81 саастаах хаҥкыһыкка

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ куйаар ситиминэн Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин 81 саастаах олохтооҕо Егор Павлов туһунан видео киэҥник тарҕанна. Кини бу ытык сааһыгар чэгиэнник, сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьара биһиэхэ, аҕам саастаах дьоҥҥо , үтүө холобурунан буолар. Киниэхэ анаан суруйбут хоһооммун ыытабын.

81 саастаах хаҥкыһыкка

Сааскылыы
ылааҥы күн үүннэ,
Сандал саас сандаара мичийдэ,
Оҕо — саас оонньуута, күлүүтэ,
Омуна — төлөнө
күөдьүйдэ!

Оҕонньор ол онтон маппата,
Оҕочоос саастарын санаата,
Ампаартан хаҥкытын ороото,
Адьаһын эдэрдик сананна.

Ол ыраах устудьуон кэмнэрэ
Хараҕар бу тиллэн кэллилэр,
Оҕонньор хаҥкытын дьэ кэттэ,
Хаардаах муус катокка тэбиннэ.

Оҕолор дьиктиргии көрдүлэр,
Оҕонньор хорсунун сөхтүлэр,
Охторо буолуо диэн
күүттүлэр,
Оҕонньор сүһүөҕэр эрэнэр!

Хамсанан истэҕин аайытын
Хаҥкыта бэйэтэ
айанныыр,
Хараҕа дьолунан тырымныыр,
Хатыыска үөрүүтэ
таһымныыр.

Эдэрдэр силэллэн
биэрэллэр,
Эдэрин эргиттэ дэһэллэр,
Кэнниттэн арыаллыы сүүрэллэр,
Көмөҕө кэлэргэ бэлэмнэр!

Елена Прокопьева,

Мэҥэ Хаҥалас, «Таммахтар» айар холбоһук.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0