1942-1943 сылларга Сталинград куорат иһин кыргыһыыга сэбиэскэй саллааттар ураты хорсун быһыыны көрдөрөн, кырыктаах кыргыһыы 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр биһиги буойуттарбыт кыайыыларынан түмүктэммитэ. Ол сэрии толоонугар 1 мөлүйүөн 143 тыһыынча киһи охтубута. edersaas.ru
Саха сириттэн биллиилээх учуутал Н.В.Егоров, Дьокуускайдааҕы пединститут преподавателэ Ю.Г.Шафер, аатырбыт артиллерист Гавриил Протодьяконов, суруйааччы С.А.Саввин-Макар Хара уонна да атыттар сэриилэспиттэрэ.
Быйыл Сталинградка Кыайыы 75 сылын бэлиэтиибит. Бу күҥҥэ анаан СӨ Ыччат дьыалаларын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтэ «Мы помним» диэн видеоролик бэлэмнээтэ.
Айтана Аммосова бэлэмнээтэ, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1