9-с, 11-с кылаастартан ураты үөрэнээччилэр ыраахтан олорон үөрэнэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, оҕолор ортолоругар хамсык дьаҥа үрдээбитинэн сибээстээн, сарсыҥҥыттан, ыам ыйын 11 күнүттэн Дьокуускай куорат 9-с уонна 11-с кылаас үөрэнээччилэриттэн ураты кылаастар ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэххэ көһөллөр. 

edersaas.ru

“Маныаха оҕолор дьон элбэхтик мустар сиригэр сылдьаллара бобуллар. Тустаах миэрэ оҕо, уопсайынан, нэһилиэнньэ доруобуйатын туһугар туһаайыллар”, — диэн суһал ыстаап суругар ыйыллар.

Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын бирикээһэ таҕыста. Бирикээскэ ыйылларынан, эксээмэннээх кылаастартан уратылар ыраахтан үөрэххэ көһөллөрүн туһунан этиллэр. Итиэннэ эбии үөрэхтээһин тэрилтэлин бөлөҕүнэн үлэлэрэ эмиэ маннык көрүҥүнэн барар буолла.

Санатан эттэххэ, кэлиҥҥи сууккаҕа эбии 115 киһи ыалдьыбыт. Оҕолор ортолоругар ыарыы үрдээһинэ бэлиэтэнэр. Онон Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан, бүгүҥҥүттэн пааркаҕа аттракционнар үлэлэрэ тохтотулунна.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0