Кыайыы күнүн көрсө «75 сыл эйэлээх халлаан анныгар» аахсыйа ыытылынна
Улуу Кыайыы 75 сылынан «75 сыл эйэлээх халлаан анныгар» диэн дойдуга бэриниилээх буолуу аахсыйата тэриллибитин туһунан сырдатыллан турар. Бу аахсыйа чэрчитинэн, Кыайыы күнүн көрсө, ытык кырдьаҕастарга бэлэхтэр туттарылыннылар. Сиһилии А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
—Кыайыы күнүн көрсө А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Мамедов Алиш Забид-оглы бэрэссэдээтэллээх «Баку» азербайджаннар түмсүүлэрэ «75 сыл эйэлээх халлаан анныгар» диэн аахсыйаны тэрийбиппит. Ол чэрчитинэн, Аҕа дойду уоттаах сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылларын оҕолоругар, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, концлааҕырга сылдьыбыттарга ас-үөл наборун уонна өйдүү-саныы сылдьалларыгар бэлэхтэри туттартаатыбыт.
Бу тэрээһиммитигэр санитарнай ирдэбиллэр тутуһулуннулар. Аахсыйа волонтердара – Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин үлэһиттэрэ, бары мааскалаах, бэрчээккэлээх сырыттыбыт.
Салгыы А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин уус-уран салайааччыта Жанна Николаева эҕэрдэтин тиэрдэр:
— 75 сыл анараа өртүгэр бу Улуу Кыайыыны уһансыбыт, биһиэхэ көҥүлү аҕалбыт ытык дьоммутун — бэтэрээннэрбитин биһиги хайаан да чиэстиир, кинилэр үрдүк ааттарыгар сүгүрүйэр эбээһинэстээхпит. Бүгүн ытык кырдьаҕастары эҕэрдэлииргэ үөрэ-көтө кыттыбыт волонтердарбыт ортолоругар Кыайыыны уһансыбыт, дьоллоох олоҕу бэлэхтээбит бэтэрээннэрдээх ыччаттар баалларыттан улаханнык үөрэбит, киэн туттабыт. Кинилэр сүргэлэрэ уратытык көтөҕүллэн, ис сүрэхтэриттэн долгуйан туран хас биирдии ытык кырдьаҕаһы эҕэрдэлээтилэр.
Быйыл, коронавирус дьаҥыттан, биһиги бэтэрээннэрбитин ыам ыйын 9 күнүгэр параадка кыайан эҕэрдэлээбэппит. Ол гынан баран, бу дьаҥ-дьаһах этэҥҥэ аастаҕына, хайаан даҕаны эҕэрдэлиэхпит. Биһиги хас биирдии ытык кырдьаҕаспытыгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан тураммыт ис сүрэхтэн тахсар махтал тылларбытын аныыбыт, этэҥҥэ сылдьалларыгар баҕарабыт. Тапталбыт, кыһамньыбыт кинилэри өрүү арыаллыаҕа.
Маны сэргэ, Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин биир идэлээх сойуустарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Олег Романов салалтатынан, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбит дьонноругар — тыыл бэтэрээннэригэр истиҥ эҕэрдэлэр этилиннилэр, өйдүү-саныы сылдьарга бэлэхтэр туттарылыннылар.
Аахсыйа чэрчитинэн бу тэрээһиҥҥэ уопсайа 110 киһи хабылынна. Барыларыгар туох баар үтүө тыллар суруллубут эҕэрдэ аккырыыккалара тиэрдилиннилэр. Сахабыт сирин бэтэрээннэригэр Дойдуга бэриниилээх уонна эр санаалаах, хорсун буолуу үтүө холобурдарынан буолаҕыт диэн туран барҕа махталбытын тиэрдэбит, — диэтэ уонна үтүө санаа аахсыйатыгар көмөлөспүт Мамедов Алиш Забид-оглыга уонна Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин кэлэктиибигэр махталын тиэртэ.