90-стар сулустара Бырааттыы Толбоновтар

Бөлөххө киир:

90-с сыллар саҥаларыгар «Арайын эйиэхэ тэҥнэһиэх үрүҥ түүн, сайыҥҥы далбарга күөрэгэй ырыата…» диэн уостан түспэт хит ырыаны айан икки игирэ уолаттар былааһы ылбыттара. Биир да сахалыы кэнсиэр кинилэрэ суох ааспат этэ. Оччотооҕу ыччат кутун тутан ыллаабыт-туойбут уолаттар билигин ханна баалларый?

Биһиги «Итии чэй» рубрикабытыгар өрүү утарыта көрсөн олорон чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэтээччибит. Бу сырыыга Егор уонна Гаврил Толбоновтары кытта төлөпүөн нөҥүө ирэ-хоро кэпсэттим. Кинилэр билигин Анаабыр улууһун Сааскылаах культуратын киинигэр айа-тута үлэлии сылдьаллар.

  • 90-с сыллар саҥаларыгар сулус быһыытынан күүскэ биллэн барбыккыт. Улахан кэнсиэр туруорбуккут. Ол эрээри эстрада эйгэтиттэн, улахан сыанаттан эмискэ сүппүккүт.
  • Биһиги оҕо эрдэхпититтэн гитара тыаһыгар умсугуйан, онно ылларан, ырыанан дьарыктанан айарга холонор буолбуппут. Бастакы ырыабыт «Доҕорбор» диэн этэ. Оччолорго мин, бастакы таптал долгунугар уйдара сылдьар буоламмын, тоҕо эрэ олус судургутук уонна чэпчэкитик айыллыбыта да ылламмыта да. Ол ырыам миэхэ билигин даҕаны олус күндү. Бастакы таптал буоларын быһыытынан, хоруйа суох этэ. Ол тапталым оннук хоруйа суох буолан санаарҕабыл аргыстаах симэлийдэҕэ дии. Дьэ, ити кэмтэн биһиги ырыанан умсугуйан туран дьарыктаныыбыт саҕаламмыта. Билигин барыта холбоон 60-ча ырыалаахпыт. Эстрада эйгэтиттэн сүппүт да буоллахпытына, айар үлэбитин тохтоппотохпут. Дьон сиэринэн ыал буолан, тус олохпутун оҥостон ыраах улууска көспүт буруйдаахпыт.

  • Таптал туһунан наһаа истиҥ, хит буолбут уостан түспэт ырыалардааххыт. Тапталгыт туһунан кэпсээҥ.

  • Хоһооннорбут, ырыаларбыт үксэ тапталга ананаллар. Тоҕо диэтэххэ, таптал олоҕу тыынныыр, олоҕу салҕыыр сүрүн күүс дии саныыбын. Кэргэним Надежда Анаабыр улууһуттан төрүттээх. 1999 сыллаахха сэтинньи ыйга дьиҥэ, биир сыл олорон көрүөхпүт диэн болдьохтоон көһөн кэлэн бараммыт, этэҥҥэ уон алтыс сылбытын олоробут. Манна, Анаабырга үгүс күтүөт, кийиит кылгас кэмҥэ үлэлии кэлэн баран үргүччү олохсуйа хаалбыттара үгүс. Маныаха, Анаабыр дьонун-сэргэтин, олоҕун-дьаһаҕын, булдун-алдын сөбүлээн, иккис дойду оҥоһуннахпыт дии. Биһиги икки оҕолоохпут. Мичилийэ уонна Арылхан диэн кыыстаах уол. Кыыспыт Сааскылаах орто оскуолатыгар иккис кылааска туйгуннук үөрэнэр. Уолбут оҕо саадын иитиллээччитэ. Оттон игирэм аҥара Гаврил үс оҕолоох. Хаарчаана, Харысхан уонна Уйгулаан диэн ааттаахтар. Тапталым туһунан эттэххэ, барыта кэргэммэр, оҕолорбор уонна сирбэр-уоппар ананаллар.

  • Эһигини билигин иккис олохторугар олороллор дииллэр. Ити чахчы дуо?

  • Ити ыйытыыга хоруйдууру ыарырҕатабын.

  • Билиҥҥи эстраданы көрө-истэ олордоххут. Эдэр ырыаһыттар элбэхтэр. Тус санааҕыт.
  • Билиҥҥи эстарадаҕа чахчы, ырыаһыт элбэх. Ол эрээри айылҕаттан ананан кэлбит дьиҥ талааннаах, дьоҕурдаах ырыаһыт ахсааннаах курдук. Онуоха, билиҥҥи аныгы тиэхиньикэ даҕаны көмөтө улахан буолуо. Ырыаһыт дьону албыннаабакка, плюсовканан ыллаабакка, тыыннаах куолаһынан ыллыахтаах. Урут, биһиги саҕана көмпүүтэр да, суотабай да сибээс суоҕа. Онон ыччат кинигэни ааҕар, литератураны сэҥээрэр этэ. Кинигэни аахпат, хоһооннору сэҥээрбэт киһи ырыа тылын айыан сатаммат. Билиҥҥи айар ыччат аныгы тиэхиньикэнэн аһары үлүһүйбэккэ, ырыатын тылын-өһүн чочуйан, үчүгэй хаачыстыбалаах ырыаны бар дьоҥҥо тиэрдиэхтээх.

  • Сулус ыарыытынан ыалдьа сылдьыбыккыт дуо? Хайаҕытын эрэ гастроллуу тиийбит сиригэр күтүөттүү хаалбыт диэбиттэрэ. Ити чахчы дуо?

  • Биһиги саха эстрадатыгар ыллыыр, үлэлиир кэммитигэр чахчы, хаһан даҕаны сулус ыарыытынан ыалдьыбатахпыт. Ардыгар сорох билэр дьоммут: «Ганя, Гоша, эһигини элбэх киһи билэр, ырыаларгытын сөбүлээн истэллэр, хас барбыт-кэлбит дьону кытта эҕэрдэлэһэн, судургу баҕайытык билсэн, кэпсэтэн иһэҕит, кыратык туттунан, улахамсыйыаххытыҥ» диэн сэмэлиир да дьон баар этэ. Биһиги ону дьиибэргии истэр этибит. Дьон ортотугар боростуойдук, судургутук иитиллибит буоламмыт, хаһан даҕаны кимиэхэ даҕаны улаатымсыйбатахпыт, улаатымсыйыахпыт да суоҕа. Оттон кэнсиэрдии тиийбит сирбитигэр хайабыт эрэ күтүөттүү хаалбыт диэн сураҕы саҥа истэбин. Дьон эн тускунан кэпсэтэр, ырытар буоллаҕына, ол аата эн айар үлэҥ, тус олоҕун кинилэри интириэһиргэтэр уонна болҕомтону тардар буоллаҕа диэн үөрэ эрэ саныырбар тиийэбин.

  • Саха эстрадатыгар төннүөххүт этэ дуо?

  • Онто да суох манна, Сааскылаахха сыанаттан түспэккэ ыллыы сылдьабыт. Хас тэрээһин ахсын ыллыыбыт-туойабыт, айабыт-тутабыт. Оттон улахан сыана диэн эттэххэ, киин сиргэ тиийдэххэ, буолар улахан кэнсиэрдэргэ дөрүн-дөрүн кыттааччыбыт. Билигин биһиэхэ саамай айар дьоҕурбут сайдар, үүнэр кэмэ саҕаланна. Элбэх ырыа суруллан ылланна. Бэйэбит суруйар, устар айар студиялаахпыт. Диискэ даҕаны таһаарар кыах толору баар. Кистэл буолбатах, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн культура кииннэригэр аппаратуранан хааччыллыы туруга олус мөлтөх. Оттон биһиэхэ, манна Анаабырга эстрада ырыаһыттара кэлэн олус соһуйааччылар. Аппаратурабыт, тиэхиньикэбит аныгылыы, быһата, материальнай база өттүнэн бөҕө туруктаахпыт. Түгэнинэн туһанан, Сааскылаахтааҕы «Алмаас» этно-культурнай киин дириэктэрэ Мария Поповаҕа уонна буҕаалтырбытыгар Дария Винокуроваҕа махталбытын тиэрдэбит.

  • Төрөөбүт дойдуга ахтылҕан, ытык иэс диэн өйдөбүлгэ тугу этиэххит этэй?

  • Төрөөбүт дойду ахтылҕана күүстээх. Оттон ытык иэс диэн этиигэ, этиэм этэ, ытык иэспитин төрөөбүт Сахабыт сиригэр үлэлээн-хамсаан, айа-тута сылдьабыт. Түгэн түбэстэр эрэ быыс булан Кириэс Халдьаайыбытыгар тиийэргэ дьулуһабыт. Санаа хоту барыта табыллан испэт. Холобура, мин уонтан тахса сыл буолан баран 2015 сыллаахха дойдубар тиийэ сылдьыбытым. Оттон Ганя сыл ахсын син быыс булан дойдутугар сылдьар.

Олох кэрчиктэрэ:

1969 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы нэһилиэгэр төрөөбүттэрэ.

1987 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрбиттэрэ.

1988 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы барбыттара.

1991 сыллаахха культура училищетыгар киирбиттэрэ.

1994 сыллаахха культура колледжын бүтэрбиттэрэ.

Сэмсэ тыл

Ирина Елизарова, эстрада ырыаһыта:

Егор, Гаврил Толбоновтары уруккуттан билэбин. Кинилэри кытта биир кэмҥэ эстрада сыанатыгар тахсыбыт, айа-тута үлэлээбит буоламмын, олус истиҥник, иһирэхтик саныыбын. Ырыаларын бэйэлэрэ айаллар, хоһоону да суруйаллар. Майгыларынан-сигилилэринэн даҕаны олус боростуой, судургу дьон.

Ульяна ЗАХАРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0