эйэҕэс тыллары, үтүө санаалары баҕараллара.
Казахстан истиэптэрин устун
Биһиги Павлодарскай уобаластан саҕалаан, Казахстан соҕуруу, арҕаа уобаластарын иилии эргийэн, Хотугу Казахстан уобалаһыгар сылдьан, 19 уобаластан 10‑нун хаптыбыт. Бу дойду географическай балаһыанньата ыарахаттардааҕын эппитинэн-хааммытынан биллибит. Биһиги Сахабыт сиригэр курдук талбыт ыраас уу, уокка оттор кураанах мас көстүбэт. Харах ыларын тухары килэгир истиэп салҕанан бара турар. Куйааска матасыыкылларбыт итийэн кыайан тардыммат буолаллар. Оччоҕо ханна да хаххаланар ото-маһа суох аһаҕас сиргэ тохтоон олорорго күһэллэбит. Хаһааммыт уубут матасыыкыл итии суоһуттан уонна күн сыралҕаныттан киһи иһиэх да буолбат гына сылыйара. Онон туустуҥу хос амтаннаах уунан аҥаардас айахпытын эрэ сайҕанарга тиийэрбит.
Казахстан устун айанныыр кэммитигэр үгүстүк алдьанан-кээһэнэн эрэйдэммиппит. Хас күн аайы оҥостуу-өрөмүөннэнии эбээһинэспит курдук буолбута. Икки матасыыкылбыт араамалара холбонор сирдэринэн тостубуттара. Ону үтүө дьон көмөлөрүнэн силимнии иһэрдэн айаммытын салҕаабыппыт. Биһиги Экибастуз куораты ааһан, Караганда күөҕүнэн чэлгийэр уулуссаларынан айанныыбыт.
1934 сыллаахха кулун тутарга М. К. Аммосов Караганда обкуомун I сэкирэтээринэн ананан кэлбитэ. Биир дойдулаахпыт Чаҕылхай Максим Караганда чоҕун хостооһун саппааһын элбэтиигэ, хайа бырамыысыланнаһын идэлээх каадырдарын бэлэмнээһиҥҥэ, салааны саҥа тиэхиньикэнэн сэбилээһиҥҥэ күүрээннээх салайар, тэрийэр үлэни саҕалаабыта. М. К. Аммо-сов Казахстаҥҥа үлэлээбит, олорбут сылларын дириҥник үөрэппит уонна үгүс дьон ахтыыларын хомуйан дьарыктаммыт суруналыыс А. Хамидуллин “Обком сэкирэтээрэ” диэн ыстатыйатыгар бу курдук суруйар:
“Кини эдэр этэ, намыһах уҥуохтааҕа уонна сыыдамнык туттара-хаптара. Хойуу хара баттаҕын өрө тараанара. Сытыы хара харахтарын булчут курдук симириччи көрөрө тыйыс уонна өйдөөх дьүһүннүүрэ. Балаһыанньаны, дьыала туругун билсэн баран, баартыйа Караганда куораттааҕы кэмитиэтин пленумугар чохтоох бассейн бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын, кэлэр кэскилин туһунан эрдэттэн суруллубут кумааҕыта суох итийэн-кутуйан туран, итэҕэтиилээхтик эппитэ. Кини итинэн Караганда бүгүҥҥү олоҕун уонна сарсыҥҥы сайдыытын дириҥник билэрин көрдөрбүтэ. 1934 сыл Караганданы тутууну дьиҥнээхтик саҕалааһыҥҥа тосту өҕүллүү сылынан буолуохтаах. Билиҥҥи механизированнай шахталар, буор уонна буор аҥаардаах дьиэлэр оннуларыгар саҥа куораты тутуохпут”. Бу сорук судургу дьыала буолбатаҕа биллэр. Бастакы бөдөҥ шахталары, электростанциялары, куорат олорор дьиэлэрин тутуу күүһү-уоҕу түмүүнэн, дьиҥнээх дьоруойдуу үлэнэн, сүҥкэн тулуурунан ыытыллыбыта”.
Асхад Габдуллович омугунан татаар. Кини М. К. Аммосов 70 сааһын туолуутугар анаан “Индустриальная Караганда” хаһыакка хас да улахан матырыйаалы бэчээттэппит. Караганда куорат биир эмит уулуссатыгар М. Аммосов аатын иҥэрэр туһунан туруорсар былааннааҕын биһиги уолаттарбытын кытта көрсүһүүгэ эппит. Инникитин Максим Кирович туһунан өссө чинчийэн үлэлэһэр былааннаҕын, ыраах Саха сиригэр кэлэ сылдьар, кини төрөөбүт дойдутун көрөр, биир дойдулаахтарыныын билсиһэр баҕалааҕын биллэрэр. Максим Кирович улахан кыыһын Аэлита Максимовнаны кытта Петропавловскайга бииргэ үөрэммиттэрин астына бэлиэтиир. Билигин Алма-Атаҕа олорор, “Казахстан” издательство эппиэттээх үлэһитэ.
Кини аадырыһын “Индустриальная Караганда” хаһыат эрэдээксийэтигэр көрсүһүүгэ сылдьан ылбыппыт. Уонна Киргизия киин куората Фрунзе куораттан төннөн иһэн үс киһибит Алма-Атаҕа тиийэн Асхад Габидуллович күндү ыалдьыттарынан буолбуттара. Ол көрсүһүүгэ М. К. Аммосов Карагандаҕа үлэлээбит сылларыгар киниэхэ тус суоппарынан сылдьыбыт Алексей Тихонович Молчанов Петропавловскайга олорор аадырыһын биэрбитэ.
Саха ньургун уолун Максим Аммосовы өйдүүллэрин-саныылларын уонна улаханнык ытыктыылларын, кини туһунан ис сүрэхтэриттэн астына кэпсииллэрин истэн киэн тутта, сөҕө-махтайа саныыгын. Оччоҕо эн санааҕар Максим Аммосов кылгас олоҕу олорон ааспытын умнан, кини бар дьон өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар мэлдьи тыыннаах, уһун дьоллоох олоҕу олорон ааспыт курдук өйдүүгүн. Оннук да олорон, үлэлээн биһиги чаҕылхай Максиммыт бүгүн үгүс дьон сүрэхтэригэр тыыннаах.
Бүгүн Караганда чээл күөҕүнэн чэлгийэ тыынар Казахстан биир бөдөҥ индустриальнай, экэниэмикэ, наука, култуура сайдыбыт киинэ. Максим Кирович оччотооҕуга үлэлии, салайа сылдьан өтө көрбүт сырдык ырата туолла. Ити сөҕүмэр тутууну биһиги айаммыт устатыгар илэ харахпытынан көрөн кэлбит дьоллоохпут. Нам Хатырыгыттан төрүттээх улуу саха Максим Кирович Аммосов олорбут, үлэлээбит уонна бу куорат чэчирии сайдарыгар бары дьоҕурун анаабыт аныгы Караганданы, олохтоохторо карагандинецтары кытта уруулуу-аймахтыы, чугас истиҥ дьон курдук сананан арахсабыт. Айаммытын күннээх Киргизия диэки салгыыбыт.
Күннээх Киргизияҕа
Күннээх Киргизия, кырдьык да, аатын курдук, чаҕылхай күннээх үтүө күнүнэн көрсүбүтэ. Максим Кировиһы бэйэлэрин уолларынан саныыр Киргизия кэрэ сиригэр улаханнык долгуйа үктэнэбит. Тоҕо диэтэххэ, биһиги Чаҕылхай Максиммыт бэйэтин кылгас олоҕун тиһэх күннэригэр Киргизия Компартиятын Киин Кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрин эппиэттээх дуоһунаһыгар талыллан олорбут, үлэлээбит сирэ буолан, биһиэхэ ордук чугас, ордук долгутуулаах.
Биһиги кэрэ куорат Фрунзе киинигэр “Кыргызстан” гостиницаҕа олохсуйабыт уонна чинчийэр, көрдүүр үлэбитин саҕалыыбыт. Чернышевскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэҕэ периодическай бэчээт сэдэх пуондатыгар үлэлиибит. “Советская Киргизия” хаһыат саһарбыт ыстараньыыссаларын сэрэнэн арыйталаан, М. К. Аммосов туһунан матырыйааллары көрдүүбүт.
Максим Кирович манна 1937 сыл саҥатыттан обкуом сэкирэтээрин эбээһинэһин толорооччу быһыытынан бэйэтин күүрээннээх үлэтин саҕалыыр. Сүҥкэннээх сабыытыйанан, киргиз норуотугар уонна бастаан иһэр салайар этэрээтигэр — бассабыыктарга — уобалас Сойууһунай Өрөспүүбүлүкэҕэ, баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтэ Киргизия Коммунистическай баартыйатыгар кубулуйуута буолбута. Онон сибээстээн 1937 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Киргизия К (б)П бастакы сийиэһэ аһыллыбыта.
Бэс ыйын 16 күнүгэр Киргизия К (б)П бастакы тэрээһин пленумугар М. К. Аммосовы кистэлэҥ куоластааһынынан Киргизия К (б)П КК бастакы сэкирэтээринэн талаллар. Биһиги хаһыат саһарбыт ыстараньыыссаларын арыйталаатахпыт ахсын, Максим Кирович чаҕылхай олоҕо, маассаҕа күүрээннээх үлэтэ ырылхайдык көстөн иһэр. Кини оҥорор дакылааттарын ис хоһооно түөрүйэни быраактыканы кытта дириҥник сибээстиирэ, ону олоххо киллэриигэ ахсаабат болҕомтотун уурара итиэннэ хомуньуустартан булгуччулаахтык ирдиирэ. Онон да буолуо, Максим Аммосовы киргизтэр бэйэлэрин уолларынан ааҕаллара уонна улаханнык ытыктыыллара. Кини сылайары билбэккэ ыытар үлэтин хайысхата барыта киргиз норуота, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ, култуурата өссө чэчирии сайдарыгар туһаайыллыбыта.
Максим Кирович талааннаах суруналыыс быһыытынан араас тиэмэлэргэ суруйталаабыт дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйалара “Советская Киргизия” хаһыат нүөмэрдэригэр үгүстүк көстөллөр. Ол курдук, киргиз норуотун төрүт удьуор дьарыгын — сүөһү иитиитин өрө тардарга туруорар соруктарын туһунан “Сүөһү иитиитин көтөҕүүгэ бойобуой соруктар” диэн ыстатыйатыгар “Сүөһү иитиитин сайыннарыыга биһиги большевистскай бэлиитикэбит төрдүнэн сүөһү боруодатын тупсаран, кини продуктивноһын үрдэтии буолар. Айылҕабыт үчүгэй усулуобуйатын учуоттаан, биһиги намчы түүлээх, үрдүк табаарынастаах бараан иитиитин уонна үрдүк табаарынастаах эт, үүт хайысхалаах сүөһү иитиитин сайыннарар туһаайыыны тутуһуохтаахпыт. Итини сэргэ ыраас хааннаах уонна хаан аҥардаах сылгы иитиитин сайыннарыыга үчүгэй усулуобуйаны таба туһаныахтаахпыт диэн чуолкай, чопчу соруктары туруорар. Чопчу холобурдуур буоллахха: ыстатыйа суруллубут кэмигэр сылга ийэ бараан 80%, ынах 60%, 20000 сылгы боруодатын тупсарыы уһулуччу эппиэттээх соругун толорорго оҕустар хаачыстыбаларын тупсарыыга уонна искусственнай буоһатыыга аналлаах пууннары тэрийии.
Биир сүрүн соругунан сопхуостарга уонна холкуостарга табаарынай пиэрмэлэри бөҕөргөтүү буолар. Стахановскай хамсааһыны өссө киэҥ далааһыннаахтык ыытыахха. Стахановецтар ахсааннара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 300 эрэ киһи буолла. Ити сыппараны 5–10 төгүл элбэтэри сорук оҥостуохха. Хас биир стахановец бэйэтэ 5–10 тахановеһы иитэн таһаарарын ситиһиэххэ. Ол курдук таб. Стрельникова 12 ыанньыксыты иитэн таһаарбыта барыбытыгар холобур буолуохтаах. “Ити дьоһуннаах практическай туһаны аҕалыаҕа. Сүөһү иитиитин исписэлиистэрэ чулуу ыстахаанабыстары кытта шефтэһэн үлэлиэхтээхтэр. Улахан болҕомтону социалистическай куоталаһыыга түмүөххэ” диэн быһаччы этиилэрдээх ыстатыйатын түмүктүүр. Максим Кирович киргиз норуотун удьуор-хаан дьарыгын сайыннарыыга ити курдук дьиҥ олоххо ситимнээн соруктары туруорарыгар, кини уруулуу сахатын хаана оонньуур буолуохтаах…
1937 сыл алтынньы 28 күнүгэр Киргизия К (б)П КК бастакы сэкирэтээрэ Максим Кирович Аммосовы Механическай собуот үлэһит кэлэктиибэ Фрунзе куорат быыбардыыр учаастагыттан Национальностар Сэбиэттэригэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатыгар хандьыдаатынан туруорар. Бу кэнниттэн өр буолбатаҕа, М. К. Аммосовы норуот өстөөхтөрө сымыйа дьыалаҕа балыйаннар, сырдык аатын өлбөөдүппүттэрэ. Инньэ гынан, кинини 1937 сыл сэтинньи 7 күнүгэр Киргизия К (б)П КК уурааҕынан эбээһинэһиттэн босхолообуттара. Ол гынан, устуоруйа кырдьыга бигэргэппитинэн, Максим Кирович Аммосов үтүө аата 1956 сыллаахха төрөөбүт норуотугар уонна үлэлээн ааспыт казах, киргиз норуоттарыгар буруйа суоҕа дакаастанан төннөрүллүбүтэ. Кини чаҕылхай, сырдык олоҕо билигин биһиэхэ барыбытыгар тыыннаах.
Биһиги күннээх Киргизия киинигэр Фрунзе куоракка аҕыс хонон, күүспүтүгэр күүс эбинэн, сүрэхпит умуллубат төлөнүнэн умайан, чаҕылхай олох суолунан — М. К. Аммосов олорбут, үлэлээбит суолун устун салгыы, эмиэ киэҥ Казахстан сиригэр киирэбит.
Казахстан соҕуруу уонна арҕаа уобаластарынан
Биһиги суолбут Сыр-Дарья өрүс сүнньүн батыһа олорор Чимкент, Туркестан, Кызыл-Орда, Новоказалинскай уобалас уонна оройуоннар кииннэрин ааһан, Аральскай муораҕа тиийэр. Манна күн аҥаара тохтоон оҥостобут, муора сылаас уутугар дуоһуйа сөтүөлүүбүт, сынньанабыт. Аральскайтан суолбут өссө ыарыыр. Ол иһин үчүгэйдик оҥостон, хат-хат көрүнэн, аара аһыыр аспытын, уубутун, уонна кыра да буоллар, оттук маспытын саппааһырабыт. Итиниэхэ биһигини тиийиэхтээх сирбит Аральскай — Иргиз икки арда ырааҕа итиэннэ сорох сиринэн суола да суоҕа эбээһинэстиир. Бу диэки массыына сырыыта биллэ аҕыйаата, сорох сирдэринэн кумах тибэн буксуйаталаан ылаттыыбыт. Били саксаул диэн ааттанар “маспыт” да дэҥҥэ көстөр. Уопсайынан, Казахстан кураайы уобаластарыттан биирдэстэрэ.
Бу суол учаастагар Афонябыт доруобуйата мөлтөөтө, субу-субу тохтоон, бары да куттанныбыт. Иннибитигэр кырылас ыраас кумахтаах сир кэллэ. Матасыыкыллар ончу барбат сирдэрэ, разгоннаан кэлэн астаран көрөбүт да, ырааппаккын, түһэн хаалаҕын. Афонябытын биир киһилээн урут ыытабыт. Бэйэбит хаалбыт матасыыкылларбытын таһаартыы төннөбүт. Куйааһа бэрт буолан уонна аҕылаан, утаппыппыт да сүрдээх, флягалаах уубут киһи иһиэ да буолбатах, айахпытын сайҕана түһээт, салгыы айаннаан бөһүөлэккэ киирэбит. Балыыһаҕа кэлэн, киһибитин ыйыталаспыппыт, быраас астан сүһүрбүт диэн промывка оҥорбут. Онон Афонябыт “үчүгэй буоллум” диэн салгыы айаннаһар. Күммүт киэһэрэн арыый сөрүүҥсүйэ быһыытыйда. Ол эрээри, Афонябыт эмиэ ыарытыйда, матасыыкыл сахсыырын тулуйбакка, эрэй бөҕөнү көрдө. Сүбэлэһэн, биир эмэ сиппит массыынанан киһибитин утаарарга быһаарынныбыт. Өр-өтөр буолбата, улахан массыыналар ситэн кэллилэр. Куоластаан тохтоппуппутугар суоппар казах уола балаһыанньабытын истээт, Афонябытын олорто, хайаан да балыыһаҕа киллэриэм, ылбатахтарына дьиэбэр илдьиэм диэн аадырыһын биэрдэ. Суоппар уол сүрдээх элэккэйиттэн астынныбыт, үөрдүбүт. Кинилэр оройуон киинигэр Карабутакка тиийиэхтээхтэр. Биһиги массыыналар кэннилэриттэн айанныыбыт да, ити аллаах аттар суол куһаҕанын билиммэттэр. Ырааттар-ыраатан, хараҥаҕа киирэн сүтэн-симэлийэн хаалаллар. Биһиги тохтуу-тохтуу да буоллар, иннибит диэки аргыый аҕай сыылларабыт. Балачча айаннаан баран, дэлби сылайан, ыас хараҥаҕа хонордуу оҥостобут. Сарсыарда уһуктаат, хомуна охсон, Карабутак диэки айанныыбыт. Эбиэт эрэ иннинэ Карабутакка тиийэн Афонябытын булабыт. Киһибит биллэ сэргэхсийбит, сирэйэ-хараҕа сырдаан, биһигини кэтэһэ олорор эбит. Түүн аҕалан промывка оҥорон, бүтүн биэдэрэ марганцовкалаах ууну иһэрдибиттэр.
Актюбинскай уобалас киинин — Актюбинскай куораты ааһан, салгыы Уральскай уобалас сиригэр киирэбит. Казахстан устун айаммыт тухары, бу тохсус уобаласпыт. Уобалас киинигэр Уральскайга ДОСААФ кэмитиэтин дьиэтигэр түһэбит. М. К. Аммосов 1932 сыл саҥатыгар партия Киин Кэмитиэтин быһаарыытынан уруккута Арҕаа Казахстан уобалаһыгар обкуом бастакы сэкирэтээринэн ананан кэлбитэ. Бу кини Казахстаҥҥа үлэлээбит маҥнайгы сирэ этэ, икки уобалас партийнай тэрилтэтин салайбыта. Оччотооҕу Арҕаа Казахстан уобалаһа сүрүннээн сир оҥоруутунан, сүөһү иитиитинэн дьарыктанара. Максим Кирович манна үлэлиир сылларыгар сиртэн туруктаах үүнүүнү ылыыга, онон судаарыстыбаҕа бурдугу туттарыы сорудаҕын лаппа аһара толорор соругу туруоруммута. Ол сыралаах үлэтэ таах хаалбатаҕа. Казахстан уобалаһа 1933 сыллаахха сааскы ыһыыны үчүгэй хаачыстыбалаахтык, аҕыйах хонук иһигэр (урукку сыллартан 15 хонук эрдэлээн) барыта 425582 га иэннээх сиргэ ыыппыта уонна Казкрайком (оччолорго Казахстан кыраай дэнэр этэ) үрдүнэн үрдүк үүнүүнү ылан, судаарыстыбаҕа бурдугу туттарыы былаанын чиэстээхтик толорбута.
Ол кэмҥэ уобаласка МТС-га олохтоох каадырдары бэлэмнээһин биир сүрүн оруолу ылбыта. Өскөтүн 1930 сыллаахха уобаласка 80 тыраахтыр баар эбит буоллаҕына, 20 эрэ казах уруулга олороро. Онон 1933 сылга сопхуостарга, холкуостарга, МТС-га барыта 560 тыраахтыр, онно 282 олохтоох каадыр үлэлиир буолбута. Биригээдэнэн үлэлээһин оччотооҕу бытанан олорор көс омуктары Казахстан киэҥ истиэбиттэн биир сиргэ түмпүтэ. Бу матырыйааллары биһиги “Прикаспийская правда” хаһыат ол кэмнээҕи нүөмэрдэриттэн булбуппут. Итини сэргэ Максим Кировиһы билэр хас да кырдьаҕастары көрсүбүппүт. Олортон Мурат Мергелиевич Таспаров М. К. Аммосов аатынан сопхуоска зоотехнигынан үлэлии сылдьыбытын туһунан кэпсээбитэ (оччотооҕуга бу уобалас биир сопхуоһа М. К. Аммосов аатын сүгэ сылдьыбыт). Мурат Мергелиевич миэхэ астынан туран Максим Кирович туһунан тугу билэрин кэпсээбитэ уонна биһиэхэ туһаайан: “Биир уонча сыл эрдэ кэлбиккит буоллар, Аммосовы билэр элбэх дьону кытта көрсүө этигит”, — диэн бэйэтин хом санаатын эппитэ. Атын кэпсэппит дьоммут Максим Кировиһы үчүгэйдик саныылларын биллэрбиттэрэ уонна Уральскайга олоро сылдьыбыт, үлэлээбит дьиэлэрин көрдөрбүттэрэ.
Биһиги Уральскайга икки хоноот, Ийэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куорат диэки салгыы айаннаабыппыт. Уральскайтан Москва 1400‑чэкэ биэрэстэ. Куораттан 40‑ча биэрэстэни барарбытын кытта, эргэ матасыыкылбыт уҥа цилиндрин поршена быһа ыстанан хаалла. Тута уларытар кыаллыбат буолан, состороммут, сир ылаары, өссө 60 км айаннаатыбыт. Табыгастаах сири булан, хонордуу тэринэбит. Бары да санаабыт түһэн, киэһээҥҥи судургу аһылыкпытын саҥата-иҥэтэ суох аһаан утуйабыт.
Сарсыарда биэс чааска туран оҥостор аатыгар түһэбит. Матасыыкылы бүтүннүү ыһан эрэ баран оҥосторгор тиийэҕин. Маннык алдьаныылар, аара оҥостуу айаммыт устатыгар үгүстүк буолбуттара. Ол эрээри, сырыы аайы өсөһөн туран оҥостон, өрөмүөннэнэн, айаммытын салгыырбыт. Бу да сырыыга уһун күнү хасыһан туран, киэһэ 7 чаас ааһыыта айаҥҥа турунабыт.
Улуу Москва, Саха сириттэн эҕэрдэ!
Дорообо, Москва! Киэҥ Арассыыйа ыраах улууканнаах өрүһэ Өлүөнэ кытылыттан, алмаастаах Саха сириттэн эҕэрдэ! Дойдубут төлөннөөх сүрэҕэ, бар дьон таптала, махтала түмүллүбүт улуу куорат киэҥ туоната биһиги сылайбыт, сындалҕаннаах сылаабытын киэр кыйдаан, үлүскэн үөрүүнэн кууспаҕалыыр. Тиэхиньикэбитин Москваттан 45 биэрэстэлээх Зеленоград куоракка туруорабыт, бэйэбит НХСБ-тан чугас “Ярославская” көстүүнэйгэ олохсуйабыт. Атырдьах ыйын 24 күнэ, 1977 сыл. Олус ичигэс күн үүннэ. Бу күн биһиги олохпутугар биир умнуллубат кэрэ-бэлиэ уонна долгутуулаах күнүнэн буолан, өр кэмҥэ сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах сылдьыа. Бу күн биһиги ыраах Саха сириттэн М. К. Аммосов төрөөбүт буорун аҕалан кини олоҕун доҕоро, соратнига Р. И. Цугель-Аммосова уҥуоҕар Новодевичье кылабыыһаҕа уурабыт. Мана Р. И. Цугель мөссүөнүн сэргэ Максим Аммосов хаартыската таас билиитэ хаҥас өттүгэр оҥоһуллубут. Бука бары М. К. Аммосов тапталлаах доҕорун уҥуоҕар саҥата суох сөҥүөрэн турдубут.
Биһигини сэргэ Аммосов кыргыттара Аэлита уонна Яна Максимовналар, аччыгый кыыһын Лена уола Максимка, Исидор Барахов кэргэнэ Александра Андреевна Барахова-Черепанова, Степан Аржаков кыыһа Клара Степановна Аржакова уо. д.а. бааллар. Кылабыыһаттан Яна Максимовна кыбартыыратыгар тиийэбит. Манна М. К. Аммосовы кытта, кылгастык да буоллар, Красноярскайга хомсомуол тэрилтэтин тэрийиигэ бииргэ алтыспыт, хомсомуол бэтэрээнэ Ирина Исаковна Окулованы кытта билсиһэбит.
Максим Аммосов 1920 сыллаахха 5‑с аармыйа политотделыгар үлэлии сылдьан, Красноярскай куоракка ыччат коммунистическай сойууһун тэрийсибитэ уонна бу сойуус “Красная молодежь” хаһыатын таһаарыыга көҕүлээччинэн буолбута.
— Мин ол ааспыт сыллары санаатахпына, харахпар эһиги биир дойдулааххыт М. К. Аммосов чаҕылхай, бэһиэлэй бэйэтэ тиллэн кэлэр. Кини киһи эрэ хараҕар быраҕыллар, өйүгэр-санаатыгар хатанар ураты быһыыта-майгыта, хайа баҕарар киһини тылыгар ылыннарар сытыы тыла оччотооҕу ыччаты барыбытын да куппутун туппута. Максим Кирович төһө да кылгас кэмҥэ сылдьан барбытын иһин, ыччат Коммунистическай сойууһа тэриллиитигэр чахчы маассаны түмэр сатабыллаах тэрийээччи, көҕүлээччи буоларын өйдөөбүппүт. Кини оннук үгүс киһиэхэ бэриллибэт, ис-иһиттэн дьоҥҥо ытыктатар, таптатар айылҕаттан талааннааҕа, дьоҕурдааҕа. Ол иһин буолуо, Максим Кирович Аммосовы биирдэ эмэ көрбүт, истибит киһи умнубат, кини оннук киһи болҕомтотун тардар ураты күүстээҕэ, — диэн И. И. Окулова истиҥ ахтыытын киэн тутта истэбит.
Атырдьах ыйын 29 күнэ, 1977 сыл. Бүгүн биһиги дойдубутугар, ыраах Сахабыт сиригэр айанныыр күммүт. Аэлита Максимовна ийэ уолаттарын ыраах айаҥҥа атаарарын курдук, сүрдээхтик долгуйан арахсыбыппыт. Сотору эмиэ Казахскай ССР сиригэр-уотугар киириэхтээхпит. Хотугу Казахстан уобалаһын киинигэр Петропавловскайга чугаһыыбыт. Аара тохтоон сүбэлэһэн, бириэмэни сүүйэр инниттэн икки аҥыы хайдарга быһаарынабыт. Петропавловс-кайга М. К. Аммосов тус суоппарын Алексей Тихонович Молчановы көрсүөхтээхпит уонна Максим Кирович бу уобаласка үлэлээбит, олорбут кэмнэрин архыыптан көрдүүр санаалаахпыт. Манна Юрий Осетров Григорий Егоровтыын хаалаллар. Онтон атыттар үс матасыыкылынан Омскайдыыбыт. Бу сүрүн бөлөх Омскайга докумуоннары көрдүөхтээх уонна буойаска тиэллэргэ платформа кэпсэтиэхтээх.
Дорообо, Сахабыт сирэ, биһиги эргиллэн кэллибит!
Петропавловскайга кырдьаҕас суоппар уолаттарбытыгар биир сүрдээх интэриэһинэй түгэни кэпсээбит. Максим Кирович Сергей Миронович Кировтыын уу тэстибэт доҕордуулар эбит. Быыс буллахтарына көрсүһэллэр, Сергей Миронович кэлэ сылдьар, элбэҕи сэһэргэһэллэр үһү. Тутуһан көрөн, тустан хачымахтаһан да ылаллар, биһиги Максиммыт үксүн кыайыылаах тахсар эбит. Омскайтан айаннаабыппыт ахсыс күнүгэр Сковородино ыстаансыйаҕа кэлэн платформаттан сүөкэнэбит. Тимир аалларбыт үрдүлэригэр түһэн, Большой Невер диэки көтүтэбит. Аара БАМ оройуонугар хаар түспүт. Төннөрбүтүгэр матасыыкылларбыт эрэйдээбэккэлэр, үс эрэ күнүнэн дойдубутун булбуппут.
90 хонук устата сылаалаах, сындалҕаннаах айан балаҕан ыйын 19 күнүгэр түмүктэммитэ. Көлөһө үрдүгэр үс ыйдаах олох биһиэхэ бэрт элбэҕи биэрбитэ, үгүһү көрдөрбүтэ-биллэрбитэ. Чаҕылхай олох суола — М. К. Аммосов олорбут, үлэлээбит 40 сыл анараа өттүнээҕини кытта тэҥнээн көрөн, сүдү уларыйыылар тахсыбыттарын, сайдыы сырдык суола бигэтик тыргылларын илэ көрдүбүт, астынныбыт. Бу дьоһуннаах кыайыыны аан маҥнай саҕаласпыт, бигэ акылаат уурсубут Ийэ дойдубут араас омук хорсун-хоодуот уолаттарын, кыргыттарын билиҥҥи көлүөнэ умнубат, хаһан да умнуо суоҕа. Кинилэр сырдык ааттара, ол иһигэр Максим Кирович Аммосов чаҕылхай олоҕо дьон сүрэҕэр, дууһатыгар инники сирдиир тыыннаах холобурунан буолуоҕа. Нам Хатырыгыттан саҕыллыбыт “Саха сирэ-Казахстан-Киргизия-Москва-Саха сирэ” мотопробег‑77 хамыһаара Иннокентий Васильевич Осипов оччотооҕу суоллааҕы бэлиэтээһиннэрин түмүктүүбүт.
Балаһаны Иван Ксенофонтов бэлэмнээтэ.