Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата 96% туолла

Ааптар: 
06.09.2017
Бөлөххө киир:

Күн бүгүҥҥү туругунан, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр 472 тыһ. кв миэтэрэ иэннээх 11 тыһ. 279 хаарбах туруктаах дьиэ көтүрүллүбүт, 2013-2017 сс. тус сыаллаах федеральнай бырагырааманан барыта 28 тыһ. 603 киһи дьиэ ылбыт. Бу туһунан архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ Вера Кузакова суруналыыстарга кэпсээтэ. edersaas.ru

ОДьКХ реформатын пуондата хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан үлэ түмүгүн балаҕан ыйын 20 күнүнэн таһаарарга быһаарбыт. Россия Федерациятын сүбүйүөктэрин иннигэр алтынньы 15 күнүгэр диэри 2012 сылтан саҕалаан оҥоһуллубут үлэни-хамнаһы отчуоттуур сорук турбут. Бу бырагырааманан ыытыллар үлэ элбэх улууска ситиһиилээхтик түмүктэммитин туһунан биһиги өссө ааспыт ыйга суруйан турабыт. Оттон Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Нерюнгрига, Серебрянай Борга, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга ыытыллар үлэ сэтинньигэ диэри түмүктэниэхтээх. Хойутааһын сүрүннээн тутааччылар буруйдарынан таһаарыллыбыт эбит. Суобаһа суох тутааччылар бүддьүөттэн ылбыт харчыларын төннөрөллөрүн туһугар, көтүрүллүбүт хантараахтар дьыалалара суутунан быһаарыллыахтаах.

Вера Кузакова, архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ:

— Федеральнай министиэристибэҕэ оҥоһуллар, 2019 сылтан саҕаалан үлэлиэхтээх хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү саҥа бырагырааматыгар биһиги кэккэ этиилэри киллэрбиппит. Чуолаан Арктикаҕа уонна мөлтөх суоллаах-иистээх улуустарга тутуу матырыйаалларын тиэрдиигэ бүтүн сыл наада буоларын учуоттаан, икки сыллаах циклы үс сылга уһатары туруорсубуппут. Итиэннэ дьиэ иэнин биир кыбадыраатынай миэтэрэтин сыанатыгар санаабытын эппиппит. 2013-2017 сс. федеральнай бырагырааманан ыытылар үлэ түмүктэнэр кирбиигэ киирдэ. 2012 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн көһөрүү үлэтэ 2018 сылга өрөспүүбүлүкэ үбүнэн ыытыллыаҕа. Санатан эттэххэ, 2017 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 3 тыһ. 941 хаарбах туруктаах дьиэ баар, олорго 61 тыһ. 121 киһи олорор.

Раиса Сибирякова. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0