8 190 туонна бурдук хомуйулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 28 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 8 110 гектар бааһына бурдуга быһыллан, 8 190 туонна бурдук хомуйулунна.

Ити иһигэр, 1 151 туонна сэлиэһинэй, 2 071 туонна ньэчимиэн уонна 4 877 туонна эбиэс, эбэтэр ортотунан ыллахха, биир гектар ахсыттан 10,2 сэнтиниэр үүнүү ылылынна.

Биирдиилээн улуустарынан көрдөххө, Амма улууһугар 4 278 туонна (565 т сэлиэһинэй, 1289 т ньэчимиэн, 2424 т эбиэс), Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 1001 туонна (220 т сэлиэһинэй, 185 т ньэчимиэн, 596 т эбиэс), Хаҥалас улууһугар 1 151 туонна (10 т сэлиэһинэй, 411 т ньэчимиэн, 725 т эбиэс), Уус Алдан улууһугар 681 туонна (161 т сэлиэһинэй, 520 т эбиэс), Сунтаар улууһугар 420 туонна (132 т ньэчимиэн, 288 т эбиэс), Чурапчы улууһугар 333 (12 т ньэчимиэн, 321 т эбиэс), Өлүөхүмэ улууһугар 149 туонна (25 т сэлиэһинэй, 104 т ньэчимиэн, 20т эбиэс), Бүлүү улууһугар 64 туонна (28 т сэлиэһинэй, 36 т ньэчимиэн) , Дьокуускайга 113 (91 т сэлиэһинэй, 10 т ньэчимиэн, 11 т эбиэс), бурдук хомуллубут. Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ»,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0