809 ыал «100 сыл оҕолоро» хапытаалы ылбыт

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 1606 оҕо төрөөбүт, ол иһигэр “100 сыл оҕолоро” хапытаалы  809 ыал ылан туһаммыт.

Ааспыт сыл ахсынньы 30 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “100 сыл оҕолоро” диэн тус сыаллаах хапытаалы олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Хапытаал кээмэйэ – 100 тыһыынча солкуобай, бу 2022 сылга төрөөбүт оҕолорго биэрэллэр.

Дьиэ кэргэн бу хапытаалы бааҥҥа уурдарыы кылаатын арыйарыгар, оҕо үөрэнэригэр, үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн ыларыгар, мэдиссиинискэй-социальнай реабилитацияны ааһарыгар, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр санаторий-куруорт эмтэниитигэр, эмтэри атыылаһарга, Арассыыйа иһигэр дьиэ кэргэнинэн сынньана барарга, олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга, тырааныспар атыылаһарга, дьиэ өрөмүөнүгэр, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тиэхиникэтин атыылаһарга, оҕо олоҕун уонна доруобуйатын страховкалыырга туһаныан сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0