9-с уонна 11-с кылаастар эксээмэннэригэр уларыйыылар киирдилэр
РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ итиэннэ Үөрэҕи уонна науканы кэтээн көрөр федеральнай сулууспа 9-с уонна 11-с кылаастары бүтэрээччилэр эксээмэннэригэр уларыйыылар киирбиттэрин иһитиннэрэллэр.
Ол курдук, үрдүк үөрэххэ туттарсар былааннара суох оҕолор, орто уопсай үөрэхтээһин аттестатын ылар туһугар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) оннугар, нуучча тылыгар уонна математикаҕа судаарыстыбаннай выпускной эксээмэни (ГВЭ) туттараллара ирдэнэр.
Онтон үрдүк үөрэххэ туттарсар уонна биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарар оҕолор, аттестат ылар туһугар нуучча тылыгар биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) орто сыанаҕа (удовлетворительный результат) туттараллара наадатын ыйбыттар. 2021 сылга базовай таһымнаах математикаҕа биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) ыытыллыбат буолбут.
11-с кылаастар судаарыстыбаннай выпускной эксээмэннэрэ (ГВЭ) ыам ыйын бүтүүтэ буолуоҕа диэн ыйаллар. Онтон биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) сүрүн түһүмэҕэ, быһа холоон 2021 сыл ыам ыйын 31 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри былааннанар. Урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр эмиэ бу түһүмэххэ туттараллар. Тоҕо диэтэххэ, сүрүн түһүмэх иннинээҕи (досрочный период) эһиил буолбат буолбут.
9-с кылаастарга судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация сүрүн түһүмэх иннинээҕитэ (досрочный период) эмиэ ыытыллыбат диэн этиллэр. 9-с кылааһы бүтэрээччилэргэ аттестаты нуучча тылыгар уонна математикаҕа (булгуччулаах биридимиэттэр) судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация (ГИА) түмүгүнэн бэриллиэҕэ дииллэр. Биридиэмиэттэринэн талар эксээмэннэри туттарбаттар.
Нуучча тылыгар уонна математикаҕа судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация (ГИА-9) 2021 сыл ыам ыйын 24-28 күннэригэр, сүрүн түһүмэх эрэсиэрбэҕэ күннэрэ бэс ыйын саҥатыгар буолуохтарын ыйаллар.
Сиһилии ыйыллыбыт сигэнэн РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин саайтыгар https://edu.gov.ru/press/3285/obyavleny-izmeneniya-poryadka-provedeniya-ege-i-gosudarstvennoy-itogovoy-attestacii-vypusknikov-9-i-11-klassov-v-2021-godu/
киирэн ааҕыҥ.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: pnzreg.ru