75 нэһилиэккэ оптоволокно киирдэ

25.01.2017
Бөлөххө киир:

Сибээс миниистирэ Александр Борисов бүгүн министиэристибэ отчуотугар иһитиннэрбитинэн, билигин 75 нэһилиэнньэлээх пуун оптоволокно ситимигэр холбонон олорор. Быйыл өссө Аллараа Бэстээхтэн Магадаҥҥа, Аллараа Куранахтан Өлүөхүмэнэн Ленскэйинэн Мирнэйгэ, Дьокуускайтан Бэрдьигэстээҕинэн Бүлүүнэн Үөһээ Бүлүүгэ, Төҥүлүттэн Бүтэйдээххэ, Чернышевскайтан Айхалынан Удачнайга диэри ситими киллэрии барыаҕа.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Өскөтүн 2015 с. нэһилиэнньэ 35,5 % оптоволокно ситимигэр холбоммут буоллаҕына, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн бу көрдөрүү 59,8 % аспыт сылга 31 нэһилиэнньэлээх пуун эбии холбонно, 721 км оптическэй-оптоволоконнай ситим тардылынна) тэҥнэстэ. Кэнники сыллартан бэттэх өрөспүүбүлүкэҕэ, уопсайа, 3821 км оптоволокно ситимэ тардылынна.

Онон оптоволокно билигин Дьокуускайга, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Покровскайга, Бороҕоҥҥо, Чурапчыга, Тааттаҕа, Хаандыгаҕа, о.д.а. киирэн, нэһилиэнньэ түргэн-тарҕан интэриниэтинэн туһанан олорор. «Оптика» сир аннынан ааһар. Ол эрээри сорох сирдэргэ оптоволокнону киллэрэр хампаанньалар быстах кэмҥэ туһаныллар ситими тартылар. Холобур, Аллараа Бэстээхтэн Нуораҕананан Чурапчыга, Хаандыгаттан Теплай Ключка диэри тардыллыбыт ситимнэр быстах кэмҥэ үлэлииллэр. Ол эрээри, миниистир этэринэн, бу ситимнэр сибээһи биэриилэринэн туох да уратыта суохтар. Арай сыаналарынан араастаһаллар.

Элбэх ханааллаах интэриниэт ситимэ билигин 512 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа баар. Ол эбэтэр, нэһилиэнньэ 99,3 % хабар. Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, 2015 с. 426 нэһилиэнньэлээх пуун холбоммут эбит буоллаҕына, былырыын онно эбии 86 бөһүөлэк холбоммута. Александр Борисов этэринэн, манна субсидия көрүллэн нэһилиэктэр интэриниэт ситимигэр холбонуулара түргэтээбит. Онон нэһилиэнньэ интэриниэккэ хааччаҕа суох киирэр кыахтанна.

Оттон хотугу уонна арктика улуустарын туһунан эттэххэ, нэһилиэнньэ 99,6 % хабыллыбыт. Барыта 91 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа  киирбит.

Оптоволокнону тута кэлбит хампаанньалар ситими көрүүгэ-харайыыга эмиэ ылсан эрэллэр. Холобур, «Импульс» хампаанньа, миэстэтигэр исписэлиистэри үөрэттэрэн, оптоволокно ситимин көрүүгэ-харайыыга сыһыарар санаалаах. Ити эмиэ эбии үлэ миэстэтин таһаарыаҕа.

Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Егор Борисов ааспыт нэдиэлэҕэ баһылыктары кытары көрсүһүүтүгэр, «Газпром» хампаанньа спутнигын сибээһигэр холбонуу силигин ситэн эрэрин туһунан иһитиннэрбитэ. Оччотугар оптоволокно (айан суолун кыйа тутуллар буолан, суоллаах-иистээх сирдэргэ эрэ тиийэр) кыайан тиийбэтэх нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олохтоохтор спутник нөҥүө түргэн-тарҕан интэриниэтинэн туһанар буолуохтара. Бу маны Сибээс министиэристибэтэ сүрүннээн, икки сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ киллэриэҕэ.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0