6601 дьиэ кэргэн социальнай хантараагынан туһанна

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит, үлэтэ суох дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах социальнай хантараак бырагыраамата 2010 сылтан үлэлиир.

— 2021 сылга социальнай хантараак бырагырааматыгар 607 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Бу бырагыраама көмөтүнэн үлэ булуохха, бэйэ дьыалатын арыныахха, кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниэххэ, тиэхиньикэ атыылаһыахха, атын идэҕэ үөрэниэххэ сөп. 2020 сылга маннык көмөнү 6601 кыаммат дьиэ кэргэн ылбыта, манна 300 мөлүйүөн кэриҥэ үп көрүллүбүтэ, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова этэр.

Бэйэ дьыалатын арынарга, эбэтэр кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ анаан ортотунан 188 тыһыынча солкуобайы, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга 14,8 тыһыынча солкуобайы биэрэллэр. Быйыл үбүлээһин улаатан, өссө элбэх хантараак түһэрсиллэрэ күүтүллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0