Бу сыл бүтүөр диэри 7%-наах ипотека Уһук Илин регионугар олоххо киириэҕин туһунан Арассыыйа Уһук Илини сайыннарыыга миниистирэ Александр Галушка иһитиннэрдэ. Миниистир этиитин «РИА Недвижимость» тарҕатта.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru/
Чэпчэтиилээх ипотеканан Уһук Илин региоҥҥа саҥа тутулла турар дьиэлэртэн кыбартыыра атыылаһааччылар туһаныахтара. Чунуобунньук этэринэн, бу бырайыак оҕо төрөөһүнэ уонна нэһилиэнньэ ахсаана элбииригэр төһүү күүһүнэн буолуоҕа.
Усулуобуйа
Чэпчэтиилээх кирэдьиит саҥа тутулла турар дьиэҕэ эрэ бэриллиэҕэ. Бырагыраама үлэлээтэҕинэ, 7%-наах кирэдьиитинэн Приморскай, Камчатка, Хабаровскай кыраай, Чукотка, Еврейскэй автономной уобалас, Саха Өрөспүүбүлүкэтин итиэннэ Амурскай, Магадан уонна Сахалин уобалаһын олохтоохторо туһанар кыахтаныахтара.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru/
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1