8-16 саастаах оҕолорго босуобуйа: аккаас төрүөттэрэ

Бөлөххө киир:

8-16 саастаах оҕолордоох, кыра дохуоттаах ыалларга анаммыт судаарыстыбаннай көмө саҥа миэрэтин Биэнсийэ пуондата ыам ыйыттан саҕалаан түҥэтэн эрэр. Маныаха сорох дьоҥҥо аккаас кэлэн, өйдөммөт түгэннэр үөскээбиттэрэ. Бу боппуруостары быһаарар туһуттан, Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрин актыбыыскаларын, суруналыыстары кытары көрүстэ.

Ыам ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, 39 тыһыынча кэриҥэ сайабылыанньа киирбититтэн, 70%-на көрүллүбүт. Киирбит сайабылыанньаны көрөргө 10 хонук бэриллэр, өскөтүн, туох эрэ докумуон итэҕэс буоллаҕына, эбии 20 хонук бэриллэр, уопсайа 30 хонугунан көрүллэн бүтүөхтээх.
Биэнсийэ пуондатын үлэһиттэрэ муус устар ыйтан саҕалаабыт уонна бу күннэргэ өрөбүлэ суох үлэлээбит буоланнар, ыгым кэмҥэ улахан кээмэйдээх үлэни үмүрүттүлэр. Ыам ыйыттан саҕалаан, 17 855 оҕоҕо 459,1 мөлүйүөн солкуобай төлөнөн турар. Бастаан дьиэ кэргэттэр икки ыйдаах: муус устардааҕы уонна ыам ыйынааҕы төлөбүрдэри тэҥинэн ыллылар. Салгыы ый аайы биир сылы быһа төлөнөр, онтон саҥаттан сайабылыанньаны суруйуу ирдэнэр.
Урут социальнай көмөнү ыларга элбэх докумуону хомуйар ирдэнэр эбит буоллаҕына, бу манна сайабылыанньаны эрэ суруйуохха наада. Атын сибидиэнньэлэри Биэнсийэ пуондата тустаах тэрилтэлэртэн бэйэтэ хомуйар. Ол гынан баран, сайабылыанньа 13 лиистээх, манна тугу эрэ сыыһа суруйан кэбистэххэ, аккаас кэлиэн сөп. Холобур, массыынаны атыылаан баран, ГИБДД тиийэн, регистрацияттан уһултарбатах буоллахха, бу тэрилтэттэн кэлэр сибидиэнньэҕэ икки массыыналаах курдук көстөҕүт. Оччоҕо усулуобуйа быһыытынан, босуобуйа бэриллибэт. Бу курдук, “Росреестр” сибидиэнньэтинэн, киһи аатыгар хас да учаастак, дьиэ сурулла сылдьар буоллаҕына, эмиэ аккаастыыллар. Ону тэҥэ, дохуот 50 солкуобайынан да таһынан барар буоллаҕына, аккаас кэлэр.
Дьэ, ол курдук, сүрүннээн ханнык төрүөтүнэн аккаас кэлэр эбитий?
68% — дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүк буоллаҕына;
13% — 2 тырааныспардаах дьиэ кэргэттэргэ;
8% — “нуул” дохуоттаах ыалларга;
5% — докумуон ситэтэ суоҕа;
4% — дьиэ кэргэн 2 дьиэлээх буоллаҕына;
2% — атын төрүөт.
Георгий Степанов сайабылыанньаны суруйарга болҕомтолоох буолар наадатын бэлиэтээтэ. Биир килиэккэни көтүтэн кэбистэххэ, сыыһа курдук ааҕыллар. Ону тэҥэ, баайы-дуолу учуоттаан, тустаах тэрилтэлэргэ баран чопчулуурга сүбэлээтэ. Сайабылыанньаны алтынньыга диэри суруйдахха, муус устартан ыла барыта мунньуллан, хос ааҕыллан кэлэр. Онон сүүрэн-көтөн, докумуоннары бэрээдэктииргэ, сайабылыанньаны хос суруйарга бириэмэ баар.
Дьахталлар түмсүүлэрин актыбыыскалара салайааччыга элбэх ыйытыыларын биэрдилэр уонна толору хоруйдары ыллылар. Ол курдук, бэйэ дьарыктаах төрөппүттэр дохуоттарын хайдах бигэргэтэллэрин; 2-с группалаах инбэлиит оҕону көрөн олоруу “нуул дохуокка” төрүөт быһыытынан ааҕыллыбатын; ханнык дохуот көрүҥэ дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар ааҕыллыбатын, о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр.
Бэйэ дьарыктаах дьон дохуоттарын туһунан докумуоннары Биэнсийэ пуондатыгар бэйэлэрэ аҕалан, туттарыахтаахтар эбит.

Босуобуйа кээмэйэ

2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолорго анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 1-кы зонаҕа – 23 229 солкуобайга, 2-с зонаҕа – 19 457 солкуобайга тэҥнэһэр.
Дьиэ кэргэн төһө көмөҕө наадыйарынан көрөн, босуобуйа кээмэйэ араас буолар – оҕолорго анаммыт, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75%, 100%-гар тэҥнэһэр.
1-кы зона                                                                         2-с зона
50%-наах төлөбүр: 11 614 солкуобай;           9728 солкуобай

75%-наах төлөбүр: 17 421 солкуобай;            14 592 солкуобай

100%-наах төлөбүр: 23 229 солкуобай;        19 457 солкуобай.

Дохуоту ааҕыы

Сайабылыанньа бэриллибит күнүттэн 4 ый иннинээҕи 12 ыйдаах дьиэ кэргэн дохуота ааҕыллар. Холобур, сайабылыанньа ыам ыйыгар бэриллибит буоллаҕына, дьиэ кэргэн 2020 сыл ахсынньытыттан 2021 сыл ахсынньытыгар диэри дохуота учуоттанар.
Дьиэ кэргэн туох баар сыллааҕы дохуотун (хамнас, подоходнай нолуок, ГПХ дуогабарынан хамнас, гонорар, урбаанньыт, бэйэ дьарыктаах дохуота, бириэмийэ, биэнсийэ, алимент, босуобуйа, истипиэндьийэ, уурунуу харчыттан бырыһыан, нэһилиэстибэ, лотереяҕа сүүйүү, дьиэ куортамыттан дохуот, о.д.а.) 12 ыйга түҥэтэллэр, онтон ыйдааҕы сууматын хас биирдии чилиэнин ахсаанынан түҥэтэллэр.
Ол эрээри, уопсай дохуоту ааҕарга сорох дохуот ааҕыллыбат. Холобур, 3-7 саастаах уонна 8-17 саастаах оҕолорго босуобуйалар, Ийэ хапытаалыттан төлөбүрдэр, биирдэ бэриллэр материальнай көмө, социальнай хантыраах, тус сыаллаах грант харчыта уопсай дохуокка ааҕыллыбаттар.
Босуобуйаны 12 ыйга биэрэллэр. Биир сылынан сайабылыанньаны саҥаттан суруйуохха наада.

Баайы-дуолу ааҕыы

Дьиэ кэргэн көмөҕө төһө наадыйара учуоттанар. Дохуоту эрэ буолбакка, баайы-дуолу эмиэ көрөллөр. Холобур, ыал дохуота кыра эрээри, хас да дьиэлээх, массыыналаах буоллаҕына, көмө харчыга тиксибэт.
2021 сыл сааһыгар РФ бырабыыталыстыбата саҥа быраабыланы киллэрбитэ: дьиэ кэргэн балаһыанньатын быһаарарга дохуоту эрэ аахпакка, баайын-дуолун барытын кэлимник көрүллүөхтээх диэн.
1 кыбартыыра, 1 дьиэ, 1 даача, 1 гараас, 1 учаастак баар буоллаҕына, кыаммат ыал ахсааныгар киириэххэ сөп. Куоракка 25 суотайдаах, тыа сиригэр 1 гектаардаах учаастактан улахан сири бас билэр дьиэ кэргэттэр босуобуйаны ылар кыахтара суох. Социальнай көмө быһыытынан бэриллибит сир, дьиэ уопсай баайга ааҕыллыбат. Элбэх оҕолоох уонна инбэлиит оҕолоох төрөппүттэргэ икки массыына буолуон сөп.
Дохуоту ааҕарга тиэхиникэни эмиэ учуоттууллар. Биир массыыналаах, биир матассыыкыллаах ыал кыаммат диэн ааттаныан сөп. Элбэх оҕолоох, эбэтэр, ким эрэ инбэлиит буоллаҕына, икки массыына, икки матасыыкыл буолуон сөп. Ол эрээри, массыына мотуора 250 ат күүһүттэн улахан уонна 5 сылтан саҥа буоллаҕына, босуобуйаны биэрбэттэр (аны ыал 4 оҕолоох, массыына 5 миэстэлээх буоллаҕына, биэрэллэр эбит). Биир тыраахтар (комбайн, катер, мотуордаах оҥочо, о.д.а.) баар буолуон сөп. Бу тиэхиньикэ 5 сылтан ордук туһаныллыбыт, эргэ буоллаҕына, ааҕыллыбат.

“Нуул дохуот” төрүөттэрэ

Олох туох да дохуота суох дьоҥҥо эмиэ бэриллибэт. Тоҕо диэтэр, төрөппүт сылы быһа үлэлээбэккэ олорор буоллаҕына, туох эрэ убаастанар төрүөттээх буолуохтаах:
—элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ биир төрөппүт оҕо көрөн олорор буоллаҕына;
— аҥаардас төрөппүт;
— оҕо 3 сааһыгар диэри, эбэтэр, 1-кы группалаах инбэлиити, 80 сааһын туолбут кырдьаҕаһы көрөн олорооччу;
— 23 сааска диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнии;
— хат буолуу (6 ый);
— аармыйаҕа сулууспалааһын, ол кэнниттэн 3 ый устата;
— 3 ыйы быһа эмтэнии;
— Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турбут үлэтэ суох киһи (6 ый устата);
— хаайыыга олоруу, ол кэнниттэн 3 ый устата;
— аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарга киирсэр, төрүт дьарыктарын тута сылдьар дьон.
Георгий Степанов быһаарбытынан, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктарга киирсии туһунан дакаастыырга уустуктар баар буолуохтарын сөп.

Сыыппара хараҕынан
42 тыһыынча оҕо босуобуйаны ылыан сөп.
38 тыһыынча сайабылыанньа киирбит,
26,6 тыһыынча быһаарыы ылыллыбыт,
18 тыһыынча оҕоҕо анаммыт,
459,1 мөлүйүөн солкуобай төлөммүт.
4,6 миллиард солкуобай бу босуобуйаҕа сыл аайы ыытыллара былааннанар.

Ангелина Васильева, Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: pfrf.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0