80 социальнай бырайыак Ил Дархан гранын ылла

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр кэнники икки сыл иһигэр кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр 160 мөлүйүөн солкуобай суумалаах Ил Дархан гранын ыллылар. Бу үбүнэн 123 социальнай суолталаах бырайыактары үлэлэттилэр.

Социальнай хайысхалаах бырайыактар дьон олоҕун тупсарарга биир саамай көдьүүстээх ньыманан буолаллар. Көхтөөх дьон бэйэтэ идиэйэни толкуйдаан, олоххо киллэрэр. Онон гражданскай уопсастыбаны сайыннарарга Ил Дархан граннара төһүү күүс буолаллар, — диэн Айсен Николаев этэр.

2 сыл иһигэр барыта 680 сайаапка киирбититтэн, 123 бырайыак кыайбыт. 2020 сыллаахха Ил Дарханы граныгар бүддьүөттэн 56 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт эбит буоллаҕына, быйыл 103 мөлүйүөн солкуобай бэрилиннэ.

2021 сылга 29 улуустан уонна 2 куораттан – барыта 341 тэрилтэттэн 424 сайаапка киирбит. Балартан 80 бырайыак кыайбыт. Сайаапкалары grants.yakutia.click. саайтка туталлар.

Холобур, искэн ыарыылаах дьоҥҥо “Антирак: поддержка выживших”, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ “Перезагрузка” курдук бырайыактар дьоҥҥо көмөлөөхтөр. Алдан ройуонугар инбэлиит дьоҥҥо аналлаах спортивнай былаһаакканы, Ньурба Үөдэйигэр уулусса тренажердарын туруордулар.

Ил Дархан граннарыгар куонкуруһу РФ Уһук Илини, Арктиканы сайыннарар министиэристибэтэ биһирээбитэ уонна атын эрэгийиэннэр эмиэ ыыталларыгар сүбэлээбитэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0