8-16 саастаах оҕолорго босуобуйаны ким ылыахтааҕый?

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин быһаарыытынан, 2022 сыл муус устар 1 күнүттэн 8-16 саастаах оҕолордоох кыаммат ыалларга саҥа ыйдааҕы төлөбүр олохтонно. Ыам ыйыгар бу ирдэбиллэргэ хапсар дьиэ кэргэттэр икки ыйдаах төлөбүрү тэҥинэн ылыахтара.

— Билигин маннык төлөбүрү аҥаардас төрөппүттэр эрэ ыла сылдьаллар. Ыам ыйыттан кыра дохуоттаах, толору дьиэ кэргэттэр эмиэ ылар кыахтаналлар. Дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, төлөбүр бэриллэр, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова быһаарар.

Төлөбүрү ыларга “Госуслуги” портал нөҥүө сайабылыанньаны суруйуохха, эбэтэр, Биэнсийэ пуондатыгар тиийэн биэриэххэ сөп. Харчы “МИР” каартаҕа түһэр.
Манна дьиэ кэргэн көмөҕө төһө наадыйарын учуотууллар. Дохуоту эрэ буолбакка, баайы-дуолу эмиэ көрөллөр. Холобур, ыал дохуота кыра эрээри, хас да дьиэлээх, массыыналаах буоллаҕына, көмө харчыга тиксибэт. Дьиэ кэргэҥҥэ хас да 8-16 састаах оҕо баар буоллаҕына, босуобуйа хас биирдиилэригэр бэриллэр.

2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэҕэ анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 1-кы зонаҕа – 22 356 солкуобайга, 2-с зонаҕа – 18 726 солкуобайга тэҥнэһэр. Дьиэ кэргэн төһө көмөҕө наадыйарынан көрөн, төлөбүр кээмэйэ араас буолар – оҕолорго анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75%, 100%-гар тэҥнэһэр.
50%-наах төлөбүр: 1 зонаҕа – 11 614 солкуобай, 2-с зонаҕа – 9728 солкуобай.
75%-наах төлөбүр: 1-кы зонаҕа – 17 421 солкуобай, 2-с зонаҕа – 14 592 солкуобай.
100%-наах төлөбүр: 1-кы зонаҕа – 23 229 солкуобай, 2-с зонаҕа – 19457 солкуобай.

Бу босуобуйа эрэгийиэн бүддьүөтүттэн кыттыгас үбүлээһиннээх. Ол эбэтэр, 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 412 172  солкуобай көрүлүннэҕинэ, федеральнай бүддьүөттэн эбии үгүөрү үп кэлэр.

Сабаҕалааһын быһыытынан, быйыл маннык ыйдааҕы босуобуйаны Саха сиригэр олорор, 8-16 саастаах 41 256 оҕо ылыаҕа.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

v.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0