85 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Саха сирин үрдүнэн 7 ойуур баһаара умуруоруллубутун туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы  Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. 

Ол курдук, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Нерюнгри, Алдан уонна Мииринэй оройуоннарыгар уот умуруоруллубут. Ол оннугар Горнайга, Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка, Томпоҕо, Нерюнгригэ эбии 15 ойуур баһаара турбута билиннэ. Онон сибээстээн, билигин барыта 85 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэр. Нерюнгригэ 33, Алдаҥҥа 23, Уус Маайаҕа 8, Өлөөҥҥө 5, Мииринэйгэ 4, Маҕаҥҥа 3, Мэҥэ Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка иккилии,  Горнайга, Чурапчыга, Томпоҕо биирдии ойуур баһаардара турбуттар. Барыта 32879,8 гектардаах сир-уот былдьаммыт. Былырыын баччаларга 279 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэрэ.

Билиҥҥи туругунан 23 ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар, итинтэн 5-һэ бохсуллубут. Барыта 773 киһи үлэлиир уонна 23 анал тиэхиньикэ көмөлөһөр.

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0