84 киһини клещ ытырда

19.06.2019
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 84 киһини клещ ытырда. Бу ааспыт нэдиэлэ иһигэр 33 киһини ытырбыттар.

Улуустарынан ылан көрөр буоллахха, саамай элбэх түбэлтэ Ленскэй оройуонугар тахсыбыт – 29, Дьокуускайга – 11, Алдаҥҥа – 10, Нерюнгрига – 8, Хаҥаласка – 7, Сунтаарга, Уус Алдаҥҥа – 3-түү, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Уус Маайаҕа, Томпоҕо, Мииринэйгэ – 1-дии.

Ол эрээри, Роспотребнадзор иһитиннэрбитинэн, клещ тарҕатар энцефалит, боррелиоз, геморрагическай лихорадка курдук кутталлаах ыарыылара бэлиэтэммэтэхтэр.

Гигиена уонна эпидемиология киинигэр 45 клещ үөнү аҕалан биэрбиттэрин чинчийбиттэр, ол иһигэр дьоҥҥо хатаастыбыт – 38, ыкка ыйаастыбыт – 6, куосканы сордообут – 1 хомурдуоһу. Чинчийии түмүгэр, 18 клещ энцефалит ыарыыны илдьэ сылдьара биллибит. Бу балартан 16-та дьону ытырбыт эбит. Онон ытыртарбыт дьоҥҥо барыларыгар бу ыарыыны утары иммуноглобулин препаратын биэрбиттэр, профилактика үлэтин ыыппыттар.

Сыл аайы 100-тэн тахса киһини ытыраллара биллэр, ол эрээри, сылтан сыл бу сыыппара улаатан иһэр чинчилээх.

Сэрэхтээх буолуҥ!

Бу хааны иһэр паразит үөннэр кэнники кэмҥэ элбээн иһэллэр. Онон тыаҕа, хонууга тахсарга атаҕы, илиини бүөлүүр халыҥ таҥастаах, анал эмтээх сылдьыллыахтаах. Талах, үрдүк от, мас аттыгар олоруо суохтааххыт. Сотору-сотору таҥаскытын, баттаххытын көрүнэ сылдьыҥ, ордук оҕолору уонна ыттары-куоскалары.

Тыһы клещ 0,7-1 миэтэрэ үрдүктээх талахха, окко-маска хатаастан тахсан, сиэртибэтин кэтэһэр. Таҥаска сыстан баран, үөһэ диэки айанныыр. Таҥас халыҥ буоллаҕына, киһи чараас сирин – моонньун булан ытырар. Киитэрэйиҥ баара, ытырар кэмигэр анал дьааты таһаарар буолан, киһи кини ытырбытын билбэт. Клещ бу курдук тириигэ хам хатанан баран, хас да чаас хааны иһэ сылдьыан сөп. Ыарыылаах буоллаҕына, онто киһиэхэ хаанынан бэриллэр.

Клещ ытырбытын биллэххитинэ, илиинэн туурбакка (тумса  хаалыан сөп), иннэтэ суох испирииһинэн оборторон, эбэтэр сабынан эрийэн ылыахха сөп, эбэтэр, тута балыыһаҕа сүүрүөххэ наада. Баас оннун дезинфекциялыыр эминэн (зеленка, дьуот, водород перекиһэ, испиир) сотуллуохтаах. Хара туочука хаалбыт буоллаҕына — ол аата тумса хаалбыт. Ону пинцетынан кыбытан, эбэтэр тириини хайытан ылаллар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0