75 сыл буолан баран, булчут оҕолор көһүннүлэр

Ааптар: 
31.01.2020
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ Дьокуускай куорат Саха политехническай лицейин 7 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ Алиссия Петрова уонна Даша Окорокова ыҥырыы таһаарбыттара.

edersaas.ru

 Ыҥырыыга маннык этиллэр: “Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Улуу Кыайыы 75 сыла туолуутун бэлиэтиир күн чугаһаан иһэр. Бэлиэ үбүлүөйдээх кэм олус эппиэтинэстээх, онон бу тэрээһини үрдүк таһымҥа, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытар инниттэн бары бииргэ сомоҕолоһон бэлэмнэниэхпитин наада. Биһиги, киин куораттааҕы Саха политехническай лицей 7 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ, интэриниэти хасыһа олорон, “Дружные ребята” диэн сурунаал матырыйаалын булан ыллыбыт (1945 с.,  ыам ыйынааҕы уонна бэс ыйынааҕы 5,6 №-дэр).

Ол онно “Кыайыылаахтар” диэн эдэр булчуттар Бүтүн Сойуустааҕы куонкурустарыгар анаммыт иһитиннэрии баар эбит. 1944-1945 сылларга кыһын дойду бары муннуктарыттан оскуола оҕолоро Кыайыыны уһансан, 2,5 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа күндү түүлээҕи бултаан туттарбыттарын туһунан суруллубут.

Ол кыайыылаах 50 оҕо иһигэр Саха сириттэн  16 оҕо баарын булан ыллыбыт! Биһиги бу оҕолор ааттарын ааттаан туран, кинилэр бэйэлэрин эбэтэр чугас аймахтарын булуохпутун баҕарабыт. Кинилэр тустарынан матырыйааллары хомуйан, электроннай альбом оҥороору гынабыт. Оччотугар бу матырыйаалы мусуойдарга уонна бибилэтиэкэлэргэ матырыйаал быһыытынан туһаныахтарын сөп. Хомойуох иһин, оҕолор улуустара, нэһилиэктэрэ ыйыллыбатах.

Кыайыыны уһансыбыт оҕолор ааттара бу баар: Александр Кордышев, Чолбон Калинов, Степан Габышев, Тихон Кульбертинов, Егор Николаев, Федор Басыгысов, Аксинья Попова, Федор Травкин, Валентин Петров, Захар Павлов, Сергей Яковлев, Моисей Иванов, Христофор Данилов, Семен Иванов, Михаил  Иванов, Анна Иванова.

Биһигини кытта билсиэн баҕалаахтар: 89246614686 эрийиҥ. Электроннай аадырыспыт: alissa24.06@mail.ru”.

Ыйыллыбыт төлөпүөнүнэн билсэн, кыргыттары булан кэпсэттим.

Учуутал сорудаҕа “уһугуннарбыт”

— Кыргыттар, туох санааттан бу көрдүүр үлэ саҕаламмытай?

— Сэтинньигэ оскуолабытыгар Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах кыраайы үөрэтиигэ көрдүүр-чинчийэр үлэни ыытыыга кэмпириэнсийэ буолбута. Онно кылааспыт салайааччыта биһиэхэ матырыйаал булан кыттарбытыгар сорудах биэрбитэ. Биһиги интэриниэккэ көрдүү олорон, Севастополь куорат олохтооҕо Ситим Лисагор диэн Нахимовскай байыаннай училище үөрэнээччитин ыҥырыы суругун булан ылбыппыт.  Ол суругу ааҕан баран, биһиги оскуолатааҕы кэмпириэнсийэбитигэр “Эдэр булчуттар сэрии саҕана диэн”  дакылаат оҥорорго санаммыппыт. Өрөспүүбүлүкэ пионердара Улуу Кыайыыга бэйэлэрин оҕолуу сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрин туһунан элбэҕи биллибит.

Ордук булчут оҕолорго сыһыаннаах матырыйааллары көрдөөн буллубут. Ол курдук, оҕолор үүнээйигэ улахан хоромньуну оҥорор кэрбээччилэри бултаспыттар. Аны моҕотой, күтэр, дьабарааскы тириилэрин судаарыстыбаҕа түүлээх быhыытынан туттараллар эбит. Ыҥырыыбытыгар суруйбуппут курдук, “Дружные ребята” сурунаалга суруллубут куонкуруска кыттыбыт 50 булчут оҕоттон Саха сириттэн сылдьар 16 оҕо кыайыы өрөгөйүн билбит. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр ССРС соҕотуопкаҕа наркомун «Туйгун булчут» значогун уонна бириэмийэ быһыытынан ботуруоннаах саалары ыыппыттар.

Биһиги бу хомуйбут матырыйаалбытынан Кыайыы күнүн көрсө электроннай альбом оҥоруохпут.

Дьоруойдар көһүннүлэр!

 Алиссия Петрова уонна Даша Окорокова сэрии сылларыгар бултаабыт оҕолор тустарынан батсаапка суруйбут суруктарын көрөн баран, үгүс киһи кинилэргэ сибээскэ тахсыбыт. Мин кыргыттар биэрбит төлөпүөннэригэр эрийэн, ол дьону кытта кэпсэтэ сырыттым.

Галина СТРУЧКОВА (НИКОЛАЕВА), Амма сэлиэнньэтин, Амма улууһун  олохтооҕо:

— Мин аҕам булчут оҕолор испииһэктэригэр “Николаев Егор” диэн сылдьар. Алдан оройуонуттан төрүттээх. Аҕата көрбөт буолан, уолун олох кыра сааһыттан булка сыһыаран үөрэппит. Аҕабыт кадровай булчут этэ. Амма Болугуругар аҕабыт 95 саастаах эдьиийэ олорор. Кини кэпсээнинэн, быраата 15 саастааҕар сэрии сылларыгар судаарыстыбаҕа элбэх  кыыл этин туттарбытыгар диэн Москваттан бултуур саа ыыппыттар. Эҕэрдэ сурукка Кириэмил тойотторо олороллоро үһү. Кинилэр илии баттааһыннаах суругу көрөн баран, аҕабыт наһаа үөрбүтэ үһү. Сурунаалга аата киирбитин олох да билбэт этэ. Биһиги батсаапка оҕолор суруктарын көрөн баран эрэ билбиппит. Билэр дьон “ити эһиги аҕаҕыт” диэбиттэригэр.

Валерий КУЛЬБЕРТИНОВ, Сулҕаччы нэһилиэгин, Амма улууһун олохтооҕо:

— Аҕам Тихон Кульбертинов туох да докумуона суох буолан, кини туһунан тугу да билбэппин. Ыарахан дьылҕалаах киһи эбит. Сэрии саҕана булчутунан сылдьыбыт. 1947 сыллаахха таһаҕас тиэйээччи табаһыт быһыытынан, Өлөөнтөн таба үүрэн аҕалбыттар. Аны ол табалартан сорохторо дойдуларыгар төннөөрү, күрээн хаалбыттар. Онон таба итэҕэстэнэн, аҕабытын хаайыыга уган кэбиспиттэр. Кэлин дьонугар “маска баттатан өллө” диэн сурук кэлбит. Мин аҕабын урут үлэлээбит сирдэринэн, хаайыынан көрдүү сатаабытым да булбатаҕым. Ити сурунаалга наҕараадаламмыт булчут оҕолор истэригэр кини аата баарын былырыын “Байанай” сурунаалга тахсыбытыттан билбитим. Онно “Кульбердинов” диэн суруллубут этэ. Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтиибит да, аҕабыт аатын дорҕоонноохтук быйыл эрэ ааттаатыбыт. Ити сурунаалга киирбит оҕолор, төһө да саастара кыратын иһин, номнуо уопуттаах булчуттар этэ. Оннооҕор биһиги, эйэлээх кэм оҕолоро,  9 сааспытыгар диэри ыстаада олоҕун билбит, булт абылаҥын билбит дьон буоллахпыт. Оттон сэрии оҕолоро улахан киһи курдук толкуйдаах буоллахтара. Даша Окороковаҕа уонна Алиссия Петроваҕа аҕам аатын ааттаппыттарыгар махталым муҥура суох.

“Оҕолор суолталаах дьыалаҕа ылыстылар…”

Людмила ФЕДОТОВА, Өлүөхүмэ улууһун Киндигиир оскуолатын бибилэтиэкэрэ:

— Мин кыргыттар ыҥырыыларын батсаапка ааҕаат, интэриэһиргээбитим. Биһиги нэһиэлиэкпит дьоннорун ааттара бааллар этэ. Чолбон Калинов — элбэх оҕолоох аҕа. Кини оҕолоро кыргыттары кытта тута сибээстэспиттэрэ. Дьиктитэ баара, аҕаларын 40-c сыллардааҕы кыраамататын билиҥҥэ диэри харайан уура сылдьаллар эбит.

Габышев Степан эмиэ биһиги нэһилиэкпит киһитэ. “Александр Кордышев” диэн, арааһа, Александр Карташову эппиттэр быһыылаах. Сэрии саҕана манна олоро сылдьыбыта үһү.

Оҕолор олус суолталаах дьыалаҕа ылыстылар. 75 сыл буолан баран,  биһиги аттыбытыгар баар дьоммут туһунан Кыайыыны уһансыбыттарын билэн соһуйдубут да, үөрдүбүт да.

 

Мария ДАВЛЕТОВА, Дьокуускай куорат Саха политехническай лицейин 7 «а» кылааһын салайааччыта:

Алиссия Петрова уонна Даша Окорокова урут “сэрии”, “Кыайыы” диэн тыллары истэн эрэ аһарар буоллахтарына, билигин бу тиэмэни кылаас чааһыгар таарыйдахха, бэркэ интэриэһиргээн олорон истэллэр, кэпсэтиигэ санааларын атастаһаллар. Учууталлар  “кыргыттар үөрэхтэригэр кытта биллэ тубустулар” диэн бэлиэтииллэр. Бу үлэлэринэн кыргыттарым Чурапчыга ыытыллар “Павловскай  ааҕыыларга” кыттаары сылдьаллар. Аны бу кыраайы үөрэтии үлэлэрин Вернандскай аатынан куонкуруска ыыппыппыт. Иккис тууру аастахтарына, Москваҕа барыахтаахтар.

… Ити курдук, оскуола оҕолоро Алиссия Петрова уонна Даша Окорокова учууталларын уонна төрөппүттэрин өйөбүллэринэн олус наадалаах дьыалаҕа ылсан, 75 сыл устата биллибэккэ сылдьыбыт булчут оҕолор тустарынан матырыйаалы үөрэтэн , өрөспүүбүлүкэҕэ улахан кэпсэтиини таһаардылар.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0