70 тыһыынчаттан тахса киһи куоластаата

Бөлөххө киир:

2023 сылга оҥоһуллуохтаах, олорор сири тупсарыы эбийиэктэрин талыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы онлайн-куоластааһын түмүктэннэ. Саха сирин 70 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо  куоластаан, олорор сирдэрэ – куораттара, сэлиэнньэлэрэ тупсаҕа көстүүлээх, табыгастаах буоларын туһугар кыһаналларын биллэрдилэр.

Быйыл Саха сирэ 17 улууска 40 эбийиэги тупсарыыга сайаапкаласта. Түмүгү РФ тутууга министиэристибэтэ бэс ыйыгар таһаарыаҕа.

Кэлэр түһүмэҕинэн 2023 сылга «Формирование современной городской среды на территории Республики Саха (Якутия)» бырагрыаамаҕа киллэрэргэ бырайыактар куонкурустара буолар. Сайаапканы хомуйан баран, өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа үлэлиэҕэ. Манна бырайыак-симиэтэ докумуоннара баалларын таһынан, дьон көхтөөхтүк куоластаабыта эмиэ улахан оруоллаах. Онон сайын субсидияны кимнээх ылаллара биллиэҕэ.

Кыайбыт сэлиэнньэлэргэ, куораттарга болуоссаттар, сквердэр, сынньанар сирдэр тутуллуохтара, уулуссалар, тротуардар оҥоһуллуохтара, тупсаҕай көстүүлэниэхтэрэ. Дьэ, үчүгэй да буолуо!

Бүтүн Арассыыйатааҕы онлайн-куоластааһын “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак “Табыгастаах куорат эйгэтин оҥоруу” федеральнай бырайыагын чэрчитинэн, муус устар 15 күнүттэн ыам ыйын 30 күнүгэр диэри ыытыллыбыта.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0