Тоҕус ойуур баһаара бохсулунна

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 23 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 21 ойуур баһаара бэлиэтэнэр.

Ол курдук Уус Маайаҕа – 2, Ленскэйгэ – 3, Томпо5о – 3, Ньурба5а – 1, Мииринэйгэ – 5, Алдаңңа – 2, Орто Халыма5а – 1, Өлүөхүмэ5э– 2, Үөһээ Халыма5а – 1, Нерюнгригэ – 1. Уопсай иэннэрэ —  22871 га. Күүстээхтик умайа сытар сир иэнэ – 34,31 га.

Бүтэһик сууккаҕа Уус Маайаҕа уонна Алдаҥҥа 489 га иэннээх сиргэ үс ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Билиҥҥи туругунан 20386 га иэннээх сиргэ  16 ойуур баһаарын умуллара сылдьаллар. Баһаары умулларыыга 502 киһи, олортон 398 “Авиалесоохрана” үлэһиттэрэ , 101 лесохрана уонна үс киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн  үлэлии сылдьаллар. Ону сэргэ 8 тиэхиньикэ үлэлиир.

Бүтэһик сууккаҕа Мииринэйгэ уонна Тааттаҕа 788 га иэннээх сиргэ икки ойуур баһаара умуруорулунна.  Томпо, Ньурба, Ленскэй, Орто Халыма, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Үөһээ Халыма оройуоннарыгар 9 ойуур баһаара бохсулунна. Уопсай иэнэ 8742 га.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0