Бэрэсидьиэн Владимир Путин быһаарыытынан, 2022 сыл муус устар 1 күнүттэн 8-16 саастаах оҕолордоох кыаммат ыалларга саҥа ыйдааҕы төлөбүр олохтоммута. Ыам ыйыгар бу ирдэбиллэргэ хапсар дьиэ кэргэттэр икки ыйдаах төлөбүрү тэҥинэн ылыахтара. Бу кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ улахан көмө буолар.
Элбэх дьиэ кэргэттэри таарыйарынан, дьоҥҥо өйдөнүмтүө буоллун диэн, ыйытыы-хоруй көрүҥүнэн, кылгатан таһаарабыт.
Туох ирдэбиллээҕий?
Бу иннинэ маннык төлөбүрү аҥаардас төрөппүттэр эрэ ыла сылдьыбыттара. Ыам ыйыттан кыра дохуоттаах, 8-16 саастаах оҕолордоох, толору дьиэ кэргэттэр эмиэ ылар кыахтаналлар. Дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына эрэ, босуобуйа бэриллэр.
Төлөбүрү ыларга “Госуслуги” портал нөҥүө сайабылыанньаны суруйуохха, эбэтэр, Биэнсийэ пуондатыгар тиийэн биэриэххэ сөп. Харчы “МИР” каартаҕа түһэр.
Манна дьиэ кэргэн көмөҕө төһө наадыйарын учуоттууллар. Дохуоту эрэ буолбакка, баайы-дуолу эмиэ көрөллөр. Холобур, ыал дохуота кыра эрээри, хас да дьиэлээх, массыыналаах буоллаҕына, көмө харчыга тиксибэт.
Баайы-дуолу хайдах ааҕаллар?
2021 сыл сааһыгар РФ бырабыыталыстыбата саҥа быраабыланы киллэрбитэ: дьиэ кэргэн балаһыанньатын быһаарарга дохуоту эрэ аахпакка, баайын-дуолун барытын кэлимник көрүллүөхтээх диэн. Манна дьиэни, массыынаны, уурунуу харчыны кытары учуоттууллар. Өскөтүн дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах буолан баран, икки дьиэлээх буоллаҕына, босуобуйа бэриллибэт.
Маны таһынан, учаастагы эмиэ ааҕаллар. Куоракка 25 суотайдаах, тыа сиригэр 1 гектаардаах учаастактан улахан сири бас билэр дьиэ кэргэттэр босуобуйаны ылар кыахтара суох. Социальнай көмө быһыытынан бэриллибит сир уопсай баайга ааҕыллыбат. Ону тэҥэ, биир киһи олорбот тутуутун, биир даачаны, биир гарааһы, эбэтэр биир массыына миэстэтин бас билэр буоллахха, кыамматтар ахсааннарыгар киириэххэ сөп. Элбэх оҕолоох уонна инбэлиит оҕолоох төрөппүттэргэ икки массыына миэстэтэ буолуон сөп.
Дохуоту ааҕарга тиэхиникэни эмиэ учуоттууллар. Биир массыыналаах, биир матасыыкыллаах ыал кыаммат диэн ааттаныан сөп. Элбэх оҕолоох, эбэтэр, ким эрэ инбэлиит буоллаҕына, икки массыына, икки матасыыкыл буолуон сөп. Ол эрээри, массыына мотуора 250 ат күүһүттэн улахан уонна 5 сылтан “эдэр” буоллаҕына, босуобуйаны биэрбэттэр (аны ыал 4 оҕолоох, массыына 5 миэстэлээх буоллаҕына, биэрэллэр эбит). Биир тыраахтар (комбайн, катер, мотуордаах оҥочо, о.д.а.) баар буолуон сөп. Бу тиэхиньикэ 5 сылтан ордук туһаныллыбыт, эргэ буоллаҕына, ааҕыллыбат.
Икки босуобуйаны тэҥинэн ылыахха сөп дуо?
Аҥаардас төрөппүт 8-16 саастаах оҕотугар босуобуйаны ыла сылдьыбыт буоллаҕына, уларытыан сөп. Тоҕо диэтэр, аҥаардас төрөппүккэ бэриллэр босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%-гар эрэ тэҥнэһэр. Оттон бу саҥа босуобуйаҕа кини тиийинэн олоруу алын кээмэйин 75%, 100%-нын ылыан сөп (дохуотуттан көрөн). Ол эрээри, икки босуобуйаны тэҥинэн ылар көҥүллэммэт.
Олох туох да дохуота суох дьоҥҥо эмиэ бэриллибэт. Тоҕо диэтэр, төрөппүт үлэлээбэккэ олорор буоллаҕына, туох эрэ убаастанар төрүөттээх буолуохтаах (күнүскү үөрэххэ үөрэнэр, оҕо көрөн олорор, үлэтэ суоҕунан учуокка турар, о.д.а.). Бу тугу да үлэлээбэккэ, босуобуйа ыла-ыла, таах олорор, арыгылыыр-хайыыр дьоҥҥо сыһыаннаах.
Оттон дьиэ кэргэҥҥэ хас да 8-16 саастаах оҕо баар буоллаҕына, босуобуйа хас биирдиилэригэр бэриллэр.
Саха сиригэр хас оҕо ылыан сөбүй?
Бу босуобуйа эрэгийиэн бүддьүөтүттэн кыттыгас үбүлээһиннээх. Ол эбэтэр, 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн
412 172 солкуобай көрүлүннэҕинэ эрэ, федеральнай бүддьүөттэн эбии үгүөрү үп кэлэр.
Сабаҕалааһын быһыытынан, быйыл маннык ыйдааҕы босуобуйаны Саха сиригэр олорор, 8-16 саастаах 41 256 оҕо ылыаҕа.
Босуобуйа кээмэйэ төһөнүй?
2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэҕэ анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 1-кы зонаҕа – 22 356 солкуобайга, 2-с зонаҕа – 18 726 солкуобайга тэҥнэһэр.
Дьиэ кэргэн төһө көмөҕө наадыйарынан көрөн, төлөбүр кээмэйэ араас буолар – оҕолорго анаммыт, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75%, 100%-гар тэҥнэһэр.
50%-наах төлөбүр: 1 зонаҕа – 11 614 солкуобай, 2-с зонаҕа – 9728 солкуобай.
75%-наах төлөбүр: 1-кы зонаҕа – 17 421 солкуобай, 2-с зонаҕа – 14 592 солкуобай.
100%-наах төлөбүр: 1-кы зонаҕа – 23 229 солкуобай, 2-с зонаҕа – 19 457 солкуобай.
Зоналары хайдах быһааралларый?
Үөһээ этиллибитин курдук, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ зоналарынан арахсан, суумата эмиэ араас буолар. Бу дьиэ кэргэн уопсай дохуотун ааҕыыга улахан суолталаах.
1-кы зонаҕа: Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустара, Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат киирэллэр.
2-с зонаҕа: Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустара, Дьокуускай куорат киирэллэр.
Сайабылыанньаны хайдах биэрэбит?
“Госуслуги” порталга муус устар 26 күнүттэн тутан саҕалаабыттара. Ыам ыйын 1 күнүгэр бары эрдэ суруллубут сайабылыанньалар Биэнсийэ пуондатын көрүүтүгэр киирэллэр. Ол эрээри, кинилэри эрдэ көрүү диэн суох – ыам ыйын 1 күнүттэн киирбит сайабылыанньалары кытары тэҥҥэ көрүллэллэр.
Сайабылыанньалары көрүү болдьоҕо – 10 үлэ күнэ. Сорох түгэннэргэ бу болдьох уһуон сөп. Оннук уһуур түбэлтэтигэр, дьиэ кэргэҥҥэ иһитиннэрии кэлиэхтээх.
Дьиҥэ, сайабылыанньаны хойут да биэриэххэ сөп – 2022 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри. Оччоҕо муус устартан саҕалаан, бары ыйдааҕы босуобуйа суумата мунньуллан кэлэр. Этэргэ дылы, барытын биирдэ лөглөччү баһан ылаҕын. Ол эрээри, алтынньы 1 күнүттэн хойутаатаххына, мунньуллубут сууманы ылбаккын, алтынньыттан эрэ саҕалаан төлөөн бараллар.
Ону тэҥэ, холобур, оҕо 8 сааһын от ыйыгар туоллаҕына, босуобуйа от ыйыттан төлөнөр, муус устартан буолбатах. Тоҕо диэтэр, оҕо 8 сааһын туоллаҕына эрэ, босуобуйа бэриллэр. 17 сааһын туолла да, төлөнөн бүтэр.
Ыам ыйын 1 күнүттэн онлайн көрүҥүнэн эрэ буолбакка, Биэнсийэ пуондатын салаатыгар, эбэтэр Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) тиийэн, сайабылыанньаны биэриэххэ сөп. Эбии туох да докумуону биэрэр ирдэммэт – Биэнсийэ пуондата бэйэтэ тустаах сибидиэнньэлэри судаарыстыбаннай информационнай систиэмэлэртэн онлайн көрүҥүнэн хомуйар.
Дохуоту хайдах ааҕалларый?
Сайабылыанньа бэриллибит ыйыттан 4 ый иннинээҕи 12 ыйдаах дьиэ кэргэн дохуота ааҕыллар. Холобур, сайабылыанньа ыам ыйыгар бэриллибит буоллаҕына, дьиэ кэргэн 2020 сыл ахсынньытыттан 2021 сыл ахсынньытыгар диэри дохуота учуоттанар.
Дьиэ кэргэн туох баар сыллааҕы дохуотун (хамнас, подоходнай нолуок, бириэмийэ, биэнсийэ, босуобуйа, истипиэндьийэ, о.д.а.) 12 ыйга түҥэтэллэр, онтон ыйдааҕы сууматын хас биирдии чилиэнин ахсаанынан түҥэтэллэр. Бу дьиэ кэргэн биир чилиэнигэр тиксибит суума тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына эрэ, босуобуйа бэриллэр.
Ол эрээри, уопсай дохуоту ааҕарга сорох дохуот ааҕыллыбат. Холобур, 3-8 саастаах оҕоҕо ылар босуобуйа, 8-17 саастаах оҕоҕо босуобуйа уопсай дохуокка ааҕыллыбаттар.
Босуобуйаны 12 ыйга биэрэллэр. Биир сылынан сайабылыанньаны саҥаттан суруйуохха наада.
Ангелин Васильева, «Саха сирэ» хаһыат