77 сыл анараа өттүгэр сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата Федор Поповка иҥэриллибитэ

Ааптар: 
15.01.2021
Бөлөххө киир:

Федор Кузьмич Попов Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Иккис Баатара нэһилиэгэр 1921 сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр төрөөбүтэ.

Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллан барбыта.1943 сыл күһүнүгэр, байыаннай үөрэҕи ааһан, Украина Любеч куоратыгар тиийбитэ.  Алтынньы 2 күнүгэр Федор Попов автоматчигынан сулууспалыыр 81-с стрелковай дивизиятын 467-с полкатыгар Днепр өрүһү туораан өстөөҕү тохтоторго бирикээс кэлбитэ. Алтынньы 3 күнүгэр өстөөх күүскэ атаакалаабыта. Днепри туораан иһэр кыһыл ротаны уҥа биэрэккэ фашистар тоһуйан тураллара. Рядовой Попов Днепри бастакынан харбаан туораан, өстөөх траншеятыгар күүппэтэх өттүлэриттэн соһуччу киирэн уоту аспыта. Ботуруона, гранатата бүппүтүн кэнниттэн, илиинэн хапсыһыыга барыта 23 өстөөх саллаатын суох гыммыта, өстөөх траншеятын соҕотоҕун былдьаабыта. Федор ньиэмэстэр ручной пулеметтарынан уотун аһан, бэйэтин ротатыгар туоруур кыаҕы биэрбитэ. Докумуоннарга сурулларынан, бу хапсыһыыга кини 50-тан тахса өстөөх саллаатын суох оҥорбута.  Бу хапсыһыы кэнниттэн Белоруссия сиригэр Глушец дэриэбинэтигэр улаханнык бааһыран, 1943 сыл алтынньы 13 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта. Федор Попов холобура суох хорсун быһыыта дизизия хамаандалыыр састаабын сөхтөрүөн сөхтөрбүтэ, оттон кини оччотооҕуга 21 саастаҕа.

1944 сыл тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан Днепр өрүһү туорааһыҥҥа бойобуой сорудаҕы хорсуннук толорбутун, холобур буолар геройдуу быһыытын иһин, Ленин орденын уонна “Кыһыл көмүс сулус” мэтээли анаан туран, Советскай Союз Геройун аата иҥэриллибитэ (өлбүтүн кэннэ). Ол сыл үөрэммит оскуолатыгар, биригэдьииринэн үлэлээбит “Октябрь” холкуоһугар “Герой Попов” аатын иҥэрбиттэрэ. 

Сахалартан бастакы Советскай Союз Геройун аатын ылбыт Ф.К. Попов аата бүтүн норуот киэн туттуута буолбута. Сэрии кэминээҕи литература Герой Попов хорсун быһыытын тумнубатаҕа. Бастакынан 1944 c. “Советскай Союз Геройа Ф.К. Попов” диэн Софрон Данилов, Леонид Попов история чахчытыгар олоҕурбут уус-уран очеркалара тахсыбыта. Саа-саадах тутан эрэ буолбакка, уус тылларын сытыы батаһынан өстөөҕү самнарар айымньылары суруйа сылдьар поэттар Федор Попов хорсун быһыытын үйэтитэр анабыл хоһооннорун, поэмаларын суруйан барбыттара. Геройу Эллэй, Илья Чаҕылҕан, Пантелеймон Тулааһынап, Баал Хабырыыс, Н.Степанов-Ноорой, М.Тимофеев-Терешкин уо.д.а. хоһоонноругар туойбуттара.

Сэрии кэнниттэн 1947 cыллаахха герой уобараһын литератураҕа Күннүк Уурастыырап, Леонид Попов поэманан киллэрбиттэрэ. Герой уобараһын, оҥорбут хорсун быһыытын сиһилии хоһуйбуттара. Прозаҕа 1973 с. Гаврил Колесов “Саллаат санаата” документальнай сэһэнэ,1995 с. Иван Сысолятин “Ох курдук оҥостон” романа тахсыбыттара. 2000 с. «Ох курдук оҥостон” романынан режиссер Никита Аржаков “Биһиги Сүөдэрбит” диэн киинэ уһулбута. 2005 с. Федор Попов балта Марфа Попова-Филатова “Убайым Сүөдэр – бар дьонун сүрэҕэр” диэн өр сыллааҕы муспут ахтыыларын кинигэтин ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр таһаарбыта. 

Надежда Ильина, edersaas.ru

Хаартыскалар Интернет ситимиттэн ылылыннылар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0